Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Варя Аманатова-Алаас кыыһа 25 сыллаах айар үлэтинэн, көрөөччүлэригэр икки үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтэ.
edersaas.ru
Бастатан туран, кулун тутар 9 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар “Үс кутум” диэн икки кэнсиэркэ кини талааныгар сүгүрүйээччилэр саала иһигэр “лыык” курдук муһуннулар.
Алгыс туомун алгысчыт Александр Артемьев-Кулан оҥордо. Өбүгэ төрүт кутун илдьэ сылдьар ырыаһыт айар киэһэтин, кэнсиэр аата да этэрин курдук, “Үс кутум” ырыанан саҕалаата.
Мүрү нэһилиэгин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Варя Аманатоваҕа СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев саха төрүт култууратын тарҕатарын, эстрадаҕа ураты майгыннаах этническэй көстүүнү киллэрэрин иһин, Махтал суругу туттарда.
Хас биирдии саха киһитэ “Алаас кыыһа” диэн тылы иһиттэҕинэ, Варя Аманатованы кытары саха алааһын, сибэккилээх кырдалы, кылыһахтаах куоластаах саха нарын кыыһын хараҕар көрөр буолуохтаах. Ол да курдук, “Айан киһитэ”, “Мүрү эбэм үрдүнэн”, “Кырдал кыыһа”, “Сир симэҕэ сибэккилэр”, “Кыталыктаах кырдалларбар”, “Туйаарыма Куо” уо.д.а. ырыалар толорулуннулар. “Кыл саха” уонна “Дорҕоон дойду” бөлөхтөр добун-дорҕоонноро, мэлдьи да буоларын курдук, хас биирдии ырыаны-тойугу байытан, дириҥэтэн биэрдилэр.
Ырыаһыт айар үлэтигэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолар махталлаах дьонугар сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунна.
Иккис түгэн
Варя Аманатова саха эстрадатын аан маҥнайгынан Бурятия Өрөспүүбүлүкэтигэр “Белый месяц” эстрада ырыаһыттарын бэстибээлигэр билиһиннэрбит уонна лауреат үрдүк аатын ылан кэлбит бастакы ырыаһытынан буолар. Ити бэстибээлгэ кыттыаҕыттан кинини атын омуктар билиммиттэрэ, таптаабыттара, “Кып-кырачаан бэйэтэ, хантан кутуллар күүстээх куоластааҕый?” – диэн дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Бэстибээлгэ билсибит, сүбэ-ама буолбут, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара Нонна уонна Зоригто Тогочиевтары кытары күн бүгүҥҥэ диэри быстыспат ситимнээхтэр, чугас доҕордуулар. Кинилэр бүгүн Варяны эҕэрдэлии күндү ыалдьыт буолан ыҥырыллан кэлбиттэр. Алаас кыыһа үбүлүөйдээх кэнсиэригэр Зоригто Тогочиев буряттыы ырыаларын сэргэ, эмиэ чугас доҕордоро Павел Семенов-Байбал “Махтанабын” ырыатын сахалыы толорон, көрөөччүлэр куттарын тутта.
Оттон Варя Аманатова кулун тутар 12 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Тогочиевтар айар үлэлэрин 20 сылыгар анаммыт кэнсиэртэригэр кытынна. Бурятияҕа киэҥник сураҕырар дуэт быйылгы үбүлүөйдээх кэнсиэригэр уонунан сыллар тухары доҕордоһор артыыстара эҕэрдэлээтилэр. Ол курдук, Саха сирин эстрадатын ырыаһыттара Наталья Кривошапкина-Далаана, Варя Ларионова-Ый кыыһа, Валентина Романова-Чыскыырай, Александр Дьячковскай-Саарын, Байбал Семенов кыттыһан, Саха сирин уонна Бурятия эстрадаларын чаҕылхай сулуһун уматтылар.
Нонна уонна Зоригто Токочиевтар Саха сиригэр олорор биир дойдулаахтарыгар уонна өрөспүүбүлүкэ көрөөччүлэригэр анаабыт кэнсиэртэрин Варя Аманатова репертуарыттан “Мин ийэм” ырыаны үһүөн толорон түмүктээбиттэрэ Алаас кыыһыгар уостубат тапталларын, билиниилэрин бэлиэтинэн буолла.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Хаартыскалар В.Аманатова архыыбыттан