Отут сыл устата саха национальнай спордун өрө тута сылдьыбыт, мас тардыһыытын, саха многоборьетын солбуллубат комментатора, “Дыгын Оонньууларын” куолаһа Илья Скрябин икки сыллааҕыта комментатордыыр дьарыгын тохтоторго санаммыта. Ол да буоллар, бүтэһик икки Дыгын Оонньуутун дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдаппыта. Быйылгы сылга солбуллубат комментатор туох былааннааҕын, баҕа санаалааҕын биһиэхэ кэпсээтэ. edersaas.ru
— Илья Ильич, эн комментатор быһыытынан хайдах үлэлээн саҕалаабыккыный?
— Отут сыл аннараа өттүгэр, бастаан Төҥүлүгэ сельсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн улэлиир эрдэхпинэ, оскуолаҕа Александр Слепцов диэн хайыһар тренерин өйөөн хайыһар курэхтэһиилэригэр комментатордыырым. Онтон 1989 сылтан волейболга, СахаВА бастакы тэрээһиннэригэр, күрэхтэһиилэригэр саҥарар буолбутум. 1993 сыл тохсунньу ыйыттан мас тардыһыыга, 1995 сылтан “Дыгын Оонньууларыгар” комментатордыыбын. 1989 сылтан «Эрчим» кооператив тэрийиэхпиттэн ыла кыра да улахан да күрэхтэһиилэргэ үлэлээн кэллим.
— Быйылгы күрэхтэһиилэргэ комментатордыыр санаалааххын дуо?
— Отут сыл баҕа санаам хоту үлэлээн баран сааһыраммын сылайдым. Быйылгаттан тохтуурга сананным. Үлэлээбитим тухары комментатордааһын мин сүрүн үлэм буолбатаҕа. Хобби курдук этэ. Дьиҥинэн спортивнай комментатор бүддьүөттэн үбүлэнэр туспа үлэһит буолуохтаах. Үлэ бөҕөтүн ыытаҕын уонна хамнастамматыҥ тус олоххор охсуулаах буолар. Дьиэ кэргэҥҥин иитиэххин эмиэ наада буоллаҕа дии. Биһиги эрэ инник үлэлээбэтибит. Холобур, спорту барытын сырдата сылдьыбыт киһи Вячеслав Степановка туох да төлөммөт этэ. Нолуок сулууспатын пресс-киинигэр үлэлиир буолан хамнастанара. Кинини мээнэҕэ “спорт рупора” диэн ааттаабатахтара. Александр Васильев–Көрдүгэн энтузиаст буолан хапсаҕайы күүскэ сайыннара сылдьар. Биир да улахан хапсаҕай күрэхтэһиитэ кинитэ суох ааспат. Кини үлэтэ эмиэ төлөммөт. “Кэскил” оҕо хаһыатыгар редакторы солбуйааччынан үлэлиир буолан хамнастанар. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары оонньуулара курдук улахан таһымнаах күрэхтэһиини бүтүн Өрөспүүбүлүкэҕэ сырдатан баран кыра да хамнаһы ылбата. Итиннэ тэрийээччилэр буруйдара суох. Сокуоммут оннук. Комментатор үлэтэ төлөнөр диэн ханнык да бүддьүөккэ көрүллүбэтэх, ыстатыйа да суох. Бу сыллар тухары итини сатаан дакаастаабатым.
— Оттон “Дыгын Оонньууларын” уонна мас тардыһыы күрэхтэһиилэрин ким сырдатарый?
— Дыгын оонньууларын 1995 сылтан саҕалаан 18 төгүл ыыттым. Хаһан эмэ киһи тохтуур кэмэ кэлэр. Миэхэ ол кэм кэллэ дии саныыбын. Дьиҥинэн икки сыллааҕыта уурайар баҕа санаа күүскэ оргуйа сылдьыбыта. Дьокуускай куорат спорт кэмитиэтэ урут-уруккуттан мин үлэбин өйүүр буолан, кинилэри өйөөммүн икки сыл “Дыгын Оонньууларын” ыыттым. Ол гынан баран, бу икки кэлиҥҥи сыллары ис сүрэхпиттэн иэйэн туран ыыттым диир кыаҕым суох. Ону истээччилэрим да билбиттэрэ буолуо. Саҥа сүүрээн киириэн наада. Кинини батыһан саҥа көлүөнэ сайдыахтаах.
