Бу күннэргэ бэйэтиэссэ Александра Григорьева-Сандаарыйа «Сиргэ хаамар таҥарам» кинигэтэ күн сирин көрдө. edersaas.ru
Александра Григорьева аатын уруккуттан истэрим, кини ырыа буолбут хоһооннорунан устудьуон кэмнэрим ааспыттара. «Күөх түүл» романтиката сөхтөрөрө, ыраас таптал кэлиэхтээҕин хас биирдиибитигэр кэпсиирэ. «Бу манна, 13-с корпуска» кэнсиэрдэргэ ылланара, саас аайы устудьуоннар уопсайдарын аһаҕас түннүктэринэн кутуллара, хас да көлүөнэ саха устудьуоннарын гиимининэн буолбута.
Ол гынан баран, Сандаарыйаны илэ көрсүбэтэҕим, билсибэтэҕим. Биир үөрэх кыһатыгар, история-филология факультетыгар араас кэмҥэ үөрэммиппит.
Оттон быйыл биллиилээх бэйэтиэссэни кытары аныгы ситиминэн билсэн, кини тус санаатын истибит үөрүүлээх сылым буолла. Ону кытта Александра Михайловна Григорьева—Сандаарыйа «Сиргэ хаамар Таҥарам» диэн кинигэтин бэчээккэ тахса илигинэ ааҕар чиэскэ тигистим.
Сандаарыйа кинигэтин: «Үйэм тухары үҥэр-сүктэр
Үрдүк Таҥарабар
Бүөтүр Тобуруокапка аныыбын», — диэн тылларынан саҕалыыр. Салгыы ити санаатын бу этиинэн быһаарар: «Бүөтүр Тобуруокап поэзиятын сүрүн уратыта — олоҕу тыынныыр Айыы Тапталы туругурдуу, уран, нарын, сырдык, үрдүк иэйиини хоһуйуу». Бу тыллартан сиэттэрэн, бэйэтиэссэ айар үлэтигэр таптал тиэмэтэ биир сүрүн буолар эбит диэн өйдөбүлгэ мин кэлэбин.
Аан тылы бэйиэт быраата, филологическай наука доктора, профессор Николай Тобуруокап суруйбут. Кини бу кинигэттэн олус долгуйбутун, үөрбүтүн этэр. «Петр Тобуруокап айымньыларын маннык дириҥник өйдөөбүт, дууһатыгар, сүрэҕэр бу курдук чугастык, истиҥник ылыммыт ааҕааччыны урут хаһан да көрсүбэтэҕим… Бу кинигэ биир кэмҥэ олорбут эдэр уонна аҕа көлүөнэ бэйиэттэр аһаҕас, муударай кэпсэтиилэрин, хардарыта өйдөһүүлэрин эриэккэс пааматынньыга», – диэн сөҕөр-махтайар.
Таптал хоһоонноро
Дьэ, онтон таптал хоһоонноро кэлэллэр. Улуу бэйиэккэ, кини хомоҕой хоһоонноругар, кини судургу гынан баран сүрэхтэн тахсар тылларыгар таптал.
Бастакы хоһоон ураты күүстээх уонна барытын түмүктүүр ис хоһоонноох. Мин санаабар, махтал пааматынньыга. Тылга, хоһооҥҥо, киһиэхэ тапталы биллэрбит улуу бэйиэккэ махтал!
Сандаарыйа уонна Бүөтүр Тобуруокап
Сандаарыйа уонна саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап бириэмэни, биэрэстэни уҥуордаан, ой дуораанын курдук кэпсэтэллэрэ иһиллэргэ дылы.
Бу кинигэҕэ Сандаарыйа хоһоонноро үс омук тылынан суруллубуттар, сахалыыттан нууччалыы, английскайдыы тылбаастаммыттар. Төрөөбүт тылынан суруллубут чааһа үс түһүмэххэ араарыллар: «Таайыллыбатах таптал», «Сиргэ хаамар Таҥарам», «Таптыырга буруй суох».
Таайыллыбатах таптал туохтан саҕаламмытай?
Дьэ, онон эдэр уонна аҕа көлүөнэ бэйиэттэр аһаҕас кэпсэтиилэрэ, ону сэргэ «таайыллыбатах таптал» туохтан саҕаламмытай?
