Тоҕус оҕолоох Ксенофонтовтар

Ааптар: 
15.05.2021
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ. Сахабыт сиригэр киһи холобур оҥостор дьиэ кэргэттэриттэн биирдэстэрэ Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр олорор Светлана,  Владислав  Ксенофонтовтар буолаллар диэтэхпинэ сыыспаппын. 

Ксенофонтовтар харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн аал уоту оттон ыал буолан олорбуттара номнуо 20 сылыгар барда. Кинилэр тоҕус оҕону улаатыннаран атахтарыгар туруорар туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ыал иһирэх ийэтэ Светлана тулаайах оҕолор кииннэригэр психологынан үлэлиир. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Владислав «Сэттэ» тутуу хампаанньата тута сылдьар саҥа оскуолатыгар харабыллыыр. Сүрүн үлэтин таһынан тигээйи иитиитинэн дьарыктанар уонна дьон сакааһынан сымнаҕас миэбэл оҥорор.

Дьиэ кэргэн күнүгэр оҕо иитиитигэр тус көрүүлэрин бэйэлэрин холобурдарыгар кэпсииригэр ыал күн күбэй ийэтиттэн Светланаттан көрдөстүм. 

Ыал буолбут устуоруйаҕытын сырдатыаҥ дуо?

-2001 с мин дойдубар Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгэр ыччат көрсүһүүтэ буолбута. Онно “Бастыҥ пара” диэн  күрэхтэһии тэрийбиттэрэ. Кыайбыт паараҕа сакалаат бириис диэбиттэригэр дьүөгэбин кытары оонньууга киирбиппит. Ол саҕана хоруопкалаах үчүгэй сакалаат дэҥҥэ көстөрө. Далыр нэһилиэгиттэн уолаттар кыттыбыттара. Биһиги Владиславтыын “Бастыҥ паара” буолбуппут. Оннук билсибиппит. Доҕордоһуу биэчэригэр үҥкүүлээбиппит, киэһэ  кинилэр дойдулаабыттара. Онтон иккистээн успуорт оонньууларыгар күрэхтэһэ кэлбиттэрэ, онно “Миэхэ кэргэн таҕыс” диэн этии оҥорбута. 2002 c ыал буолабыт диэн быһаарынан Дьокуускайга кэлбиппит.  Куоракка кэлэн үлэлээн-хамсаан харчы уурунан, мунньунан, 2008 с чугас дьоммутун, доҕотторбутун ыҥыран уруу тэрийбиппит. 

Тоҕус оҕолооххут, кинилэр тустарынан кэпсээ эрэ.

— Тоҕус оҕолоохпут, оҕолорбут бары иллээхтик бэйэ-бэйэлэрин өйөһө, көмөлөһө сылдьаллар. Хас биирдиилэрэ олоххо сыаллаах, былааннаах, төрөппүт тылын убаастыыр. 

Улахан кыыспыт Ванесса бэҕэһээ номнуо тиһэх чуорааны тыаһатан, Өктөм орто оскуолатын бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэннэ. Кини айылҕаҕа олус чугас, араас үүнээйилэри олордор, кыыллары иитэр. Бэйэтэ ураты толкуйдаах, өйдөөх-санаалаах. Уон икки сааһыттан хаһаайыстыбанан дьарыктанан барбыта. 

Аан маҥнай Великан хоруолуктары ииппитэ. Кинилэри элбэтэн атыылаан, ол киирбит харчытынан инкубатор ылбыта. Куораттан куурусса сымыытын сакаастаан, инкубаторыгар көрөн-харайан чоппуускалары таһаарбыта. Сакааһынан кус, хаас , индюк, фазан, бройлер куурусса сымыыттарын аҕалтаран инкубаторыгар таһаарбыта.  Ол таһаарбыт көтөрдөрүн көрөн-харайан  улаатыннарар, элбэтэр уонна өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар.

Инкубаторга таһаарбыт бройлердарын улаатыннарбыта. Онон кыһыны быһа бэйэбит ииппит  бройлербыт этин сиэтибит. Маҕаһыыҥҥа атыыланар бройлертан олох атын, быдан улахан уонна элбэх эттээх буолар эбит. Биһиэхэ элбэх оҕолоох ыалга олус туһалаах уонна наадалаах хайысха эбит. 