Оттон мас тардыһыытын сырдатыыга олоҕум 25 сылын анаатым. Комментатор эрэ быһыытынан буолбатах. Тэрийээччи быһыытынан өҥөм эмиэ элбэх. Билигин мас тардыһыы быраабылата сотору-сотору уларыйар буолан, элбэх мөккүөр тахсар. Аны күрэхтэһии икки-үс помоһунан барар. Урут биир помоһунан ыытыллар эрдэҕинэ киирсэ тахсыбыт мадьынылары үчүгэйдик билиһиннэрэр, урукку киирсиилэрин сырдатар этибит. Көрөөччүгэ да кэрэхсибиллээх буолааччы. Билигин икки-үс помоска тахсыбыт мадьынылары барылларын бииргэ сырдатар сатаммат. Күрэхтэһэ киирбиттэрин уонна ким кыайбытын эрэ билиһиннэрэр бириэмэ баар. Биирдэ эмэ киирсиигэ уруккуну-хойууккуну кэпсээн истэххэ ойоҕоско анньан «атын помостка ким эрэ кыайда” эбэтэр “бу киһини ыҥыр» дииллэр. Күрэхтэһиини биир ситимнээн ыытар кыаллыбат буолла. Ол иһин ким баҕарар ыытыан сөп дии саныыбын. Мас тардыһыы күрэхтэһиитэ конвейер курдук буолан хаалла.
— Бэйэҥ кэннигиттэн эдэр комментатордары бэлэмнээн хаалларыаххын баҕарбаккын дуо?
— Спортивнай комментатор үлэтин туруга үрдүү илигинэ эдэрдэр ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлииллэрэ уустук буолуо дии саныыбын. Куруутун култуура эйгэтин салалтатын хайгыыбын. Ырыынак үйэтигэр спорт эйгэтинээҕэр быдан тэрээһиннээхтик үлэлэрин ыыталлар. Талааннаах дьонун күүскэ өйүүллэр. Кинилэр талааннарын туһанан эбии үп киллэринэр усулуобуйа олохтоотулар. Холобур, биир ырыаһыт күрэхтэһиигэ ыллыырыгар тэрийээччилэртэн аччаабыта 3 тыһ. солк ылар. Күрэхтэһии аһыллыытын ыыттахтарына уонча тыһыынчаны ылар дьон баалларын билэбин. Оттон спортка үлэлии сылдьар комментатордар сыл устата уопсайа оччо харчыны ылбаттар. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри саҥардаххына, төлөөтөхтөрүнэ даҕаны, ол харчын бырайыаскар барар. Ол иһин култуура тэрээһиннэригэр ыччат дэлэй. Саҥаттан-саҥа ааттар тахсан иһэллэр. Спортивнай комментатордарынан үлэлиэн баҕалаах баар бөҕө буоллаҕа. Уларыйыы киирэрэ буоллар араас дьоҕурдаах, саҥарбыт-иҥэрбит ыччат көстүө этэ. Баҕалаахтар баар буоллахтарына мин үөрүүнү кытта көмөлөһүөм, үөрэтиэм. Күрэхтэһиилэри сырдататар албастары биллэхпит дии.
— Салгыы туох былааннааххыный?
— Биирдэ бэриллэр олоххо биир сиргэ олорон хаалар санаам букатын суох. Кинигэ суруйуутунан дьарыгыран эрэбин. Бэйэм көлүөнэм дьонун сырдатыы үлэтин саҕалаатым. Эдэр сылдьан кылгас дистанцияҕа сүүрэр спортсмен бэрдэ этим. Гынан баран, бэйэм көрүҥмэр, чэпчэки атлетикаҕа туох да үлэни ыыта иликпин. Бу хайысхаҕа үлэлиир былаан баар. Чэпчэки атлетика сайыннын диэн элбэх стадион тутулунна. “Спорт королеватын” аҥардас стадионнары тутан сайыннарбаккын. Элбэх араас таһымнаах тэрээһин ыытыллыан наада. Кылгас дистанция күрэхтэһиитин көрөр олус кэрэхсэбиллээх буолааччы. Ол иһин мин салгыы ити көрүҥү сайыннарар туһугар үлэлэһэр санаалаахпын.
ЫСПЫРААПКА:
Илья Ильич Скрябин 1953 Мэҥэ Хаҥаласка төрөөбүт. СГУ инженернэй факультетын 1978 сыллаахха бүтэрбит. Комсомол райкомугар инструкторынан, сэбиэдиссэйинэн, иккис сэкирэтээринэн, сопхуос идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлинэн, Төҥүлү сэбиэтин толоруулаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1989 сылтан саҕалаан хамнас биэдэмэһигэр илии баттаабакка спорт сайдыытын туһугар үлэлээтэ. Кэргэннээх, биэс оҕолоох.
Николай Попов кэпсэттэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru