Тобуруокапка «Ырыа кэһиилээх тиийдим»

13.09.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл балаҕан ыйын маҥнайгы күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар «Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнэ» V түһүлгэҕэ, мэлдьи буоларын курдук, элбэх ыалдьыт кытынна.

edersaas.ru

Маннык тэрээһиҥҥэ иккис сылын сылдьар хоһоонньут, мелодист Лилия Санникова быйылгы сырыытын туһунан астына кэпсээтэ:

– Таптыыр, ытыктыыр суруйааччыбыт Петр Тобуруокап 100 сааһыгар аналлаах көмүс күһүн тэрээһинтэн олус астынан, дуоһуйан кэллим.

Көмүс күһүн… үтүө да кэм, кэрэ да түгэн.
Сылы быһа ыра санаа оҥостон долгуйа күүппүт «Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнэ» номнуо тиийэн кэллэ.
Былырыын балаҕан ыйын 4-5 күннэригэр ыытыллыбыт «көмүс күһүҥҥэ» «Айар Кут» литэрэтииринэй түмсүүнү кытары барсан кэлбитим. Хоһоон арааһын ааҕан, атын хоһоонньуттары истэн, собо миинин буһарар күрэххэ кыттан астынан, тыыммытын таһааран кэлбиппит. «Айар куттар, эһиил эмиэ кэлээриҥ » – диэн тэрийээччи, суруйааччы Дмитрий Наумов атаара туран барыбытын ыҥырбыта.

ххх

Быйыл эрдэттэн сүбэлэһэн, Галина Басылайканова—Кэнтик Кыыһа көҕүлээн, биир формаланан, футболкабытыгар «Айар Кут» диэн суруйтаран, ох курдук оҥостон, үс массыынанан уһун айаҥҥа туруннубут. Бу сырыыны уһун сылы быһа кэтэспит буолан, бары да испитигэр долгуйабыт, үөрүүбүт уон оччо.

Быйыл «Айар Кут» түмсүү хоһоонньуттара, 14 киһи, «Офсет» издательствоҕа кинигэ таһаартарбыт, онон айаҥҥа улахан кэһиилээх  туруннулар. Саамай улахан ситиһиилээх, үгүөрү «кэһиилээх» киһибитинэн Валерий Никифоров—Суор Уола буолла. Кини Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолан, үөрүүтэ үс бүк үрдээтэ. Бары кинини эҕэрдэлээтибит. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн киирбит туоһу киниискэтин уонна значогун Үөһээ Бүлүү дьаһалтата туттарыахтаах.

Үөһээ Бүлүүгэ түүн 11-12 ч. диэки тиийдибит. Бэйэбит киһибит, «Айар кут» чилиэнэ Валерий Васильев—Муттуххай Бороҥ техникум уопсайын кэпсэтэн, аанын астаран икки этээһинэн хос бэлэмнэтэн кэтэһэн сылдьар эбит. Айаннаан сылайан кэлбит дьон онтон олус да үөрдүбүт. Үс массыына дьоно (ол иһигэр, Нам улууһуттан «Отуу уоттара» литэрэтииринэй түмсүүлэр) бу уопсай дьиэҕэ түһэн утуйан, сынньанан турдубут.

Сарсыарда остолобуойга тахсан, итии ас аһаатыбыт, чэйдээтибит уонна оптуобуска олорсон Нам с. П. Тобуруокап мусуой дьиэтин түһүлгэтигэр тиийдибит.

ххх
Дмитрий Федосеевич барыбытын үөрэ-көтө көрүстэ, илии тутуһан дорооболосто. Тиийээт да олус элбэх дьон мустубутун, түһүлгэни толору хаамса сылдьалларын бэлиэтии көрдүбүт. Эмиэ былырыыҥҥы курдук, уһун аһыыр остуоллар тураллар, сылабаардаах чэй оргуйан буллугуруур, кутааҕа итии чэй, миин буһа тураллар. Олохтоох Далбар Хотуттар сахалыы ас арааһын астаан аҕалбыттар, остуолга хойуу сүөгэй иһит аайы ууруллубут.

П.Тобуруокап 100 сааһыгар аналлаах «көмүс күһүн» тэрээһиммит болдьоммут кэмигэр саҕаланна. Дмитрий Федосеевич киирии тылы эттэ, кэлбит дьону эҕэрдэлээтэ. Суруйааччылартан СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, бэйиэттэр Саргылана Гольдерова—Саргы Куо, Мэҥэ Хаҥаластан оҕо суруйааччыта Константин Сосин бааллар. Василий Пудович Харлампьев—Хара Лааҥкы кэргэнинээн икки күнү быһа бу тэрээһиҥҥэ сырыттылар. Киэһэ 5 чаас ааһыар диэри кэлбит дьон хоһоон түһүлгэтигэр айымньыбытын аахтыбыт, атыттары иһиттибит.