Оҕо саас. Тохсунньу оройо. Кыраһыын лаампа симик уота уонна дорҕооннор… Буукубалар мунньахтара. Инники олоҕор тылынан үлүһүйүөх, тыл үөрэхтээҕэ, хоһоонньут буолуох быата тардан ол киэһэ кырачаан кыыс өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык иҥмит. Кыысчаан буукубалары билэрэ буолуо, ол иһин ордук чаҕылхайдык өйүгэр хатаннаҕа. Мин санаабар, кини хараҕар буукубалар илиилэрэ-атахтара хамсаан көһүннэхтэрэ, дорҕоонноро чочуллан иһилиннэхтэрэ.
Иккис көрсүһүү. Оскуола. Төрдүс кылаас. Бэйиэттэр кэлбиттэр.
«Күн уотунан чаҕыллар
Сардаҥалаах тылларынан,
Сарыаллаах халлаантан сыыйыллар
Мөһүүрэ кылларынан
Төлөннүрэр хоһооннору аахпыттара…».
Оттон үһүс көрсүһүүгэ кыысчаан суруйааччы буолан тиийэр, улуу бэйиэккэ үөрэнэр дьолу билэр.
Онтон «үрүҥ лыах сурук» көтөр, сып-сырдык харданы эрэйэн, өлбөт үйэлээх улуу таптал кэлбитин сэрэйэн».
Харда сурук кэлиитэ өрө күүрүүлээх тылларынан суруллубута кыысчаан тугунан да кээмэйдэммэт улахан үөрүүтүн көрдөрөллөр. Кыс ортото сайын кэлбитэ, хаарынан сабыллыбыт хонуу сибэкки арааһынан киэркэйбитэ: күрдьүгэс от, араҕас ача, сардаана сибэкки, аалай-кыһыл чэчик. Көрүҥ, хайдах курдук кыыс тулата араас өҥүнэн оонньоото, дьолунан суһумнаата.
Онтон кэлэр хоһооннор — Улуу киһиэхэ тапталынан туолуу, кини хоһоонноруттан дуоһуйуунуылыы.
Эн хоһоонноргун таптаабытым,
«Таҥарам» диэн эйигин ааттаабытым…
Мин эйигин таптаабытым,
«Таҥарам» диэн ааттаабытым…
Сандаарыйа аһаҕастык суруйар:
«Эйигин көрсүбэтэҕим буоллар,
Сир үрдүн сиэдэрэй кэрэтин сыаналыам суох этэ…
Эн баар буолаҥҥын,
Айыы сирэ араас кустугунан тулабын арылытар…
Көрсүһүөхтэрэ, баҕар, хаһан эрэ
Эн биһи салгын куттарбыт
Күн төрүүр сандал саҕаҕыгар,
Ый сынньанар ыраас ырааһыйатыгар…».
Кинигэ иккис түһүмэҕэ «Сиргэ хаамар Таҥарам». Манна Сандаарыйа тапталлаах бэйиэтэ аан дойдуга айыллан кэлбит таабырынын сэгэтэн көрөр.
«Таптыырга буруй суох»
Кинигэ бу түһүмэҕэр Александра бэйиэт таптал лирикатын хоһоонноругар үлэлэһэр, бэйэтин иэйиитигэр сөп түбэһиннэрэн уларыта тутар, икки куоластаах «ырыа» оҥорор. Бэйэтиэссэ хас биирдии хоһоонугар биллиилээх бэйиэккэ утары хардыыны оҥорор. Улуу киһини кытта тэҥҥэ: «Таптыырга буруй суох!» — диир.
Бу суруйуубун Николай Тобуруокап тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын: «Бэйэтин кэмин үөлээннээхтэрин санаатын Сандаарыйа ураты истиҥ тыллардаах, муҥутуур кэрэ формаҕа кутуллубут хоһооннорго иэйэн-куойан туойбута умсугутар, долгутар, уйадытар, ылыннарар. Онон маннык сырдык чуубустубаны, истиҥ иэйиини улуу бэйиэт элбэх эдэр дьоҥҥо үөскэттэҕэ, хоһоон хонуутугар суолдьут сулус буоллаҕа».
С. ВИНОКУРОВА—СЫРДААНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru