2016 сыл бэс ыйын 23 күнүнээҕи 214 №-дээх федеральнай сокуон быһыытынан, страховканы оҥорор хампаанньалартан тимир көлөлөөхтөр страховой эппиэтинэс дуогабарын полиһын (ОСАГО) электроннай сайт нөҥүө оҥорторуохтара.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Маны оҥорторорго страховой хампаанньалар официальнай сайтарыгар киирэн сайабылыанньа суруллар уонна страховой бириэмийэ харчытын баан каартатыттан, анал электроннай ситим уонна Интернер-баан көмөтүнэн төлөнүллэр. Ити төлөбүр көрүҥнэриттэн страховой хампаанньаҕа хайалара эрэ баар буолуохтаах.
Өрөспүүбүлүкэ страховой хампаанньаларыттан Уһук Илиҥҥи уокурукка биллэр-көстөр «Стерх» страховой хампаанньа бу электроннай полиһы оҥорууну олоххо хайдах киллэрэн эрэрин туһунан генеральнай дириэктэри 1-кы солбуйааччы Иван Сидоровтан ыйыталастыбыт.
– Тимир көлөҕө ОСАГО-ны оҥорууга «Стерх» хампаанньа Россиятааҕы тимир көлөнү страховкалыыр сойууска чилиэн быһыытынан баарбыт. Сойуус ирдэбиллэригэр толору эппиэттиибит. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн анал электроннай полиһы биэриини саҕалыахпыт. Биһиги хампаанньабыт итини техническэй өттүнэн оҥорорго толору бэлэм.
Ол курдук, тимир көлөтүн страховкалатыан баҕарар киһи «Стерх» хампаанньа сайтыгар тус кэбиниэт киирэн регистрацияланар. Салгыы страховкалатарын туһунан сайабылыанньа суруйар.
Манна техническэй өттүнэн мэһэй баар буолуон сөп. Холобур, тимир көлө техническэй пааспарын нүөмэрин сыыһа суруйан кэбистэхтэринэ, электроннай полис кыайан оҥоһуллубат. Аны туран, хас биирдии килийиэн СТБ-ны (суол-транспорт быһылаана) таһаарбакка сылдьыбыт буоллаҕына, эһиилигэр төлөбүргэ чэпчэтиинэн туһанар (бонус). Тимир көлө дааннайа, суол быһылааныгар түбэспэтэҕэ Россиятааҕы тимир көлөнү страховкалыыр сойуус базатыгар тиһиллэн иһэр. Бу дааннай тимир көлөлөөх киһи суруйбут сайабылыанньатын кытта бэрэбиэркэлэнэр. Сыыһа суруйдахха, ол сойуус дааннайыгар сөп түбэспэккэ, электроннай полис оҥоһуллуо суоҕун сөп.
Сайабылыанньа оҥоһуллаатын кытта страховой усунуоһу төлүүр туһунан иһитиннэрии кэлэр. Хамнас каартатыттан «онлайн» өҥөнү туһанан төлөнүллүбүтүн кэнниттэн кини дааннайа базаҕа киирэр уонна электроннай аадырыһыгар «Эһиги страховкаланныгыт, полискыт нүөмэрэ маннык» диэн ис хоһоонноох иһитиннэриини тутар уонна анал нүөмэрдээх буолар. Ол нүөмэри ГАИ үлэһиттэригэр көрдөрөр. Кинилэр ол анал нүөмэринэн Россиятааҕы тимир көлөнү страховкалыыр сойуус базатыгар киирэн, тимир көлө хаһаайына страховкаламмытын-страховкаламматаҕын көрөллөр. Ити анал иһитиннэриини кумааҕыга бэчээттээн таһаарыахха эбэтэр суотабай төлөпүөҥҥэ уган илдьэ сылдьан, ГАИ үлэһиттэригэр көрдөрүөххэ сөп.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/