Ийэ буолар, оҕо минньигэс сытын билэр дьол хас биирдии дьахтарга бэриллэрин курдук саныыбыт эрээри, дьон олоҕо тус-туһунан эридьиэстээх. Ким эрэ оҕотун быраҕан барар, ким эрэ уонунан сыллар тухары кыайан оҕоломмокко эрэйи көрөр, онтон ыксаан оҕо иитэ ылар.
Мин бүгүн кэпсиир дьиэ кэргэним ураты дьылҕалаах, сырдык ыраас эйгэлээх ыал. Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр олорор Ксенофонтовтар икки төрөппүт оҕолорун таһынан, сэттэ оҕону утуу-субуу Мохсоҕоллооххо баар оҕо дьиэтиттэн ылбыттара. Дьиҥэр, бэйэлэрэ оҕолоох эрээри, туох санааттан бачча элбэх оҕону дьиэлэригэр киллэрбиттэрин туһунан мантан салгыы ааҕыҥ.
Биир тиэргэҥҥэ – 15 оҕо
Светлана Үөһээ Бүлүү Маҥаас нэһилиэгэр биэс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Биэс кыыстан кини үһүстэрэ. Биир тиэргэҥҥэ тоҕус оҕолоох таайдарын Сэмэн Дьарааһынап дьиэ кэргэнин кытта ыаллаһа олорбуттара. Кинилэр онус оҕолорун иитэ ылан, дьиэлээх хаһаайка Дьоруой ийэ буолбута.
15 оҕо бары бииргэ тутуспутунан оонньоон, сүүрэн-көтөн улааппыттара, билигин даҕаны бэйэ-бэйэлэригэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьаллар. Элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх киһи олоҕор кыайыылаах-хотуулаах, бигэ тирэхтээх, хаһан баҕарар хардарыта көмөлөсүһэр дьонноох буолар.
Ийэтэ Александра Васильевна, тыа сирин хоһуун дьахтара, үйэтин тухары пиэрмэҕэ ыанньыксыттаабыта. Соҕотох ийэ оҕолоругар бэйэ-бэйэҕэ эрэнэргэ, олох ыарахаттарыттан хаһан да санааны түһэрбэккэ, санаа күүһүнэн олорорго үөрэппитэ.
Кыргыттар оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр биирдэ ийэлэрэ барыларын ыҥыран ылбыта уонна ыйытардыы эргиччи көрбүтэ: “Мин Виталий Герасимовиһы сөбүлээтим, ыал буолуохпун баҕарабын, ону эһиги туох диигит?” – диэбитэ. Оҕолор улахан эдьиийдэрин кытта бары хоско суксуруһан киирэн сүбэлэһэн баран ийэлэригэр: “Эн дьоллоох буоллаххына, биһиги эмиэ дьоллоох буолуохпут”, — дэспиттэрэ бэһиэн бары биир киһи курдук.
«Киирии аҕабыт сытыары-сымнаҕас майгылаах, биирдэ даҕаны куолаһын соноппотоҕо. Туһалааҕы оҥордохпутуна, кыбыс-кытаанах чэрдээх илиитинэн төбөбүтүттэн биирдэ эмэ имэрийэрэ. Нэһилиэккэ балыксыт быһыытынан биллэрэ, куулунан собо тиэйэн аҕалара. Кини кэлиэҕиттэн тиэргэммит, дьиэбит иһэ-таһа тупсубута, саҥа кыраабыл, туттар тэрил баар буолбута», — диэн саныыр оҕо сааһын Света.
Олох тургутуута
Кыыс 19 саастааҕар эрдэ ыал буолан, эдэрдэр түөрт эрэ мөһөөктөөх куоракка көспүттэрэ. Кыргыттара онно төрөөбүттэрэ. Дьокуускайга бас билэр дьиэтэ суох, аймахтарыгар кыбыллан олоро, дьиэ куортамныы сатаан баран, тыа сиригэр Өктөмҥө тахсан олохсуйбуттара.
Ксенофонтовтар хас да сыл буолан баран уол оҕолонуохтарын баҕарбыттара. Күүтэ сатаан баран ханыы тартараары, уол оҕо иитэ ыларга сорунан, докумуон хомуйсубуттара. Ол сылдьан Света ийэ буолар сибикитин билбитэ уонна ити кэмҥэ эппиэкэ үлэһиттэрэ уол оҕо баар диэн эрийбиттэрин, ноҕуруускаланыам диэн аккаастаан кэбиспитэ. Онтун кэлин хаста да кэмсинэ санаабыта.