Константин Сосин салайааччылаах дэлэгээссийэ Мэҥэ Хаҥаластан «Таммахтар» улуустааҕы түмсүү аатыттан сценаҕа тахсан түмсүүбүт үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдибит, хоһоон аахтыбыт. Үөһээ Бүлүү олохтоох телевидениетыгар » Айар Кут» түмсүү кыра интервью биэрдибит.

ххх

Киэһээ Сэмэнэп Даркылааҕар П.Тобуруокап хоһоонноругар ырыа айааччылары истии түһүлгэтэ буолла. Саҥа оҥоһуллубут сценаҕа айар талааннаахтар бэйэлэрин ырыаларын уочаратынан тахсан ыллаан иһитиннэрдилэр. Дьэ, манна буолла – саамай долгутуулаах түгэн. Мин эмиэ икки ырыа кэһиилээх тиийбитим. Бэйэм хоһооммор «Бүлүү Эбэкэм» уонна П.Н.Тобуруокап «Алаас уҥуор» диэн киһи кутун тутар кэрэ хоһоонугар матыып суруйан, улахан сценаҕа сүүһүнэн киһи иннигэр аан бастаан тахсан ыллаатым. Соһуйуом иһин, ытыс тыаһа хабылла түстэ. Ырыаларбын ыллаан баран чэпчээтим, сылы быһа илдьэ сылдьыбыт иэйиибин тоҕу тэбээн таһаардым. Бу туһугар тугу да быраҕан туран ыраах турар Үөһээ Бүлүү улууһугар айаннаабытым таах хаалбата диэн астына санаатым. Ол быыһыгар «Таммахтар» эмиэ Бүлүү өрүс кытылыгар туран, олохтоох телевидениеҕэ хоһоон аахтыбыт. «Сэргэлээх уоттара» литэрэтииринэй түмсүү кыттыылаахтара  Жанна Иванова эдэр бэйиэт Ньургун Захаров  хоһоонун ырыа гынан, икки күн ыллаата. Олус иэйиилээх ырыа тахсыбыт.

ххх

Сарсыныгар эмиэ хоһоон ааҕыыта, истиитэ, хаартыскаҕа түһүү, саҥа билсиһиилэр буолан, бириэмэ биллибэккэ ааста.

Күнүс 12 чааска түөрт строкалаах хоһоону суруйууга күрэх биллэрилиннэ. Бу күрэххэ 96 киһи кытынна (былырыын 75 киһи). Быйыл «Көҥүл» диэн тиэмэ буоларын туһунан Саргылана Гольдерова—Саргы Куо биллэрдэ. Түмүккэ бастакы миэстэни СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Михаил Санников ылла. Иккис миэстэ диэн суох буолла, онон суруйааччылар биһирэбил бириистэригэр Үөһээ Бүлүү олохтооҕо, сааһын тухары бибилэтиэкэҕэ үлэлиир Наталья Кашлакова тигистэ. Манна даҕатан эттэххэ, былырыын бастакы миэстэни Мэхээс Семенов, суруйааччылар биһирэбил бириистэрин мин ылбыппыт.

Эбиэттэн киэһэ Нам нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр оҕоҕо аналлаах кинигэ быыстапката уонна оҕо суруйааччыларын кытта көрсүһүү буолла.  Константин Сосин эҕэрдэлээтэ.

Онтон «Таптыырга буруй суох» диэн П.Тобуруокап хоһооннорунан музыкальнай-поэтическай дьүһүйүүнү көрдүбүт. Мукучуттан сылдьар Аграфена Павлова—Арыппыана салайааччылаах «Кырдал» литэрэтииринэй түмсүү истиҥ-иһирэх хоһооннорунан дьүһүйэн, дьон болҕомтотун тарта. Саха дьоно ийэ тылбытын ис куппутугар бүөбэйдээн илдьэ сылдьар эбиппит. Хайа да кэмҥэ, түгэҥҥэ тылбыт сүтүө суоҕа диэн испэр долгуйа санаатым. Улахан суруйааччыларбыт этэн-тыынан хаалларбыттара өрүү тыыннаах буолуо.

Барар кэммит тирээн кэллэ, бары оптуобуспутугар олордубут. Дмитрий Федосеевич истиҥник илии тутуһан атаартаата, кэлэн кыттыыны ылбыппытыгар махтанна.

Аныгыскы «Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» көрсүөххэ диэри!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0