Тобуруокап түһүлгэтэ саҥа талааннары арыйар

25.10.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн — Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, прозаик, драматург, оҕо суруйааччыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Тобуруокап төрөөбүт күнэ.

Петр Николаевич төрөөбүт улууһугар «Тобуруокап көмүс күһүнэ» литературнай түһүлгэ ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл эмиэ Нам сиригэр кини поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр тоҕуоруһа мустуохтаахтара. Ол эрээри, биллэр төрүөтүнэн, хоруона хамсыгыттан сылтаан, эһиилги сылга көһөрүллүбүтэ. Мантан салгыы 2016 сыллаахха ыытыллыбыт “Тобуруокап көмүс күһүнүттэн” суруйууну ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.

edersaas.ru

Күһүммүт көмүс сэбирдэхтэринэн тэлибирии оонньуур, күн көмүс утаҕар таалалыыр  кэмигэр Дьокуускайтан  суруйааччылар бөлөхтөрө  Үөһээ Бүлүү улууһугар айаҥҥа турунна. Аара баран иһэн тохтоон аһыыр сирдэргэ сотору-сотору соһуччу  көрсүһүүлэр, батсаапка айар куттаахтар  бөлөхтөрүгэр эрэ билсэр дьоҥҥун илэ көрөн  саҥа аллайыы  айанньыттар настарыанньаларын көтөхтө.

Кинилэр бары балаҕан ыйын 3-4 күннэригэр  Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтигэр  төрдүс төгүлүн ыытыллар «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» айаннаан иһэллэр. Үксүлэрэ урукку көрсүһүүлэртэн  улаханнык астынан, иккистээн-үһүстээн баран эрэллэрин киэн тутта кэпсииллэр. Уһун айантан сылайбыттара да көстүбэт, харахтыын сырдаан, истиҥ мичээрдэрин бэйэ-бэйэлэригэр бэлэхтэһэллэр.

Онон, Бүөтүр Тобуруокап «көмүс күтүөтэ» Миитэрэй Наумов улуустааҕы бибилэтиэкэ ситимин кытары ыытар тэрээһиннэрэ номнуо дьоҥҥо-сэргэ биһирэппитин, улуус-улуус аайы үтүө сонун, суон сурах буолан тарҕаммытын Намҥа   тиийэ да иликпититтэн итэҕэйдибит. Ону быйылгы тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан «Сэргэлээх уоттара», «Айар кут», «Айар аартыктар», «Бүлүү саһарҕалара», Сунтаартан «Ньургуһун», Кэбээйиттэн «Кырдал», Мэҥэ Хаҥаластан «Таммахтар», Амматтан, Тааттаттан, Мииринэйтэн уо.д.а. араас түмсүүлэр айаннаан иһэллэрэ, кыттааччылар ахсааннара элбээн уонна географиялара кэҥээн иһэрэ  туоһулаата.

Суолбут хаһааҥҥытааҕар да тупсан, массыынабыт  сыыйыллан олорор. Айанныырбыт тухары салайааччыбыт, саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин төлөпүөнэ «умайан» олорор. Тэрийээччилэр ханна тиийбиппитин, хайдах айаннаан иһэрбитин сураһаллар, долгуйаллар. Күһүҥҥү боруҥуйга сирдэтэн, кулууп  дьиэтин буллубут.  Биһигини дьиэтигэр хонноруохтаах, нэһилиэк дьаһалтатын испэсэлииһэ Татьяна Игнатьева  эр дьоннорбутун олохтоох бэйиэт Василий Харлампьев-Хара Лааҥкы дьиэтигэр сирдээн илтэ. Биһиги Татьяна Ивановналыын өрдөөҕүттэн билэр дьон курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, сотору бэйэ дьоно буолан хааллыбыт. Ол тухары хаһаайкабыт суотабай уонна дьиэтээҕи төлөппүөнүгэр быыстала суох эппиэттиир.  Түүн үөһүн саҕана поруому туораабыт сунтаардары, атын да улуустары балыыһа уонна  Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум дьиэтигэр олохтуурга дьаһайда. Быһата, кини чуумпу, сылаас дьиэтэ  «Кириэмил ыстаабыгар» кубулуйда. Ити олорон, намнар «Тобуруокап күһүнүн» тэрийэргэ үөрүйэхтэммиттэрин, ыалдьыттары  үөрэ-көтө көрсөллөрүн истэн үөрдүбүт.

