Хаҥалас улууһугар, Покровскайга олорор Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастыреву-Тирэх Уйбааны билбэт эбэтэр кини туһунан истибэтэх киһи саха саҥалаахха ахсааннаах буолуохтаах.
Тирэх Уйбаан чочуйан оҥорбут оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, эмэгэттэрэ уонна харысхаллара киһини араҥаччылыыр, эмтиир дьикти күүстээхтэр. Санааҕа-онооҕо баттаппыт, ыарыыга ылларбыт дьон киниэхэ кэлэн ыраастатан, эмтэтэн, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтөн, ымыы ылан бараллар, оҕото суохтар ийэ-аҕа буолар дьолу билэллэр. Уйбаан Уйбаанабыс бу Орто дойдуга киһи аналын туһунан маннык этэр:
Дьол диэн тугуй?
«Оҕо – баай» диир сыыһа, оҕо диэн дьол. Баай диэн мал. Малы харчыга атыылаһыахха сөп, оҕону харчыга ылбаккын. Оҕо айылҕа анала, ыал дьоло, омук кэскилэ. Оҕо суох буоллаҕына аат-суол, баай-дуол туох үөрүүнү аҕалыай?
Киһи, ыал кэскилин оҕотунан кэбиһэр. Оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллуохтаах. Сыыһырыы диэн сымыйа, киртийии диэн киһиргээһин. Сымыйалыыр уонна киһиргиир дьон киртийэллэр, айгырыыллар. Албынныыр апка киирбит киһи сымыйаччы, киһиргэс буолар. Оҕону иитэргэ итини өйдүүр наада. Оҕо биирдэ сымыйалаабытын таба туппатахха, иккистээн сымыйалыа, онтон буолуохтааҕын курдук ылыныа, мэлдьи сымыйалыыр идэлэниэ. Оҕону албыннаан ииттэххэ, эрэлэ уонна итэҕэлэ суох буолар. Кырбаатахха, таһыйдахха, хара күүһү билинэр. Оҕотун атаахтатар ыал эрэйин оҥостор. Атаах оҕо ирдиир эрэ: «Тоҕо төрөппүккүтүй?», «Иитиэхтээххит-аһатыахтааххыт, хааччыйыахтааххыт!»
Дьахтар уонна эр киһи хардарыта көрсө-харайса, харыстаһа, ситэрсэ сылдьыахтаах эйгэлэр. Иирсээни эҥэрдэспит ыал наар мөккүһэн тахсар. Бастаан мөккүһэллэр, онтон этиһэллэр, салгыы охсуһаллар, тиһэҕэр арахсаллар. Эдэр ыаллар, манныкка төрүт тиийимэҥ, өйдөспөт буоллаххытына, көһөрөн кэбиһиҥ, кэтэх санаа кэһиитэ оҥостуҥ. Туох барыта кэмнээх, ситтэҕинэ тиийэн кэлиэ. Оччоҕуна: «Дьэ кырдык, кэргэним инньэ диэбитэ», — диэн өйдүөххүт.
Омук кута дьахтарга
Кыргыттар, уолаттаргытын сэнээмэҥ.
— Саха уола бытааннык өйдүүр, үөрэҕи кыайан ылбат, үлэлии сатаабат, бэрээдэгэ мөлтөх, — диэн этэргитин элбэхтик истэбин.
Оннук буолбатах. Уһун, тымныы кыһыннаах дойдуга ордук уол оҕо бытааннык арыллар, ол эрээри удьуору ууһатар, Ийэ сирин араҥаччылыыр аналын толорор. Толоруо даҕаны.
Омук дьылҕатын, омук кутун дьахтар тутар. Кыргыттар итини кыра саастарыттан билэ улаатыахтаахтар. «Кыыс оҕо омук анала» диэн өс хоһооно «кыыс бэйэтин омугун анала» диэн, атын омукка сүктэн барыахтааҕын туһунан этиллибэт.
Киһиргээбит кирсэ быстар
Бэйэ-бэйэбитин наһаа дарбатыһар, аакка-суолга дьулуһар буоллубут. Былааска олус найыланныбыт, былаас харчы биэрбэтэҕинэ, олох олорон бүтэр курдук сананабыт. Былаас диэн биһиги сүрүммүт, атына барыта бэйэбититтэн тутулуктаах. Үлэни үрүҥҥэ-хараҕа араарбакка, үлэлиэххэ-хамсыахха наада, үлэ олоҕу айар-тутар.
—Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыа, – диир өс хоһооно.
Мээнэ киһиргиир киһи кэхтэр. Омуктар тугу баҕарар сатыахтара, киһиргэтэн-киһиргэтэн, киһи кирсин, омук кирсин быһыахтарын сөп.
