Тоҕус тамада биир урууну ыытта

09.08.2017
Бөлөххө киир:

Аал уоту оттунар уруу киэһэлэрин итирдэр утаҕа суох тэрийэр ыаллары биир бастакынан Горнай улууһа өйөөбүтэ. Онуоха улуус дьаһалтата кинилэргэ ботуччу харчынан көмөнү оҥорор үгэһи киллэриитэ батыһааччылардаах буолбута.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Атырдьах ыйын 6 күнүгэр тоҕус томтордоох Чурапчы улууһугар 9 ыытааччы (тамада) арыгыта суох ыыппыт сыбаай­бата улахан сэҥээриини ылла. Ол курдук, Чурапчы с. эдэр ыала Вероника уонна Дмитрий Марковтар аймах-билэ дьонноругар, биир саастыылаахтарыгар, доҕотторугар, дьүөгэлэригэр үтүө холобуру көрдөрдүлэр.

Бу сыбаайба киһини сэҥээрдэр, астыннарар өрүттэрэ элбэх буолан, биир да киһи эрдэ баран хаалбакка, эдэр ыал маанылаах остуолугар күндү ыалдьытынан буолла. Бастатан туран, уоллаах кыыс уонна ыалдьыттар бары сахалыы таҥыннылар. Уруу сиэрэ-туома өбүгэлэрбит үгэстэринэн ыытылынна. Саха сирин отторуттан оҥоһуллубут утах арааһа сайыҥҥы куйааска утаҕы ханнарда. Сыбаайба остуолун арыгылаах бакааллар оннуларыгар кымыстаах чорооннор киэргэттилэр. 200-чэкэ ыалдьыт чороонноох кымыһы күөрэччи тутан туран, эдэрдэри ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.

Сынньалаҥ кэмигэр аныгы үҥкүүнэн эрэ үлүһүйбэккэ, тамадалар сахалыы оонньуулары тэтимнээхтик ыытан, биир да киһи таах туран хаалбата. Эдэрдиин-эмэнниин көргө-нарга кыттыстылар.

Биллэн турар, аһыы утаҕа суох сыбаайбаны ылыммат, туох эрэ тиийбэ­тэҕин курдук сананар ыалдьыт эмиэ баар буолуон сөбө. Онуоха маннык тэрээһиннэри ыытааччылар сатабыллара, дьоҕурдара олус улахан оруоллаах. Арыгыта суох сыбаайбаны көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыыппыт ыытааччы Оксана Жиркова санаатын ыйыталастым.

Түмсүүлээх ыытааччылар

Оксана, эн суруналыыс идэҥ сэргэ, бэйэни сайыннарыы араас таһымнаах тэрээһиннэригэр тиһигин быспакка кыттаргын, олох үөһүгэр сылдьаргын билэбин. Оттон хаһааҥҥыттан тамадалыыр буолбуккунуй?

Мин бэйэм тамаданан үлэлээбитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Бу сыллар тухары элбэх уруу, үбүлүөй киэһэлэрин ыытан кэллим. Ол иһигэр, арыгыта суох тэрээһиннэр эмиэ бааллар. Улууспутугар баһылыкпыт Андрей Ноговицын арыгыта суох бырааһынньыктары ыытарга (бэйэтэ ыытар тэрээһиннэриттэн саҕалаан) холобур көрдөрөр. Ону сэргэ, улуустааҕы «Саҥа олох» хаһыатым кэлэктиибэ бырааһынньыктары эмиэ арыгыта суох ыыппыта ыраатта. Онон, арыгыта суох бырааһынньык миэхэ соһуччута суох.

Түөрт-биэс сыллааҕыта Чыаппара олохтооҕо Афанасий Гоголев бэйэтин үбүлүөйүн арыгыта суох оҥорорун тоһоҕолоон туран, тэрийэн ыытарбар көрдөспүтэ. Онуоха мин 200-чэ ыалдьытыгар анаан сахалыы чорооннору буларыгар эппитим. Үбүлүөй арыгыта суох ыытыллан, күн бүгүҥҥэ диэри кэрэ кэпсээн буола сылдьар. Ити кэнниттэн балачча бириэмэ ааста.

Оттон уруу киэһэтин арыгыта суох ыытар санаа хайдах үөскээбитэй?

