Тимур Ханды: «Саха сирэ оннооҕор буолуох айанньыттары сөхтөрөр кыахтаах»

Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирин салалтата туризмы сайыннарыы туһунан сөбүлэҥ түһэристэ. Сөбүлэҥ Саха сирин көрө-истэ кэлээччилэр айаннарын сыанатын биллэ чэпчиэтиэҕэ.

Саха сирэ ураты кэрэ айылҕалаах эрэгийиэнинэн биллэр. Манна 360 көрдөрүллүөн сөптөөх эбийиэктэр, ону сэргэ 200-тэн тахса араас туристическай сирдэр бааллар. «Саха сирэ оннооҕор буолуох айанньыттары сөхтөрөр кыахтаах”, — диир СӨ урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды.

— Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи өйөбүл көмөтүнэн бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа туристическай эбийиэктэр үөскүүллэр. Биһиги Саха сиригэр дьон сылдьар, сынньанар, үрдүк таһымнаах туристическай бородууксуйатын элбэтэр соруктаахпыт. Атын дойдулартан, Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн айанньыттар кэлэ туруохтаахтар, — диэн этэр Тимур Ханды.

Эрэгийиэҥҥэ туризм сайдыыта үлэ миэстэтэ тахсарыгар  уонна инфраструктура сайдарыгар, урбаан хайысхата кэҥииригэр төһүү буолар.

«Саха сирэ» хаһыат, Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0