Тохсунньу 1 күнүттэн тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа дьаһал олоххо киирэр

Бөлөххө киир:

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр эттэ.

— Тыа хаһаайыстыбатын туһунан этинэр киһи элбэх. Хайдах ынаҕы ыыры, хайдах оттууру, хайдах тыа сирин сайыннарары бары билэр аатыраллар. Онон миэхэ биир ыйытыы үөскүүр — тоҕо 30 сыл устата тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта таҥнары түспүтэй? Быйыл сүөһү ахсаана саҥардыы элбээтэ, аан бастаан Сойуус эстибитин кэннэ. Урут да үтүмэн харчы көрүллэрэ, элбэх санаа этиллэрэ, оттон көрдөрүүбүт ханна баарый? Сүөһү ахсаана элбиэхтээх этэ, үүт туттарыыта улаатыахтаах этэ… Ол аата тугу эрэ сыыһа дьаһаныы барбыт.

Бу сылга үүтү тутарга 2 миллиард 800 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт буоллаҕына, эһиил 4 миллиард 115 мөлүйүөн (40% элбэх) үп көрүллүөҕэ. Бу маны барытын сүөһүлээх, тыа сиригэр олорор дьон ылыахтара.

Сорох дьон ыйытар: «Мин 800-900 лиитирэ үүтү туттарар этим, онтукабын ханна гынабын?» — диэн. Оттон кэтэх сүөһүлээх дьон кэпэрэтииптэргэ түмсэригэр туох да мэһэйдээбэт ээ. Олохтоох дьаһалта итиннэ көмөлөһүөхтээх. Хас да баһылык миэхэ, үүтү нэһилиэнньэттэн бэйэлэрин үптэринэн лиитирэтин 20-30 солкуобайга тутарга бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. Оччоҕуна, холобура, сүөһүлээх киһи хас биирдии ыанар ынаҕар 35 тыһыынчаны ылар буолар уонна эбии үүтүгэр 20-30 солкуобайы. Түмүгэр сүөһүлээх дьон киһи мыыммат дохуоттанар.

Бу дьаһал 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр. Кыра сыыһалар баар буоллахтарына – көннөрүөхпүт. Мин санаабар, дьон элбэх харчыны ылар буоллаҕына, ким да саҥаны утарыа суоҕа.

Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0