— Уопсайынан, ыытааччы быһыытынан туох эрэ ураты суолу-ииһи хаалларар баҕалаах уонна оннук сыаллаах-соруктаах үлэлээн кэллим. Улууска баар ыытааччылары түмпүтүм, анал бөлөх тэриммитим 3-4 сыл буолла. Бөлөхпөр үөрүүлээх тэрээһиннэри ыытарга үгүс үөрүйэхтээхтэр, саҥа саҕалааччылар да бааллар. Инньэ гынан, Чурапчы улууһугар диджейдэри ааҕан туран, 25 ыытааччы баар. Улууска биһигиттэн ураты бэйэлэрэ туспа сылдьан үлэлээччилэр эмиэ элбэхтэр.

Биирдэ баһылык Андрей Тимофеевич ыыппыт улуус дьахталларын пленумугар кыттыбытым. Онно мин: «Улууспутугар арыгыта суох сыбаайбаны оҥорор ыал баар буоллаҕына, биһиги бөлөх ыытааччылара кинилэр тэрээһиннэрин уонна аппаратура өҥөтүн буор босхо тэрийиэхпит», – диэн бөлөҕүм аатыттан этии киллэрбитим. Сотору икки ыал толкуйданан көрөн баран, сатаныа суох диэн аккаастаммыта.

Аартыкпыт арыллан

Оччотугар уруу тэринэр ыал Марковтар, этэргэ дылы, туһугар хорсун быһыыны оҥордохторо дии?

— Вероника аҕата Егор Пермяков – Чурапчыга чөл олоҕу сырдатааччылартан, тарҕатааччылартан биирдэс­тэрэ, «Чэбдик» чөл олох кулуубун чилиэнэ. Егор Михайлович дьиэ кэргэн улуустааҕы отделын исписэлииһэ Татьяна Бушковаҕа сүбэлэтэ, санааларын үллэстэ киирэ сылдьыбытыгар. биһиги ыҥырыыбыт туһунан кэпсээбиттэр этэ. Инньэ гынан, Егор Пермяков кыыһын, күтүөтүн, төрөппүттэрин кытары сүбэлэспиппит. Кинилэр сахалыы таҥналларын уонна ыал буолар дьон бастакы үөрүүлээх остуолларыгар «күөх моҕойу» туруорбаттарын туһунан эппиттэрэ. Аартыкпыт бэйэтэ арыллан испитин курдук буолбута – кинилэр урууга анаан кымыс оҥороору сылдьаллар эбит этэ. Онон, кымыһы кимтэн эрэ атыылаһан буолбакка, бэйэлэрин сылгыларын ыан, ииттэрэн, ыалдьыттарын саамал кымыһынан күндүлээтилэр.

Билигин аныгы муоданы тутуһан, сахалыы астаах-үөллээх кэнди-бар бэлэмнииллэригэр эппитим. Ол иһин, Саха сиригэр үүнэр оттортон оҥоһуллубут утахтарынан, сахалыы алаадьы, барыанньа, баахыла, көбүөрдээх лэппиэскэ уо.д.а астарынан кэнди-бар үлэлэттибит. Аны туран ыалдьыттарбыт сынньалаҥ кэмигэр таах хаамса сылдьыбаттарын уонна тарҕаһан хаалбаттарын наадатыгар тыксаан, хабылык, ат сүүрдүүтэ уо.д.а. оонньуулары тэрийдибит. Соһуйуохпут иһин, оҕо-уруу барыта оонньуу тула сырытта. Мин итинтэн наһаа үөрдүм.

Итэҕэттибит, астыннардыбыт

«Тоҕус томтордоох Чурапчыга — тоҕус тамада» диэн наһаа истиҥник иһиллэр. Ити эмиэ толкуйтан оҥоһулуннаҕа?

— Бу сыбаайбаны ыытарбар бөлөҕүм дьонун барыларын ыҥырбытым да, сорохтор тута аккаастаммыттара. Сыбаайба буолуо аҕыйах хонук иннигэр диэри биэс-алта эрэ этибит. Онтон, «ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат» дииллэрин курдук, үчүгэйгэ, кэрэҕэ кыттыһыан баҕалаахтарым элбээн бардылар. Бэйэбит да билбэппитинэн, 9 ыытааччы уонна 1 диджей буола түстүбүт. Инньэ гынан, тоҕус томтордоох Чурапчыга 9 тамада көрсүбүппүтүттэн бэйэбит да соһуйдубут.

