Тоҕо “Бананан уолчаан” 55 сааһын көрсө Саха сиригэй кэлбитэй?
«Сергей Бугаевы билэҕин дуо?» диэн ыйыттахха, ахсааннаах киһи тутатына сөпкө хоруйдуоҕа. Оттон “Африка Бугаевы билэҕин дуо?” диэн ыйытыыга таба хоруйдааччы лаппа элбиэҕэ. Дьэ оттон “Бананан уолчаан туһунан ыллаабыт Сергей Африка Бугаев туһунан тугу билэҕин?” диэтэххэ, 80-с сыл ортото элбэх эдэр киһи сүрэҕэр супту киирбит аатырбыт “Асса” киинэтин сүрүн дьоруойун таайааччы ахсаана муҥутуур чыпчаалыгар тиийиэҕэ.
Кырдьык, “Африканы” истэн билэр дьон, үксүн “Асса” киинэнэн билэллэр. Дьиҥэр, Сергей Бугаев элбэх дьоҕурдаах, дьарыктаах киһи. Сорох дьон кинини худуоһунньук уонна хартыына кэллиэксийэлээччи быһыытынан билэллэр — “уларыта тутуу” кэмигэр “Новые художники” түмсүү биир биллэр кыттыылааҕа, билигин даҕаны айар үлэтин тохтоппокко сылдьар. Сорохторго Бугаев мусукаан быһыытынан биллэр — Сергей Курехин “Поп-механика” бөлөҕөр 1981 сылтан кыттыбыта. Ону таһынан, Сергей көхтөөх уопсастыбанньык, элбэх быыстапкалар тэрийээччилэрэ уонна кыттыылаахтара, быһатын эттэххэ — култуура бары көстүүлэригэр туспа санаалаах, көхтөөх кыттааччы.
АЙАННЬЫТ “АФРИКА”
Соторутааҕыта “Африка” Саха сиригэр кэлэн уонча хонук айаннаан, Дьокуускайынан, Чурапчынан, Баайаҕанан, Өймөкөөнүнэн ыалдьыттаан ааста.
— Сорох дьон араас куораттарга сөмөлүөтүнэн көтөн кэлэн, аэропортан кэнсиэрдиир саалаҕа диэри айаннаабыттарын “Ол дойдуга сылдьыбытым” диэн ааттыыллар. Дьиҥнээх сырыы дьону кытта алтыһыыга сытар. Мин Өймөкөөҥҥө барарбар хас да күнү быһа кыараҕас “уазик” иһигэр бииргэ айанныыр дьоммун кытта атах тэпсэ олорон ирэ-хоро кэпсэттим. Дьэ, бу маны мин “дойдуну кытта билсии” диэн ааттыыбын, — диир Сергей Бугаев.
Кэнники кэмҥэ Сергей биир сүрүн дьарыгынан аан дойду дьикти сирдэрин кэрийээһин, “күүстээх сирдэри” көрдөөһүн” буолбут. Тибеккэ, Алтайга, оннооҕор Антарктидаҕа чинчийэр ыстаансыйаҕа сылдьан баран, Саха сирин таарыйбатаҕына сатаммат курдуга.
ХАЙЫЫ КЭЛБИТИЙ?
— Саха сирин кытта билсиим быдан кэмнэргэ саҕаламмыта. Бастаан Ленинград мусуойугар үлэлиир атаһым этнографическай кэллиэксийэлэри көрдөрбүтүгэр, саха ойуунун таҥаһын сөҕө-махтайа көрбүтүм. Ол кэмҥэ “Саха сиригэр бара сылдьыбыт киһи” диэн санаа үөскээбитэ. Онтон Крымҥа сылдьан Герман Арбугаев диэн Саха сириттэн сылдьар киһи баар диэн истибитим. “Ар-Бугаев? Хайаан да билсиэхтээхпин!” диэн ол сырыыга сурах эрэ хоту, онтон кэнники илэ көрсөн билсибитим. Кэнники ыкса доҕордоспуппут. Санкт-Петербурга Култуурунай пуорум кэмигэр Августина Филиппова курдук улуу киһини кытта билсэн, быыстапкатыгар көмөлөһөн баран, Саха сиригэр тиийбэтэхпинэ сатаммат буолбутум өйдөөбүтүм. Онон 55 сааспын бэлиэтии, бу дойдуга кэлбитим.
Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тыйаатырдарыгар Герман уонна Клавдия Хатылаевтары, “Гулун” ансаамбылы кытта бииргэ холбоһон айар биэчэр тэрийэн, “төрөөбүт күннээх айанын” түмүктээтэ. Бары ааттаабыт доҕотторо кэлэн, Сергей Бугаев кэпсээнин эбэ-саба, сэлэһэ олордулар.
ДЬИКТИ КЭНСИЭР
Кэнсиэр “Гулун” ансаамбыл үҥкүүтүттэн саҕаламмыта. Эрчимнээх хоту омук үҥкүүтэ битийэр кэмигэр, саала ортотугар туох куул дуу, өрөһөлөммүт таҥас дуу сытар этэ. Үҥкүү түмүктэнэр кэмигэр “куул” өрө мөхсө түспүтэ — биэчэр сүрүн кыттааччыта “Африка” ити курдук “үҥкүү нөҥүө сир тыынын” ыла олорбут эбит.
— “Айар биэчэр” диэн хайдах быһыылаах буоларын чопчу билбэппин, онон тугу эрэ сыыстахпына, оҥоруохтаахпын оҥорботохпуна, бука диэн бырастыы гынаарыҥ. Маннык тэрээһиҥҥэ, дьон анекдот кэпсииллэр үһү, дьэ ону бырастыы гыныҥ — сатаабаппын, — диэн көрөөччүлэр иннилэригэр ыкса туран көрсүһүүнү саҕалаабыта.
Хатылаевтары кытта бииргэ оҥорор муусукалара ордук чугастык “джэм-сейшн” диэн хоһуйууга сөп түбэһэрэ буолуо — Бугаев электроннай барабааннаах фразовай сэмплер көмөтүнэн доҕуһуоллаан, дьикти тыастарынан этно-муусуканы байытан, бары бииргэ дьикти саҥа тыаһы айан таһаараллара. Муусука сиэссийэлэрин быыһыгар “Африка” дьон ыйытыыларыгар хоруйдаан, бу көрсүһүү кини “айар биэчэрэ” буоларын туоһулаабыта.
“БАНАНАН” МИИГИН УОННА ВИТЯНЫ ХААЙЫЫТТАН БЫЫҺААБЫТА”
Хас даҕаны ыйытыы, биллэн турар, “Асса” киинэ туһунан буолбута. Өр сылларга элбэх киһи билиэн баҕарбыт “Бананан уолчаан диэн кимий?” диэн ыйытыыта бастакынан кэриэтэ бэриллибитэ. Хоруйа соһуччу соҕус этэ:
— Сергей Соловьев киинэтэ аан бастаан «Здравствуй, мальчик Бананан!” диэн ааттаныахтаах этэ. Бу бырайыакка биһиги Витялыын (Виктор Цой) алҕас кэриэтэ киирбиппит. Ити кэмҥэ сэбиэскэй былаас сокуонугар “тунеядство” диэн буруй баара. Биһиги Витялыын ити кэмҥэ рок муусуканы оҥорор этибит, ол дьиҥнээх үлэнэн ааҕыллыбат этэ. Хас да сэрэтии кэнниттэн хаайыыга угар кутталлара кэлбит кэмигэр, доҕотторбут кэпсэтэн, ити киинэҕэ үлэҕэ киирэн түрмэттэн куотуммуппут.