Ону таһынан үүнээйилэри олус  сөбүлүүр, ол да иһин араас оҕуруот аһын олордор. Авокадо, апельсин, хурма  сакаастаан ылан үүннэрэр.  Быйыл соҕурууттан колоновиднай яблоня, вишня мастарын сурутан ылан олордон саҕалаата. 

Ванессабыт хаһаайыстыбатын өссө сайыннарыан баҕарар, кэккэ былааннардаах. Ватсап ситимигэр “Сайылык” диэн бөлөх тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннугун олохтоохторугар бэйэтэ таһаарбыт көтөрдөрүн атыылыыр. Бэйэтин уопутугар олоҕуран олордубут үүнээйилэрин туһунан араас сүбэлэри биэрэр.

 Иккис оҕобут Самир  Нам техникумугар каменщик- тутааччы идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Кини успуорт өттүгэр ордук сыстаҕас, тустуунан дьарыктаммыта, араас күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта. Олоҕун байыаннай идэни кытары ситимниэн баҕарар. Аармыйаҕа сулууспалыы барарын олус кэтэһэр. Улахан уолбут буолан — аҕабыт тутаах көмөлөһөөччүтэ. 

Иккис уолбут Амир тохсус  кылааска үөрэнэр, летчик буолуон баҕарар. Баҕа санаатын бэйэтэ былаанныыр. Эдьиийин үтүктэн дьиэ кэргэммит иһинэн  бырайыак суруйан, нэһилиэктэн  коза ылан ииппитэ. Кини коза иитэр бырайыагын олоххо киллэрэммит, ааспыт сылга үүт иһэн абыраммыппыт. 

Василиса сэттис кылаас үөрэнээччитэ. Кини ордук култуура эйгэтигэр дьоҕурдаах: ыллыыр, үҥкүүлүүр уонна тойуктуур. Ону тэҥэ мыыла оҥоруутугар бырайыак суруйбута, ол бырайыагын өйөөбүппүт. Бэйэтигэр Күөрэгэй диэн псевдоним ылынан, мыыла оҥорор дьарыктаах. Тупсаҕай оҥоруу, бэйэни көрүнүү, кэрэ буолуу – бу барыта киниэхэ сөптөөх хайысхалар. Инникитин бальзам оҥоруон баҕарар, улааттаҕына туох идэни таларын толкуйдана сылдьар. 

Эдикпыт сөбүлүүр дьарыга тустуу. Бэйэтэ айылҕаттан хоһоон айар дьоҕурдаах. Чүмэчи оҥорор бырайыактаах. Тигээйи буоскатыттан, боҕуруоскай оттоох сахалыы алгыстаах чүмэчи оҥорон атыылыыр.

Ваня үһүс кылаас үөрэнээччитэ. Билиэн-көрүөн олус баҕарар. Научнай хабааннаах кинигэлэри ааҕар, ордук история, планеталар тустарынан энциклопедиялары  ааҕаран сөбүлүүр. Саахыматынан дьарыктанар, араас күрэхтэһиилэргэ кыттар.

Алик сахалыы толкуйдаах. Аахпыт кэпсээннэриттэн уруһуйдары ойуулаан таһаарар. Киһи сөҕөр уруһуйдарынан соһутааччы. Фантазиялаах,  айан таһаарар дьоҕурдаах. 

Айыллааммыт иккис кылаас үөрэнээччитэ, убайдарын курдук успуорду сэҥээрэр. Ыһыах күрэхтэһиитигэр тустан кыайан бириис бөҕөнү сүүйбүтэ. Көмөлөһөрүн олус сөбүлүүр, барытыгар илии-атах буолан абырыыр.

Мурун бүөтэ кыра кыыспыт Сашенька оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Оҕолору түмэр майгылаах, барытыгар иннинэн киһи. Саамай кырабыт диэтэххэ, бэйэтин сүрдээҕин көрүнэр, дьаһанар. Миигин батыһа сылдьан барытыгар көмөлөһөр. 

Оҕону иитиигэ улахан болҕомтону уураргыт өтө көстөр. Оҕо бэйэтин салайына, көрүнэ үөрэнэригэр туох ньымалары туттаҕыт?