Сыбаайбаҕа 12 остуоллаах этибит, онон 12 кыыска улахан тойон чорооннору туттартаабыппыт. Кэрэчээн кыргыттар кыынньа сылдьар толору кымыстаах чорооннору сахалыы муусука доҕуһуолунан киллэрбиттэригэр бары хайдах эрэ ураты турукка киирэн хааллыбыт. Саха тапталлаах ырыаһыта Ырыа Саарын бырааһынньыкпытын киэргэттэ. Тоҕус тамада солбуһа сылдьан ыалдьыттарга тыл биэрэн, оонньотон, бириистэри туттартаан, хамаанданан арахсан олус интэриэһинэйдик ыыттыбыт диэн астынныбыт, сылайары-элэйэри билбэтибит. Ыытааччыларым: «Наһаа үчүгэй тэрээһиҥҥэ кытыннарбыккар махтанабыт», – диэн күн бүгүҥҥэ диэри илдьит тылларын ыыта олороллор.

Атын улуустарга арыгыта суох сыбаай­балар тэриллэллэрин, биһиги бастакы буолбатахпытын билэбит. Мин биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: бу көстүү биирдэ эрэ буолар, иккистээн хатылаабаппыт. Номнуо ыҥырыылар киирдилэр эрээри, тоҕус киһи биир сыбаайбаны аны ыыппаппыт. Биһиги атыттарга холобур көрдөрө, сонун суолу арыйа сатаатыбыт. Кылаабынайа, арыгыта суох сыбаайбаны ыытыахха сөбүн илэ-­бааччы көрдөрдүбүт, итэҕэттибит.

Билигин күрэстэһии үйэтигэр ыытааччы быһыытынан бэйэҥ бэйэҕэр үлэлии сылдьыаххын эмиэ сөбө. Биир санаалаахтаргын туох санааттан түмэн, бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьаҕыт?

— Мин хас биирдии ыытааччы бэйэтэ туһунан суоллаах-иистээх, буочардаах буолуон баҕарабын. «Бырааһынньык буолла да, биир оонньуулары оонньотоҕут, бары бэйэ-бэйэҕитин үтүктүһэҕит, туох да уларыйыыны киллэрбэккит» дииллэрэ мэлдьэх буолбатах. Мин бэйэм улууһум туругурарын, аата ааттанарын туһугар ис сүрэхпиттэн ыалдьабын, «Чурапчы тамадалара дуо?» дэттэриэхпин наһаа баҕарабын. Ол иһин, ыытааччыларым сырыы аайы оонньууларын бэйэлэрэ толкуйдуулларын, кими да үтүктүбэттэрин, бэлэм фонограмманы туһамматтарын, репертуардарын уларыта сылдьалларын, сценарийдаах бэлэм кэлэллэрин, бэйэ бодолоругар болҕомто ууралларын ирдиибин. Уопсайынан, биһиги олус түмсүүлээх улууспут, ыытааччылар биир санаанан, сүбэнэн үлэлиирбит туһугар итинник бөлөҕү тэрийбитим. Өҥө иһин төлөбүр сыанатын быһарга эмиэ араас буолааччы. Ким эрэ аһара чэпчэтэр, ким эрэ сиэри таһынан үрдэтэр. Биһиги тыа сирин дьонугар табыгастаах сыананы олохтуурга, кинилэргэ утары барарга, икки өттүт­тэн сөптөөх сыананы тобулан үлэлииргэ кыһаллабыт. Ону ситистим дии саныыбын, алдьаммат, халбаҥнаабат биир сыананан үлэлиибит. «Чурапчы тамадалара үчүгэйдэр, кинилэри ыҥырыахха» дэттэриэхпитин баҕарабыт.

— Оксана, эһиги үтүө холобургут инникитин да батыһааччылар­даах буоллун. Эдэрдэргэ чөл өйдөөх дьон эҕэрдэлэрэ, алгыстара олохторугар суолдьут сулус буола турдун!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0