Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра өрөспүүбүлүкэ улуустарынан гостуруолларга сылдьар кэмигэр, үгэс курдук, тыйаатыр норуодунай тыйаатырдарга, араас кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ аанын арыйар.
edersaas.ru
Бэҕэһээ, олунньу 26 күнүгэр, Амма улууһун Абаҕа сэлиэнньэтин Федот Потапов аатынан “Мааска” оҕо тыйаатырын устуудьуйата “Тоҥ хаарга сибэккилэр” испэктээги туруоран, көрөөччүлэри уйадытта.
Испэктээк иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Ефим Степанов кылгастык бу испэктээк историятыгар тохтоото.
“Саха тыйаатыра бэйэтин историятыгар араас кэрдиис кэми аһаран кэллэ. Олортон биир хомолтолоох кэми биһиги ыччаттарбыт, чуолаан оскуола оҕолоро, оонньоон көрдөрөллөрө олус долгутуулаах. 1940 сыллаахха Саха сириттэн артыыс уонна драматург, режиссер буолар ыра санаалаах 30-тан тахса оҕо Ленинград куоракка үөрэнэ барбыта. Хомойуох иһин, дойдуга сэрии сабардаан, оҕолорбут олохторо, үөрэхтэрэ курустук быстыбыта.
1985 сыллаахха Саха тыйаатыра төрүттэммитэ 60 сылын бэлиэтии (1925 сылынан аахтахха) декадаҕа кытта барбыппыт. Онно биһиги Москваҕа кэлбиппитин истэн, 1940 сыллаахха Ленинградтааҕы сахалар устуудьуйаларын учуутала Евгения Лепковская Ленинградтан айаннаан кэлбитэ. Биһиги кинини Улахан тыйаатыр таһыгар көрсүбүппүт. Евгения Лепковскаялыын кэпсэтиибитин “Саха” НКИК кылгастык устан, көмүс пуондатыгар үйэтиппитэ. Саха устуудьуйатын оҕолоругар ийэлэрин солбуйбут педагог оччотооҕу ыарахан кэмнэри, оҕолор барахсаттар тустарынан ытамньыйа-ытамньыйа кэпсээбитэ уонна биһигини көрсүбүтүттэн олус дьолломмутун туһунан эппитэ”, – диэн биир идэлээҕэ Федот Потапов төрөөбүт дойдутуттан, Абаҕаттан кэлбит оҕолор туруорууларын олус долгуйан туран көрүөҕүн туһунан эттэ.
Кырдьыга да, Евгения Лепковская саха артыыстарын кытары көрсүһүүнү 1940 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕалаан, бүтүн 45 сылы быһа күүппүт этэ…
СӨ норуодунай артыыската Зоя Багынанова Абаҕаҕа олус талааннаах дьон олороллорун астына бэлиэтээтэ. “Абаҕаҕа кийиит буолан кэлбит режиссер, салайааччы Евгения Попова Абаҕа култуурунай олоҕун өрө тарта. Кини туруорбут испэктээктэрэ мэлдьи уһулуччу буолаллар. Ону соторутааҕыта Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр аналлаах куонкуруска бу устуудьуйа орто саастаах оҕолоро бастакы миэстэни ылбыттара итиэннэ “Туос мааска” бэстибээлгэ эмиэ Гран-Прины ылбыттара да кэрэһилиир”, — диэн устуудьуйа оҕолоро Саха тыйаатырын сыанатыгар сүрэхтэниилэрэ ситиһиилээх буоларыгар, кинилэри сырдыкка, кэрэҕэ угуйа турарыгар баҕарда.
Көрөөччүлэр Абаҕа орто оскуолатын 9-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ — «Мааска» устуудьуйа оҕолоро дьиҥнээхтии буолбут историяны сүрэхтэригэр, дууһаларыгар дириҥник киллэрэн уонна ылынан оонньообуттарыгар махтанан, атахтарыгар туран эрэ ытыстарын өргө диэри таһыннылар, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Испэктээги театральнай устуудьуйа режиссера Евгения Попова Ленинград алдьархайыттан тыыннаах ордон кэлбит Е.К.Лепковская уонна И.В.Попов ахтыыларынан туруорда.
Биллэрин курдук, бу испэктээк Саха тыйаатырын сыанатыгар өссө 1983 сыллаахха Иван Гоголев айымньытынан, Федот Попов туруоруутунан “Кэрэ көмүскэлигэр” диэн аатынан тахсыбыта. Онтон оруобуна 20 сылынан билигин Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай дипломнай үлэ быһыытынан туруоран көрөөччүлэргэ тириэрдибитэ.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл тохсунньуга Абаҕаҕа бу испэктээк сүрэхтэниитигэр Зоя Багынанова, кыргыттара Надежда уонна Елизавета Федотовналар ыалдьыттаабыттара.
Испэктээккэ сүрүн оруол педагог Евгения Константиновнаҕа ананна. Кини уобараһын Юлия Яковлева табыллан арыйда. Атын оруоллары: Таня Монастыреваны — Саша Белолюбская, Исай Попову — Илья Нектыров, Анастасия Ларионованы Маша Емельянова уо.д.а. олус бэркэ оонньоотулар.
Оҕолор Тыйаатыр сылын саҕаланыытыгар Саха тыйаатырын сыанатыгар оонньуур үрдүк чиэскэ тиксибиттэрин олохторун дьоллоох уонна умнуллубат түгэнинэн ааҕыахтара.
Надежда ЕГОРОВА, “Cаха сирэ”, edersaas.ru