Бастакы күн

Сарсыардаттан Бүөтүр Тобуруокап олорбут дьиэтин тиэргэнигэр  дьон-сэргэ тоҕуоруста. Күммүт сайыҥҥылыы чаҕылыччы тыгар.  Саха тыллаах, поэзия дууһалаах киһи таптыыр бэйээтэ Бүөтүр Тобуруокап бүүһэ биһигини өртөн күүппүттүү эҕэрдэлии көрүстэ. Бүүскэ тиийэн, улуу бэйээккэ сүгүрүйэн ыллыбыт. Кини дьиэтин тиэргэнигэр  баар бибилэтиэкэни, мусуой-дьиэтин  көрдүбүт. Намнар таптыыр, ытыктыыр күтүөттэрэ, суруйааччы Миитэрэй Наумов мусуой хосторун, хас биирдии экспонатын, хаартыскатын устуоруйатын (көрдөөх да түгэннэри тумнубакка)  өйгө-санааҕа хатанан хаалардыы кэпсээтэ.

«Тобуруокап күһүнүн» үөрүүлээхтик аһыыга  Нам сэлиэнньэтин баһылыга Александр Кардашевскай: «Маннык үтүө-мааны киһи,  саха норуодунай  бэйиэтэ биһиэхэ олорон, бииргэ алтыһан ааспытынан киэн туттабыт. Бүөтүр Николаевич –  саха дьонун дьолугар төрөөбүт киһи. Кини  төрөөбөтөҕө буоллар, бу кэрэ бэлиэ тыллардаах айымньылара суох буолуо этилэр.  Кырдьаҕаспыт эһигини кытта тэҥҥэ үөрэр-көтөр, ол да иһин, бу кэмҥэ халлааммыт  наар чаҕылхай күннээх буолар», – диэн, айан ырааҕын аахсыбакка,  бэйиэт талааныгар сүгүрүйэ, хоһоон  хонуутугар хомоҕой хоһооннору айа-тута, ылбаҕай ырыаны ыллыы-туойа  кэлбит дьоҥҥо махтанна. Аан бастаан Тобуруокап бүүһүн иннигэр Дьокуускайтан кэлбит бэйиэттэр И.Мигалкин,  С. Спиридонова, А.Григорьева-Сандаарыйа, Н.Михалева-Сайа, М.Сэмэнэп, Татьяна Винокурова-Сабыйа, Любовь Горохова-Сүүмэх, З.Архипова, Г.Нельбисова  истиҥ  иэйиилэрэ, илби стээх тыллара  ыраас халлааҥҥа хоһоон буолан төлө көтөн таҕыстылар. Онтон «көҥүл микрофон» бэриллэн, ким баҕалаах туох да хааччаҕа суох бэйэлэрин билиһиннэрэ-билиһиннэрэ иккилии хоһоону аахтылар. Икки күн устата бу хоһооннорго төһөлөөх саха киһитин ис кутугар эрэ тууйулла сылдьыбыт кистэлэҥ иэйиилэрэ, хорсун санаалара бар дьон иннигэр иһиллибиттэрэ буолуой? Хоһоон анала итиннэ сыттаҕа.

Ити кэнниттэн «поэзияны сэргээбэттэр, хоһоону аахпаттар» диэн этиэн киһи тыла тахсыбат. Киһи кэрэхсиэҕэ – эдэр дьон элбэх. Малик Тойтонов, Ньургун Захаров, Лия, Толикис уо.д.а. саҥа ааттары арыйдыбыт, сэргии иһиттибит. Бэлиитик быһыытынан билэр киһибит, хоһоонньут, дэгэрэҥ ырыаҕа, көргө-күлүүгэ тэҥнээҕин булбат Михаил Санников-Уол Сарсын (көр-күлүү кэнсиэригэр Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыаларын толордо), бэйиэт Уйбаан Уххан, олимпийскай чөмпүйүөн Александр Иванов, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр быраас Рево Захаров  күндү ыалдьыт буолбуттара бу түһүлгэ ыраахтан-чугастан ыалдьыттары угуйар, түмэр түһүлгэ буолбутун көрдөрдө.

Дьокуускайтан кэлбит хоһоон айааччылар түмсүүлэрэ хоһоону ааҕыыга эрэ буолбакка, туох баар ыытыллар дьаһалларга түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн сэргии көрдүбүт. Киэһэ күн саҕахха саһыыта Бүлүү Эбэ биэрэгэр көмүс хатырыктааҕы  мииннээһиҥҥэ кинилэр бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, кутаа тула олорон хоһоон ааҕыытыгар, урукку-билиҥҥи ырыалары толорууга тэҥнээхтэрин булбатылар. «Көмүс күһүҥҥэ» үсүһүн кыттар ырыаһыт, мелодист Иван Аргунов кутаа тула толорон гитаранан ырыата эдэр сүрэхтэри эймэһиттэ, эдэр саас умнуллубат кэмнэрин санатта.