Устуу кэмигэр Сергей Александрович аныгы ыччат култууратын сүүрээннэригэр соччо быһаарсыбатын көрөн, кыра-кыралаан киинэ муусукатыгар атын нүөмэрдэри киллэртэрэн барбыппыт. Дьиҥэр, ити үрдүкү кэбиниэттэргэ бигэргэммит сценарийы уларытыы, эмиэ ССРС сокуонунан соччо көҥүллэммэт дьыала буоллаҕа, “дибиэрсийэ” курдук ааҕыахха сөп. Ол да буоллар, олус элбэх көннөрүү киллэрэн, эрдэ былааннаммыт нүөмэрдэртэн ахсааннааҕы эрэ хаалларбыппыт. Ол эрэн, төһө да сөбүлээбэтэрбит, Бананан туһунан ырыаны кыайбатахпыт — киинэ сюжета ити ырыаҕа баайылла сылдьар буоллаҕа дии. Онон ити ырыа туһунан мин тугу да этэр кыаҕым суох, Соловьевтан эрэ ыйыттаххытына, билэргит буолуо. Ол оннугар киинэни “Асса” диэн ааттыырга мин ааптары тылбар киллэрбитим, онон киэн туттуохпун сөп.
“Саха сирин култуурата тугунан интэриэһиргэттэ?” диэн ыйытыыга Сергей Бугаев киэҥ далааһыннаах хоруй биэрдэ:
— Дьиҥэр, маннааҕы омуктар култууралара Европа омуктара саҥардыы бэйэлэрин булунан, киһилии олорон эрдэхтэринэ, быдан үйэҕэ түспэтийэн, ситэн-хотон турбута дии саныыбын. Ол иһин аҕа саастаах култуураттан киһи күүс ылара, толкуйга түһэрэ оруннаах. Мин бэйэбин эмиэ кыра ахсааннаах норуоттарга киллэрэбин — Кытай курдук сүүнэ норуот олорор аан дойдутугар атын омуктар бары кыра норуоттарга киирсэллэр, оннук буолбат дуо? Манна кэлэн олус элбэҕи сөҕө-махтайа көрдүм. Холобур, Баайаҕа мындыра Мандар Уус, кинини мин Тойон Уус диэн ааттыахпын баҕарабын, оҥорбут сүдү айымньыта — Моҕол Ураһа киһи өйүгэр баппат дьикти. Бүтүн институт хас да сыл үлэлээн итинник дьиктини оҥороро саарбах. Биир киһи маастардары түмэн оҥорбут бырайыага диэтэххэ, сөҕүмэр үлэ. Аны Августина Николаевна үлэлэрэ! Ити курдук уус-уран үлэлэр миигин куруутун саҥаны айыыга, дьону таптыырга угуйаллар.
Бу кэпсээниттэн сиэттэрэн аҕыйах хонуктааҕыта соһумардык өлбүт Александр Липницкэй туһунан ахтан аһарда:
— Александр Саха сирин кытта элбэхтэ алтыспыт, Саха сирин улуу мусукааннарын кытта алтыспыт киһи. Кини өлүүтэ кытта хайдахтаах кэрэ киһи буоларын туоһулуур (сорох чахчылар көрдөрөллөрүнэн, Александр Липницкэй ытын быыһаары, ууга тимирэн өлбүт). Кини Арассыыйаҕа уонна арҕаа дойдуларга арыйбыт “Чолбон”, “Хардыы” курдук бөлөхтөрө, мин таптыыр доҕотторум Хатылаевтар Саха сирин култууратын биир чаҕылхай холобурдара буолаллар.
ТҮМҮККЭ
Төрөөбүт күннээх айар биэчэрэ, үтүө үгэһинэн, чүмэчилэрдээх туордунан түмүктэммитэ. Мусукаан, худуоһунньук, артыыс, айанньыт Сергей “Африка” Бугаев мустубут дьон сүрэҕин сүүйэн барбыта өтө көстөрө. Маннык аһаҕас санаалаах, элэккэй сүрэхтээх дьон ыалдьыттаан ааһаллара, ханнык да
аатырбыт “сулус” улахан үпкэ туруоруллубут “шоутуттан” быдан күүстээх, сылаас өйдөбүллэри хаалларар.
Ааптар хаартыскалара.