—Биһиги оҕолорбутун хайдах баалларынан таптыыбыт. Тугу баҕаралларын кыахпыт баарынан толоро сатыыбыт. Хайдах ороҥҥо утуйуохтарын, тугу таҥныахтарын баҕаралларыттан саҕалаан оҕо баҕатын толорорго, оҕо дьарыгын тэрийэргэ, былааннаабытын өйөөн олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт. Онтон оҕолорбут  наһаа астыналлар.  Оҕолорбут хас биирдиилэрин дьоҕурдарын, баҕаларын кэтээн көрөбүт. Чопчу ол хайысханан сайдарыгар көмлөһөбүт, өйүүбүт. Алҕастардаах буоллаҕына ону этэн,  ыйан, сүбэлээн биэрэбит. Хас биирдиилэрин кытары үлэлэһэбит. Бириэмэни сатаан аттарыналларыгар, олохторун былаанныырга үөрэтэбит. Дьиэ кэргэммит иһинэн бырайыактары көмүскээннэр, ону үбүлээммит оҕолор бэйэлэрэ сатыыр, баҕарар дьарыктаах буолууларын тэрийэбит.  Бырайыактарын көмүскээтэхтэринэ, олоххо киллэрэ сатыыбыт. Онон оҕолор эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, бэйэлэрин салайына үөрэнэллэр. Туохха сыыспыттарын булан, ырыта үөрэнэллэр. 

Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн үгэстэрэ

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үгэспит элбэхтэр. Онтон биир улахан суолталаахтара Саҥа дьыл буолар. Мин бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим уонна ийэлээх аҕам манна Өктөмҥө бааллар. Онон хас сыл аайы көһө сылдьан бары бииргэ Саҥа дьыллыыбыт. Бэйэ-бэйэбитин көрсөн, бырааһынньыкка араас күрэхтэһиилэри ыытабыт. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ биир суолталаах бырааһынньыгынан  Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ буолар.Тоҕо диэтэххэ, биһиги алта уоллаахпыт. Дойдуга бэриниилээх буолууну, төрөөбүт дойдуну көмүскүүрү, харыстыыры өрө тутабыт. Уолаттарбытыгар анаан  “Биир күн армия күнүттэн” диэн тэрийбиппит. Уолаттарбыт чаһынан солбуйса сылдьан уочаратынан турбуттара. Кыргыттар  аармыйа аһын астаабыппыт. Бу күн уолаттар байыаннай ааты-суолу, Саха сирин дьоруойдарын үөрэппиттэрэ, ол күнү наһаа астыммыттара. Байыаннай- патриотическай иитиини өссө ыам ыйыгар оҥоруохха баар эбит диэн санаа киирбитэ. Аймахтарбытын уонна Өктөмҥө оҕолору иитэр ыалы ыҥырбыппыт.  Бу сырыыга “Саллаат олоҕуттан биир күн” диэн тэрийбиппит. Кыргыттар торт оҥорбуппут, ас астаабыппыт. Уолттар бары Армияҕа курдук бириэмэнэн сырыттылар. Чиэс, албан аат, дьоруойдуу быһыы уол оҕоҕо туох сыһыаннааҕын үөрэттилэр. Егор Чээрин туһунан киинэ көрдүбүт. Бука бары олус астынныбыт. Бу тэрээһини үтүө үгэскэ кубулутан сыл аайы ыытар буолуохпут.  

Дьиэ кэргэн күнүгэр ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим, куораттан кэргэним балта уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ буолан айылҕаҕа тахсабыт. Бука бары элбэх оҕолоохпут, онон оҕолорбут түмсүүлээх буолалларыгар суолталаах. 

“Дьол уйата” диэн дьиэ кэргэни сайыннарыыга олохтоох уопсастыба тэриммиппит. 2015 c эдэр ыал түмсүүтүн быһыытынан сылдьыбыта, ааспыт сылтан тэрилтэ быһыытынан регистрациялаабыппыт. Онтон сиэттэрэн оҕолорбут араас тэрээһиҥҥэ тэҥҥэ сылдьаллар. “Радио добра” диэн акцияны тэрийэбит. Онно Саҥа дьылга оҕолорбутун кытары элбэх оҕолоох ыалларга бэлэхтэри түҥэтэбит. Ол биһиэхэ үгэс курдук буолла, оҕолорбут ким тугу гыныахтааҕын эмиэ билэллэр. Оҕо үтүөнү оҥорорго кыра эрдэҕиттэн үөрэниэхтээх дии саныыбын.

Уонна күннээҕи үгэскэ, киэһээҥҥи аһылыкка хайаан даҕаны бары остуол тула олорон бииргэ аһыахтаахпыт. Бүгүҥҥү күн түмүгүн таһаарар, сарсыҥҥы күн былаанын оҥорор киэһээҥҥи аһылык буолар. Икки чаастан итэҕэһэ суох олорон оҕолору барыларын истэн, кэпсэтэн, алтыһан турабыт. 

Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа, ийэ оруолун туһунан туох диэҥ этэй?

— Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа, ийэ оруола сүрдээх улахан. Ийэ киһи – кыыһырсыыны уоскутан, намыратан, өйдөспөт буолууну суох гынабыт. Дьиэ кэргэҥҥэ нус-хас олоҕу, үтүөнү кэрэни, тапталы  олохтуохтаахпыт. Биһиги эр дьоммут кэлэн итии аһылыгы аһаан,  сылаастык утуйан, сынньанан, доруобай буолалларыгар кыһаныахтаахпыт. Дьиэ иһинээҕи сылаас сыһыаны, истиҥ эйгэни олохтуубут.

Аҕа оруолугар тохтоотоххо – дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын тыла улахан оруоллаах. Кини биһиги дурдабыт-хаххабыт буолар. Уол оҕону иитиигэ аҕа улахан оруоллаах. Кини уолаттарын кытары бииргэ үлэлээн, дьарыктанан, оонньоон, такайан иитэр. Ийэ киһи кыайбатын аҕа толорон биэрэр. Аҕабыт уолаттарын кыраларыттан кыргыттары, ийэни убаастыырга, үлэни таптыырга үөрэтэр. Барыта бэрт кыраттан саҕаланар, уолаттар ууну таһан көмөлөһөллөрө, олоппос аҕалаллара барыта үтүө үөрүйэх буолар. Уолаттарбыт аҕаларын кытары үлэлии бардахтарына,  биһиги, кэрэ аҥардар бары таптыыр минньигэс астарын астаан , хойуу эттээх миин, соркуой буһаран көрсөбүт, соһуччу түгэннэри бэлэхтиирбитин сөбүлүүбүт. Кыргыттарбын аҕаларын, убайдарын бырааттарын харыстыырга, иллээх эйгэни тэрийэргэ үөрэтэбин. Дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ  ийэ, аҕа иккиэн бааллара, биир сүбэнэн олороллоро, бэйэ бэйэлэрин ситэрсэллэрэ улахан оруоллаах дии саныыбын.

— Оҕолору иитэ ылар санаа хайдах үөскээбитэй?

— Оҕо иитэр санаа киирбитэ ыраатта. Бэйэбит кыргыттардаах буоламмыт уол оҕолонуохпун баҕарарым. Кэргэммэр хайаан даҕаны уол оҕону бэлэхтээн, кини хайдах курдук уолун таптаан, бэйэтин холобуругар дьоһуннук иитэн улаатыннаран таһаарыан баҕарарым.  

Уол оҕону ылаары опекаҕа бара сылдьан сайабылыанньа суруйбуппут. Медосмотр бара сылдьан хат буолбуппун билбитим. Атын оҕону ылар эппиэтинэһиттэн толлон уонна улахан истээх сылдьан оҕону көрбөккө хаалыам диэн куттана санаан, сайабылыанньабытын төттөрү ылбыппыт. 

Уол оҕону күүтэрбитин билэммит үөрүүбүт муҥура суох этэ… Ол эрээри үөрүүбүт соҕотохто үрэллэн, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии Дьылҕа Хаан ыйааҕа биһиги туспутугар кытаатан биэрбитэ… Плацентам арахсан оҕобут суох буолбута, бэйэбин нэһиилэ быыһаабыттар этэ… Хас да күн өйбүн сүтэрэн, хааным улаханнык баран, көрөрбүттэн мата сыспытым. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кутурҕан кэмэ сатыылаабыта. Иккистээн олоххо эргийэрбэр нэһилиэгим балыыһата улаханнык көмөлөспүтэ, балыыһаҕа туһунан хос биэрэн, кэргэним мэлдьи аттыбар баара, көрөн-истэн, көмөлөһөн барыта этэҥҥэ ааспыта. Ол кэнниттэн оҕо иитэ ылар санаам өссө күүһүрбүтэ. Биэс сылы быһа эмтэнэн баран, эмиэ сайабылыанньа биэрбиппит. Кэргэмминээн оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн анал үөрэҕин ааспыппыт. 

Оҕо дьиэтигэр олох араас очуругар түбэспит төрөппүттэр оҕолоро киирэллэр эбит. Соҕотох уол оҕо диэн суох этэ. Аны бииргэ төрөөбүттэри арааран соҕотохтуу ииттэрэ биэрбэттэр. 

Ол курдук бастакы уолаттарбытын үөрэ-долгуйа маҥнай ыалдьыттата ылбыппыт. Кыргыттарбыт кинилэри олус сөбүлээбиттэрэ, тута тапсыбыттара. Ыалдьыттаан барбыттарын кэннэ сэттэ хонон баран уолаттарбытын букатыннаахтын ылбыппыт. Бастакы үс уолум төрөппүт оҕолорбут курдук сыһыаннаах дьиэ кэргэммитигэр киирбиттэрэ. Хас биирдии сүбэбитин ылынан, алҕастарын көннөрөллөрө, киһи этэрин ылыналлара. Оҕолорбут бэйэлэрин көрүнэ салайына үөрэнэллэриттэн олус үөрэбит, астынабыт, дьоллонобут. Бастакы уолаттарбытын сылтан ордук көрбүппүтүн кэнниттэн, опекалар эрийэн “Өссө оҕо ылыа этигит дуо” диэбиттэрэ. Биһиги тиийэн оҕолору көрөөт да, тута сөбүлээбиппит “Эһиэхэ барыахпытын баҕарабыт” диэн аһаҕастык эпиттэрэ. Ол курдук икки уол, биир кыыс оҕону уонна тулаайах хаалбыт уолу илдьэ кэлбиппит. 

Чоҕулуччу көрбүт, үөрүүнэн туолбут оҕо хараҕыттан ордук бу сиргэ, ама, ханнык дьоллоох көстүү баар буолуой?! 

Оҕолорбутун дьиэбитигэр аҕаларбытыгар хайаан даҕаны бырааһынньык тэрийэбит. “Эһиги биһиги дьиэ кэргэҥҥэ киирэҕит” диэн хайаан даҕаны бэйэбит дьиэ кэргэммит туһунан кэпсээбиппит уонна “биһиги бүгүҥҥэттэн бары биир Ксенофонтовтар диэн дьиэ кэргэн буолабыт” диибит. Салгыы биһиги дьиэ кэргэммит чөл олохтооҕун, манна үтүө санаа, амарах сүрэх олохсуйарын бэлиэтиибит. Бары бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхтээхпитин, өйдөһүөхтээхпитин, кыалларынан көмөлөһө сылдьыахтаахпытын кэпсиибит, дьиэ кэргэммитин оннук билиһиннэрбит. 

Ити курдук улахан дьиэ кэргэн далбар хотуна Светлана Ксенофонтова олус долгутуулаах кэпсээнин түмүктүүр. Владислав уонна Светлана Ксенофонтовтар тоҕус оҕолорун биир тэҥник таптал сылаас уйатыгар бигээн, истиҥ сыһыаннарын кынатыгар суулаан иитэллэр. Бириэмэни кэрэйбэккэ оҕолорунан дьарыктанан, хас биирдии оҕолоругар болҕомтолорун ууран, оҕо дьоҕурун уһугуннаран, дьарыгын тэрийэн инникитин сайдалларыгар төһүү буолаллар.  Саха биир бастыҥ мааны ыалыгар истиҥ эйгэҕит сылаас сыһыана үйэлэргэ  холобур буола турарыгар баҕарабын!

Надежда Ильина

Хаартыскалар: дьиэ кэргэн альбомуттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0