Тоҕус мүнүүтэлээх айан толуга… (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
10.01.2018
Бөлөххө киир:

Ыарҕа сайылыгыттан бөһүөлэккэ диэри массыына суолунан бардахха биэс биэрэстэ буолара буолуо. Сайылыкка чугаһаатаххына, Дьуона алааһын сыыра диэн бэрт үрдүк сыырдаах. Сыыр анныгар дулҕалаах, сайын ортотугар диэри куурбат кыракый үрүйэлээх. Онно балачча уһун күрбэлээх.

Баанчык бөлүүн сайылыкка хонон баран, бөһүөлэккэ бараары оҥосто сылдьар. Бүгүн бэлисипиэтинэн төһө түргэнник тиийэрин билиэн баҕарар. Таалым анньыа диэн сарсыарда наһаа тото аһаабатаҕа. Ыанньыксыттар күнүскү ыамнарыгар тахсыбыттарын кэннэ, көмүлүөк оһохтоох сытыары дьиэ былыргылыы дьоҕус түннүгүн сэҥийэтигэр турар будильник стрелката 12 чаас буолуо уон мүнүүтэни көрдөрөөтүн кытары таһырдьа ыстанна. Аан айаҕар өйөнөн турар бэлисипиэтин уруулун харбаан ылла да, сүүрэн иһэн биирдэ ыҥыырыгар баар буола түстэ уонна өрө тура-тура уҥа-хаҥас атахтарынан педалын үктүөлээмэхтээтэ. Өтөрүнэн ардаабакка килэриччи хаппыт суол устун начаас сайылык кэриитигэр сирилэтэн тиийдэ.

Кэрии тыаны мүччү түһээт, Дьуона алааһын сыырын аннынааҕы күрбэ устун өрүтэ көтүөккэлэтэн, ылбыт тэтимин сүтэрэн кэбиһэн, сыыр быарыгар да тиийбэккэ бытааран хаалла. Ойон түһэн бэлисипиэтин анньыбытынан сыыры өрө сүүрэн маҕыйда. Аҕылаан-мэҥилээн сыыр оройугар тиийээт, эмиэ ыҥыырыгар баар буола түстэ да, таҥнары ыстаннаран кэбистэ. Сыыры түһүүгэ ылбыт тэтимин эптэр эбэн, биэрэстэ курдук сири кулгааҕар тыал сирилииринии түргэнник айаннаата. Тохтотой бааһынатын кытыытыгар кэлиитигэр уоҕа арыый хараата. Онтон тыына кылгаан, тиритэн, көхсө уотунан аһыйан барда. Ол да буоллар, төһө кыаҕа баарынан түһүнэн истэ. Нуучча Алааһыгар киирбитин кэннэ көхсө тиритэн аһыйара сүрдэннэ, онуоха эбии бэлэһэ хатан, утатан иэдэйдэ. Дьиэбэр тиийэн уу иһэ охсоот, үрэххэ сөтүөлүү барыыһыбын дии саныы-саныы икки өттүнэн хойуоллаҥнаан төһө кыалларынан түргэнник көтүтэн истэ.

Паарканы ааһан дьиэтин олбуоругар сүүрдэн кэлээт, бэлисипиэтиттэн ыстанан түһэн дьиэҕэ ойдо. Туох ханнык иннинэ көрүдүөргэ ыстанан киирэн истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны көрбүтэ 12 чаас буолуо биир мүнүүтэ баар эбит.

Тоҕус мүнүүтэнэн кэлбит!!!

Сонно төттөрү куукунаҕа ыстанан тахсан, ийэтэ ас астыыр остуолугар үс лиитэрэлээх истикилээҥкэҕэ турар сойбут чэйи ыймахтаата. Харса суох ыймахтаан иһэн, мас арыытын кэтэрдэ турарын биирдэ өйдөөтө. Истикилээҥкэтин нэһиилэ остуолга олордоот, ытыһынан айаҕын саба туттубутунан таһырдьа ыстанна. Дьиэ кэннигэр ойон тиийэн хотуолаан ыһылыннарда. Хараҕа уһулла, иһэ-үөһэ бүтүннүү тиэрэ тардыллан тахса сыста. Мэктиэтигэр сүрэҕэ тохтуу сыста. Бэйэтин тургутан көрө, рекорд олохтуу сатаабыта иэдээнинэн иэнигийбэтэҕэр махтал буолла. Адьас сэниэтэ эстэн, онтон-мантан тутуһан нэһиилэ салбыҥнаан дьиэҕэ киирэн истэҕинэ ийэтэ көрсө түстэ. Соһуйан сирэйэ кубарыс гына түстэ. ¥рүт үөһэ туох буолбутун ыйыталаһан истэн, дьэ арыый уоскуйан, сирэйин-хараҕын сууйан, кыратык сылаас уу иһэрдэн, көхсүн инчэҕэй сотторунан сотон баран оронугар сытыарда.

— Киһи кыаҕын таһынан, туох да бэлэмэ суох сүүрэрэ, ыараханы сүгэрэ-көтөҕөрө, үлэлиирэ кутталлаах. Доруобуйатыгар оҕустарыан сөп. Былыр от үлэтигэр эттэрэ-сииннэрэ хатыар диэри сэрэнэн үлэлииллэрэ. Оттон дэлби тиритэн кэлэн баран тымныы ууну иһэр адьас сатаммат. Уруттуоххун сөп. Уруттаабыт киһи кыратык да хамсаатаҕына тиритэ сылдьар, тугу да кыайан үлэлээбэт, сылбаахы буола мөлтөөн хаалар. Онон аны хаһан да итинник гыммат буол. Сойо иликкинэ ууну иһимээр, аһаамаар, — диэн эмиэ да сүбэлиирдии, эмиэ да сэмэлиирдии кэпсии олордо.

Баанчык уоскуйан, сүрэҕин тэбиитэ холкутуйан оронугар тиэрэ түһэн сытан ийэтин диэки буруйдаммыттыы көрөн кэбистэ.

Данил МАКЕЕВ.

Уруһуй: интэриниэттэн.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1