Тэрээһиннэр кэмнэригэр  СӨ Национальнай библиотекатын кыраайы үөрэтэр отделын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Сардаана Алексеева көргө-күлүүгэ анаммыт, 80-тан тахса кинигэлээх  быыстапката дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

Иккис күн

Тобуруокап түһүлгэтин иккис күнэ кыттааччыларга ордук долгутуулаах уонна күүтүүлээх  буолла. Бу күн саха норуодунай бэйээтэ Баһылай Сиипсэп эппит тиэмэтигэр – сарсыарданы хоһуйууга 4 строканан хоһоон айыыга куоталаһыы буолла. Бэриллибит тиэмэҕэ хоһуйуу куонкуруһугар 76 киһи  кытынна. Сорохтор бу тиэмэҕэ иккилии-үстүү хоһоону суруйан субуруттулар. Саргылаана Гольдерова эппитинии, сарсыарда – хас биирдии киһиэхэ күн аайы   айанныыр айаммыт саҕаланыыта.  Сарсыарданы  кэрэтик эрэ хоһуйуу  буолбакка, саха киһитэ бөлүһүөк буоларынан, бу баара-суоҕа түөрт строка нөҥүө киһи элбэҕи көрүөн сөбүн бигэргэппит биир бастыҥ хоһоон быһаарылынна. Ол кыайыылаах хоһоон ааптара –  «Кыым» хаһыат үлэһитэ  Мэхээс Сэмэнэп. 76 хоһоонтон талыллан кыайыы өрөгөйүн билбит Мэхээс Сэмэнэп Бүөтүр Тобуруокап пааматынньыгар хаартыскаҕа түһэр уонна кини хаартыската мусуой-дьиэтигэр кыайыылаахтарга анаммыт эркиҥҥэ сыһыарыллар чиэскэ тигистэ,  Наумовтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут бирииһинэн  наҕараадаланна.

Бүөтүр Тобуруокап саха литэрэтиигэр көрү-күлүүнү киллэрбит киһи буоларын быһыытынан,   көр-күлүү тыйаатырдарын, дьээбэ-хообо хоһооннордоох, кэпсээннэрдээх  ааптардар кэнсиэртэрэ  «Тобуруокап көмүс күһүнүн» өссө сэргэхситэн, байытан, бэйээти бары өттүнэн арыйан биэрдэ. Эбэн эттэххэ, манна Аркадий Новиков аатынан «Көөчөөн көрө» тыйаатыр артыыстара дьону «быара суох» ыыттылар.

Суолтата уонна өрөгөйө

«Тобуруокап көмүс күһүнэ» өссө биир уратылааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох.  Ол курдук, үгүс тэрээһиннэр  күн-дьыл аастаҕын аайы ааспыт кэмҥэ, сылаас ахтылҕаҥҥа  эрэ кубулуйан хаалааччылар. Оттон үөһээ бүлүүлэр ыытар тэрээһиннэригэр үрдүк сыанабылы биэрэн, инникини өтө көрөн дьаһаллаахтык дьаһаммыттар.   Холобур,  «Тобуруокап көмүс күһүнэ» тэрээһин туһунан номнуо үһүс кинигэ күн сирин көрбүт. Хомуурунньугу  Үөһээ Бүлүүтээҕи бибилэтиэкэ кэлэктиипэ хомуйан таһаарар. Манна даҕатан эттэххэ, бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир  «Санаа ситимэ» диэн  түмсүү кыттыылаахтара саха бэйиэттэрин хоһооннорун  театральнай туруоруу оҥорон, артыыстартан уратыта суох  иэйиилээхтик ааҕалларын хаһыс да төгүлүн истэн, билэр дьоммун көрбүттүү үөрдүм. Кинилэр былырыын Тааатта улууһун Чөркөөҕөр биир дойдулаахтара Василий Алексеевка аналлаах мусуой-дьиэни аһыы уонна быйыл Национальнай бибилэтиэкэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун суруйааччыларын төрүччүлэригэр анаммыт кинигэ сүрэхтэниитигэр  кыттыбыттарын үгүс киһи умнубатыгар эрэнэбин.

Ону сэргэ Наталья Михалева-Сайа «Тобуруокап көмүс күһүнэ» хоһоонньуттар  өрөспүүбүлүкэтээҕи 4-с түһүлгэлэрин  туһунан киинэ уһулла. Бүөтүр Тобуруокап бэйэтэ хоһуйбут  «таптыыр Намын талыы сыһыыларыгар, холооно суох кэрэ көстүүлээх хордоҕойдоругар» бүгүн ааттаах-суоллаах бэйээтиттэн эбэтэр саҥа саҕалааччыттан тутулуга суох, туох да хааччаҕа суох хоһоон ааҕан, дууһалыын сынньаннылар, сүрэхтиин уоскуйдулар.   Айар-тутар уонна уопсастыбаннай үлэлэринэн дойдуларыгар туох эрэ үчүгэйи, умнуллубаты оҥорор сырдык ыралаах тарҕастылар. Хас биирдии киһи уоһуттан: «Эһиил көрсүөххэ диэри!» диэн тыллар иһилиннилэр, бэйэлэриттэн ыйыппакка кэлбит харах уутун да кистээбэтилэр…

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, sdersaas.ru
Ааптар түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0