Саҥа сылы хайдах көрсөҕүн да, үүнэр сылыҥ эмиэ оннук ааһар диэн этиини итэҕэйэр киһи элбэх. Сорохтор тохсунньу 1 күнүгэр тутуһар бэлиэлэрдээхтэр. Ханныктарый?
Сыл бастакы күнүгэр ханнык бэлиэ баарый?
— Сыл бастакы күнүгэр сынньаныҥ, үөрүҥ-көтүҥ диэн сүбэлииллэр.
— Атыыһыттары бу күн бастакы атыылаһааччыга ботуччу чэпчэтиитэ оҥоруҥ, табаарыҥ атыыга хото бардаҕына сылыҥ табыллыаҕа дииллэр.
— Тохсунньу 1 күнэ – от ыйын 1 күнүн батыһар.
— Саҥа дьыл түүн элбэх сулус көстөр буоллаҕына, отон дэлэйдик үүнэрин билгэтэ.
— Тохсунньу 1 күнүгэр төрөөбүттэр күүстээх санаалаах, хорсун дьон буолаллар.
Сыл бастакы күнүгэр туох көҥүллэммэтий?
— Сыл бастакы күнүгэр сорох дьон дьиэҕэ үлэлиир көҥүллэммэт, сылгын олоччу үлэҕэ атаарыаҥ, уустук буолуо дииллэр эбит.
— Тохсунньу 1 күнүгэр дьиэттэн бөҕү таһаарыллыбат, саҥа сылы кытта кэлэн эрэр дьолгун үргүтүөҥ дииллэр.
— Сылы эргиччи иэскэ сылдьыбат туһугар бу күн букатын иэс ылыма диэн этэллэр.
— Тохсунньу 1 күнүгэр тимэх тиктэр көҥүллэммэт эбит. Маны саҥа сылга ааспыт сыллааҕы үчүгэйэ суох быһыы кэлсибэтин диэн тутуһаллар.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хартыына: newsbryansk.ru