Киһи кыайыы туһугар олорбот. Иллээх олоҕу айар-тутар туһугар олорор. Киһи өйүгэр тугу үлэхтиирэ, санаатыгар тугу салайара бэйэтин олоҕо буолар. Ол иһин сырдыгы уонна хараҥаны, сылааһы уонна тымныыны тэҥниир туһугар олоруллуохтаах. Дьонтон ордо сатаабакка, итэҕэс буолбакка, сэнэммэккэ, олоҕу уонна дьону сыаналаан.
Кыайан оҕоломмот ыал тоҕо элбиирий?
Миэхэ оҕото суох ыаллар, оҕоломмот дьахталлар кэлэн оҕо кутун тартараллар. Сылдьыбыттар бары оҕоломмуттара. Биири бэлиэтии көрөбүн: кыайан оҕоломмот дьон элбээн иһэр курдук… Быйыл кыһын Мииринэйтэн биир ыал ийэтэ төлөпүөннүү сырытта, Санкт-Петербурга ЭКО-ҕа тиийэн баран ытаатым, Саха сириттэн эмтэнэ кэлээччи элбэх да эбит диир.
Оттон урут саха ыала аччаабыта алта-сэттэ оҕолоох буолара эбээт! Билигин биир-икки оҕонон муҥурданаллар. Аҕыйах ахсааннаах омукка бу охсуута улахан. Былыргы кырдьаҕастар: “Биир оҕо төрөөтөҕүнэ, сүүс киһи кэлэр, биир оҕо өллөҕүнэ, сүүс киһи сүтэр”, — диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо?
Айыы балаҕана тутуллуохтаах
Тирэх Уйбаан дьарыктанарыгар усулуобуйата суох да буоллар, кыһалҕаланан кэлбит дьон көрдөһүүтүн быһа гыммат, барыларын дьиэтигэр көрсөр. Хас биирдии киһини эмтииригэр, ыраастыырыгар бэйэтин нөҥүө аһардар. Ити эрээри, таас дьиэҕэ киһи кыайан ыраастаммат буолан, дьаҥы-дьаһаҕы бэйэтигэр иҥэринэригэр тиийэр. Инньэ гынан, көмүлүөктээҕим буоллар, аал уокка тута ыраастаныам этэ диэн балаҕан туттуон баҕарар.
Кини бу өр сыллаах баҕата олоххо киирэр кэскиллэннэ: Покровскай куорат дьаһалтата былыр Таҥара дьиэтэ, кэлин хочуолунай буолан турбут Манастыыр күөлэ диэн сиргэ түөрт суотайдаах учаастагы биэрдэ. Биллэн турар, туспа тиэргэннээх, барыта бары ситэри оҥоһуллубут Айыы балаҕанын тутуу сааһыран эрэр киһиэхэ уустук. Ити иһин, ааспыт сылларга Тирэх Уйбааҥҥа эмтэммит, киниэхэ ыраастаппыт, оҕо кутун иҥэртэрбит дьонтон тэриллибит өйүүр бөлөх маннык ыҥырыыны таһаарда.
Ымыы ыра санаа – олох сулуһа
Киһи барахсан бу Орто туруу бараан дойдуга көмүс-ньээкэ биһигин ыйаары, төрүүр оҕону төлкөлөөрү, бэйэтин кэнниттэн кэнчээри ыччаттарын хааллараары, сирдээҕи дьолу билээри, күн сирин көрөр. Уйбаан Уйбаанабыс Монастыревка-Тирэх Уйбааҥҥа эмтэммит итиэннэ кини алгыһынан ийэ-аҕа буолар дьолу билбит киһи үгүс. Киниэхэ Саха сирин олохтоохторо эрэ буолбакка, Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн, омук сириттэн тиийэ кэлэн эмтэнэллэр.
Айылҕаттан айдарыылаах маннык киһиэхэ туспа тиэргэннээх, эмтиир-томтуур анал дьиэ тутуллара буоллар, өссө төһөлөөх элбэх ыал оҕолонон дьоллонуо, кэскили ууһатыа, төһөлөөх үгүс киһи ыраастанан, эмтэнэн, арчыланан олох кэрэтин билиэ этэй? Саха омук быстыбат кэскилин өйдөөн-санаан тураммыт, биһиги, кини алгыһын ылбыт дьон, Тирэх Уйбаан бар дьонугар күүс-көмө буолар туһугар айан-тутан оҥорбут үлэлэрин түмэр, этиттэриилээх хоһуйууларын көрдөрөр итиэннэ эмтиир-томтуур дьиэтин, “Тирэх тиэргэнин” тутууга күүс-көмө буолуоҕуҥ диэн бар дьоммутун ыҥырабыт. Норуот күүһэ көмүөл күүһэ. Монастырев Уйбаан Уйбаанабыс “Сбербааҥҥа” каартатын нүөмэрэ 2202 2001 4594 2007
Тирэх Уйбааны өйөөччүлэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.