Оннук сылдьан эмискэ, 7-8 ыйыгар тиийэн, оҕо куотар кутталланан, Покровскайга балыыһаҕа киирбитэ. Медицина киинигэр ыыппыттарын харантыын буолан хаалан, кыайан барбатаҕа. Биир сарсыарда иһэ хам тутан, “отслойка плаценты” диэн быһааран, суһаллык эпэрээссийэлээбиттэрэ даҕаны, уутугар тумнастыбыт оҕону сатаан быыһаабатахтара.
Светлана хаана баран икки күнү быһа өйө суох сыппыта, онтон кэргэнэ кэлэн кини көһүйбүт этин-сиинин илбийэн, олоххо төнүннэрбитэ. Быраастар аны ийэ буолбатын туһунан эппиттэрэ. Светлана ийэлэр оҕолонон тахсар үөрүүлэрин, дьон дьоллонорун түннүгүнэн көрөн туран, хараҕын уутунан сууммута.
Дьиэлэригэр балтыларын күүппүт оҕолоругар туох диэн быһаарыан билбэккэ, туймааран олорбута. Инникитин ийэ буолуохтаах кырачаан кыргыттарын куттуон баҕарбакка, санаатын сааһылыы, тугу этэрин толкуйдуу сатыыра. Ийэлэрэ улахан төгүрүк иһэ суоҕун көрөн: “Хайа, ийээ, иһиҥ суох дии, оҕоҥ ханна баарый?”— диэн хап-сабар ыйыталаспыттара. Ийэлэрэ оҕолорун уйулҕатын харыстаан, кырачаан оҕо аптаах фея буолан көппүт диэн ырааҕынан ханарытан эппитэ.
«Үс оҕону, онтон түөрт оҕону иитэ ылбыппыт»
Оҕону иитэ ылартан аккаастаабыппыттан буолуо диэн, Света бэйэтин буруйдана санаан, оҕоҕо тардыһыыта өссө күүһүрбүтэ, тулаайах хаалбыт оҕолору үөрдүөн, дьоллуон баҕарбыта. Онон сүрэх бааһын аһарынан, оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн оскуолатын ааһан, өй-санаа өттүнэн ситэн, 2018 сыллаахха Мохсоҕоллооххо баар оҕо дьиэтиттэн үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылары сааскы каникул кэмигэр ыалдьыттата ылбыттара.
Бу кылгас кэм иһигэр бэйэ-бэйэлэрин билсэн, алтыһан, үөрэтэн, икки өттүттэн салгыы биир дьиэ кэргэн буолабыт диэн быһаарыммыттара. Амир билигин 14 саастаах, Алик 8-таах, Айлан 7-лээх. Төрөппүт кыргыттара номнуо улаатан, ийэлэригэр көмө дьон. Улахан кыыс Ванесса 16-лаах, бэйэтэ тиэстэ охсон бэрэски, бөрүөк арааһын астаан быраатарын, балтыларын аһатар.
Улахан оҕолор дьиэ иһигэр ким да үөхсүө, албынныа, улаханнык хаһыытыа, ыыстыа, охсуо суохтаах диэн саҥа кэлбит оҕолору үөрэппиттэрэ. «Оҕо оҕоҕо этэрэ улахан киһи тылыттан ордук ылыннарыылаах”, — дииллэр төрөппүттэрэ.
Ксенофонтовтар былырыын сайын Мохсоҕоллоохтон өссө түөрт оҕону — 15 саастаах Самиры, 10 саастаах Эдигы, 8 саастаах Ваняны, 5 саастаах Сашаны иитэ ылбыттара. Оҕо дьиэтигэр бииргэ төрөөбүттэри араарбаттар, ол иһин тутуспутунан кэлбиттэрэ.
Дьиҥэ өйдөрүн туппут, улааппыт оҕолор кэлэн баран бэйэлэрэ баҕа өттүнэн саҥа төрөппүттэрин ийэ, аҕа диэн ыҥырар буолбуттара. Онон Светлана күннэтэ тоҕус оҕоттон ийээ диэн алыптаах тылы истэр, барыларыгар болҕомто уурар, сүбэлиир, истиҥник кэпсэтэр.
Аһаҕастык кэпсэтэ үөрэтэбит
«Оҕо барытын итэҕэйимтиэ, ыраас дууһалаах, онон аһаҕастык кэпсэтэ үөрэннэххинэ, чугаһыыр, аһыллар. Биһиги оҕолорбут оҕо дьиэтигэр өр олорботох, уйулҕалара алдьамматах оҕолор. Саамай уһаабыта алта ый онно сылдьыбыттара. Эпиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорун сатаан көрбөт дьонтон хаста даҕаны баран ылбыт кырачааннара ыарахан олохтон сүрэх баастаах кэлэллэр.
Кинилэргэ биһиги атын олох баарын, киһи киһиэхэ эрэнэрин, сарсыҥҥыга эрэллээҕин көрдөрөбүт. Олоххо бэйэҕит миэстэҕитин буларгытыгар көмөлөһөр дьоҥҥут буолабыт диэн этэбит. Оҕолорбут 18 саастарын туоллулар да көҥүл ыытан кэбиспэппит, бу олохпут тухары бииргэ тутуһа сылдьар дьоммут», — диэн кэпсиир элбэх оҕолоох ыал ийэтэ.
Харчыны ааҕа үөрэтэр бырайыак
Ыал ийэтэ оҕолорун кыра саастарыттан бырайыак уонна симиэтэ оҥорорго үөрэтэр. Аан бастаан төрөөбүт күннэрин хайдах оҥоруохтарын баҕаралларын ыйытан, ол харчытыгар таһаардахха, төһө ороскуоттааҕын ааҕан таһаарбыттара. Онтон тэпилииссэҕэ ким тугу баҕарбытын олордоругар көҥүл ылан, кыргыттар арбуз, дыня, помидор олордор туһунан бырайыак суруйан, ол саҕалааһыннарын олоххо киллэрбиттэрэ.
Улахан кыыс ис сүрэҕиттэн астынан, үүнээйилэрин куоппаһырдан, саҥа суортары таһаарбыта. От күөх уонна саһархай кабачоктары холбоон, эриэн өҥнөөҕү ылбыта. Бэйэм айан таһаардым диэн олус үөрбүтэ. Биир сыл Өктөмҥө сааскы көмүөл мууһун кытта улахан уу кэлэн, арассаадалара былдьанан хаалбыта.
Төлөпүөнү туттарга, интэриниэккэ киирэргэ бэйэҕэ туһалааҕы эрэ ылыахтааххыт диэн ийэлэрэ сүбэлиир. Онон саҥа өссө интэриэһинэй бырайыагы бэлэмнээн, инкубатор атыылаһан, хас да сымыыттан Ванесса бэйэтэ кустары-хаастары таһаарбыта, бас билэр кууруссалардаах, чоппуускалардаах.
Эбии дохуот
Ол иннинэ улахан кыыс дьоно хоруолук бэлэхтээбиттэрин көрөн-истэн, төрөөтөҕүн аайы оҕолорун атыылаан, эбии харчы киллэрэ үөрэммитэ. Чугастыы Өктөм пааркаҕа тахсан, дьиэтээҕи кыылларын кытта харчыга хаартыскаҕа түһэллэр. Элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн сылгы, коза иитэр, үүтүн оҕолорго иһэрдэллэр, сороҕун атыылыыллар.
Василиса мыыла, кучу чэй, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр быраатын кытта саллааттар түөскэ кэтэр быаларын (аксельбант) оҥорон атыылаабыттара. Ол киллэрбит харчыларынан таҥас ылынан, үөрүүлэрэ өссө үрдээбитэ.
Ксенофонтовтар дьиэ кэргэнинэн үлэҕинэн сымнаҕас миэбэл оҥорор урбаанньыттар. Быйыл балыыһаҕа тирии бүрүөһүннээх үс дьыбаан бэлэхтээтилэр. Ону таһынан, түннүк, аан арааматын оҥороллор, уһанар мастарыскыайдаахтар.
Былырыын тигээйи иитэн, сылы быһа сиир мүөттэрин ылбыттара, өссө буоскатыттан чүмэчи оҥороллор, кытыантан, боҕуруоскайтан дьиэни ыраастыырга анаан оттоох мөһөөччүктэри бэлэмнииллэр.
Светлана Арктикатааҕы Култуура уонна ускуустуба институтун бүтэрбитэ, этнокультурнай киин салайааччыта идэлээх, онтон муниципальнай салайыы үөрэҕэр үөрэммитэ. Билигин педагог-психолог хайысхатынан эбии үөрэнэр. «Дьол уйата» диэн дьиэ кэргэн сайдыытын өйүүр түмсүү, “Сердцедар” иитиэх дьиэ кэргэн түмсүүлэрин салайан үлэлэтэр. Владислав быйыл агроинженер үөрэҕин бүтэриэхтээх. Тыа сиригэр тиэргэни тупсарыыга үлэлэһэр санаалаах.
Олоххо бэлэм оҕолору иитэбит
«Аныгы үйэҕэ ийэ оҕону олоххо бэлэм буоларын курдук үөрэтиэхтээх, уол-кыыс үлэтэ диэн араарбакка, оҕо барытын сатыахтаах. Билигин эр киһи үлэтэ да суох, үгүс дьон мас хайыппаттар, саһаан туруорбаттар, муус алларбаттар.
Ийэ дьиэ иһинээҕи эйгэни тупсарар аналлаах, инникигэ эрэли саҕар, үтүөнү үксэтэр, оҕолорун, кэргэнин ис кыаҕын, дьоҕурун арыйан, ситиһиигэ угуйар, үчүгэй олоххо тардыһыыны күүһүрдэр. Хас биирдии киһи бу олоххо талаанын арыйан ситиһиилэннэҕинэ, дьоллоох буолар.
Дьиэ кэргэн оруолун өрө тутабыт, Ксенофонтовтар диэн үгүс күрэстэргэ кыттабыт, оҕолорбут биһиги араспаанньабытын ылыахтарын баҕараллар эрээри, улааттахтарына, баҕар, атыннык саныахтара. Онон сокуонунан туһанар бырааптарын сарбыйыахпытын баҕарбатахпыт.
Оҕону таптыыр буоллаххына, кини сүрэҕин эйиэхэ арыйар. Таптыыр оҕоҥ алҕастарын бырастыы гынарга үөрэнэҕин, ону таһынан, хас биирдии кыһалҕа сатаан быһаарыллар диэн саныахха наада. Биһиэхэ Хаҥалас улууһун эпиэкэтин, Мохсоҕоллоох оҕо дьиэтин үлэһиттэрэ куруук көмөлөһөллөр. Оҕону иитэ ыларга уопуттаах ийэлэри кытта пуорумҥа көрсөн, оҕону иитиигэ сыыһа-халты туттунуу тахсыбатын курдук өрүү сүбэлэһэбит. Онон өйдөспөт түгэннэри тумнан ааһабыт», — диэн Светлана санаатын үллэстэр.
Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ
Ксенофонтовтар бииргэ төрөөбүттэрин кытта сыл ахсын, ыал аайы уочаратынан көһө сылдьан, Саҥа дьылы бииргэ ылар үгэстээхтэр. Аан тэлэччи аһылла түһэр да, 11 ыалдьыт дьиэҕэ биирдэ кутуллан киирэр. Светлана эдьиийдэрэ эмиэ 4-5-тии оҕолоохтор, сиэн оҕо баар. Онон биир да остуолга уу чуумпутук олорботтор, ырыа-тойук, күрэхтэһии, көр-күлүү аргыстаах сылдьаллар.
«Оҕолорбут тиэргэн иһигэр Эһээ дьыл бэлэҕин көрдүүллэр. Эрдэттэн тугу баҕаралларын суруйаллар, онно үчүгэйдик эбэтэр туйгуннук үөрэммит оҕолор киэннэрэ 100% туолар, оттон мөлтөхтүк үөрэммиттэри Тымныы оҕонньор бэйэтэ быһаарар. Онон үөрэхтэригэр кыһаллаллар», — диир ийэлэрэ.
Ксенофонтовтар олохторун орто омурҕаныгар диэри өссө сүүрбэччэ оҕоҕо ийэ-аҕа амарах тапталын бэлэхтиир ыра санаалаахтар.
Марианна Тыртыкова.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