Бүгүҥҥүттэн Горнай улууһугар саха норуодунай учуутала М.А.Алексеев, биллиилээх бэйиэттэр П.Н.Тобуруокап, С.П. Данилов төрөөбүттэрэ 100 сылларыгар анаан тэрээһиннэр саҕаланнылар.
Бу тэрээһиннэргэ Горнайы кытары ыаллаһа олорор Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын дэлэгээссийэтэ кыттыыны ылар. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит дьону ахтан-санаан, оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар аһаҕас уруоктар, «төгүрүк остуоллар» тэриллэллэр. Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын салаатын начаалынньыга Спиридон Борбуев иһитиннэрбитинэн, «төгүрүк остуол» кэмигэр «Манчаары оонньууларын» тэрээһинигэр үөрэх эйгэтэ туох оруоллааҕын туһунан уопут атастаһыахтара. Ол курдук, Горнайга 2021 сылга «Манчаары оонньуулара» ыытыллыахтаах.
edersaas.ru