Тоҕус тамада ыыппыт ураты уруута

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин үрдүнэн чөл олох туһугар үлэ тиһиктээхтик ыытыллар.  Маныаха, Чурапчы улууһун тамадаларын түмсүүтэ (салайааччы Оксана Жиркова)  нэһилиэнньэҕэ арыгыта суох урууну тэрийбит ыалга  тамада уонна муусуканан киэргэтии өҥөтүн  буор босхо оҥорорго ыҥырыы таһаарбыта.  


Ыҥырыыны эдэркээн Вероника, Дмитрий Марковтар өйөөннөр,  атырдьах ыйын алта күнүгэр,  тоҕус томтордоох Чурапчыга  тоҕус тамада ыыппыт умнуллубат дьоро күнэ бэрт сэргэхтик барда.  Бу ураты долгутуулаах бэлиэ күҥҥэ уоллаах кыыс уонна ыалдьыттар бука бары сахалыы таҥнан-симэнэн мустубуттара көрүөхтэн кэрэ. Тапталлаах Сахабыт сирин эмтээх, доруобуйаҕа туһалаах отуттан бэлэмнэниллибит утахтардаах , сахалыы астаах-үөллээх мааны сандалы бар дьону көрүстэ. Уруу сиэрэ-туома сахалыы барда. Сынньалаҥҥа оһуохай дьиэрэйэн олордо, сахалыы остуол оонньууларыгар күрэстэһии көхтөөхтүк тэрилиннэ.

Бу дьоро күҥҥэ анаан төрөппүттэр биэ ыан,  дьиҥнээх саҥа кымыһын ииттэрэн,  эрдэттэн ох курдук оҥостубуттара. Онтон арыгылаах бытыылкалар оннуларыгар чороонноох кымыһы  аймах кыргыттар түһүлгэҕэ киллэрэллэрэ, күндү ыалдьыттары күндүлүүллэрэ олус кэрэ, үөрүүлээх буолла. Эдэрдэр дьоллорун туһугар  200 ыалдьыт кырылыы кыынньар кымыстаах чорооннору  уруйдаан-айхаллаан күөрэччи көтөхтүлэр.  Ырыа Саарын  уруу киэһэтин сахалыы ырыатынан-тойугунан киэргэттэ.

Кэм кэллэ, үйэ уларыйда!  Сахалар, норуоппут кэскилин, кэнчээри ыччаппыт туһугар  дьоро күннэрбитин арыгыта суох ыытыаҕыҥ!  Чурапчы тамадаларын түмсүүтүн үтүө холобурун батыһан,  сир-сир аайы арыгылаах бакаалы киэр ууран,  кырылыы кыынньар саха утаҕын —  чороонноох кымыһы дьол туһугар күөрэччи көтөҕүөҕүҥ!

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0