Олоҥхо. Ойууннааһын. Саха уустара. Бу маннык, дьиҥ сахалыы, сүдү суолталаах тиэмэлэргэ үгүс үлэлэрдээх, омук дириҥ силистээх баай устуоруйатын ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманан дьоҥҥо-норуокка тиэрдэр ураты дьоҕурдаах, сэдэх буочардаах, уһулуччу талааннаах бөлүһүөк-худуоһунньук Тимофей Степанов сарсын төрөөбүтэ 75 сылын туолар.
Худуоһунньук кыыһа Айталина Степанова уонна кэргэнэ Нина Егоровна Санникова көҕүлээһиннэринэн, бу бэлиэ даатаҕа анаан, сэтинньи 22 күнүгэр 16.00 чаастан СӨ Национальнай художественнай мусуойугар «АРТ МИРЫ Тимофея Степанова» диэн быыстапка аһыллар.
Хайа баҕарар киһи олоҕо айбыт үлэлэригэр, олоххо киллэрбит дьыалаларыгар уонна, биллэн турар, оҕолоругар салҕанар. Аҕатын туһунан Айталина Тимофеевна Степанова олус истиҥник, сылаастык ахтар.
“Иитиллибит иэспин төлүү сылдьабын…”
— Айталина, аҕаҥ туһунан, бэйэҥ тускунан эмиэ, баһаалыста, кэпсии түс эрэ…
— Миигин аҕам 8 сааспыттан ииппитэ. Киһи быһыытынан олус кыһамньылаах, оҕоҕо болҕомтолоох, ирдэбиллээх эрээри, эйэҕэс этэ. Биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһөрбүт. Истиҥ доҕордуу этибит. Киниэхэ туох баар кистэлэҥмин барытын итэҕэйэрим. Кини сүбэтигэр наадыйарым. Үөрэхпэр эмиэ көмөлөһөрө. Ордук история, философия боппуруостарыгар миэхэ үгүһү кэпсиирэ, барытын быһааран, өйдөтөн биэрэрэ олохпор туһалаабыта, билигин да туһалыыр. Аҕам быһаччы дьаһайан кэбиспэт этэ, толкуйдатара, быыбар биэрэрэ… Бэйэтэ үлүһүйэн туран үлэлиирэ. Күн аайы – реставрациятыгар. Өрөбүллэригэр, уоппускаларыгар, күн сырдыгар хартыыналарын уруһуйдуура. Ол курдук, “Күн Куо”, “Гимн коню”, “Олоҥхо дойдута”, онтон да атын үлэлэрин суруйбутун субу курдук өйдүүбүн. Айар куттаах буолан, муусуканы, ырыаны эмиэ сөбүлүүрэ, ордук Робертино Лоретти пластинкаларын сэргээн истэрэ. Ийэбин наһаа таптыыра, харыстыыра, өр кэмҥэ 17-с кыбартаалга икки этээстээх мас дьиэҕэ олорбуппут, онно ийэбин дьиэ ис-тас үлэтиттэн босхолуу сатыыра… Ийэм суруналыыс, юрист Нина Егоровна Санникова, аҕам аатын үйэтитиигэ сыралаһан үлэлиир киһи. Мин төрөппүт аҕам, Бүлүү педучилищетыгар Марк Жирков мусуойун аан бастакынан тэрийбит педагог, муусукаан Василий Иванович Санников, 4 саастаахпар өлбүтэ. Ону-маны өйдүүр буолуохпуттан, ол иһин, мин олохпор ииппит аҕам Тимофей Андреевич суолтата олус улахан, тугунан да кэмнэммэт. Билигин бэйэм ыалбын – кэргэннээхпин, үс оҕо ийэтэбин. Филолог, суруналыыс, юрист идэлээхпин. Аҕам, мин улахан кыыһым Дайаана төрөөбүтүгэр наһаа даҕаны үөрбүтэ! Эһээ буолуу – дьол, диирэ.
Сиэнин чааһы быһа көтөҕө сылдьара, таһырдьа тахсан салгын сиэтэрэ, киниэхэ анаан киҥинэйэн ырыа ыллыыра… Аҕам айар үлэтин, нэһилиэстибэтин үйэтитии, пропагандалааһын, быыстапкаларын тэрийии – бу мин ытык иэһим буолар. Онон, иитиллибит иэспин төлүү сылдьабын, диэхпин сөп…
“Уруһуй — эр киһи анала!”
— Аҕаҥ эн худуоһунньук буолуоххун баҕарбатаҕа дуо?
— Оҕо-оҕо курдук, биллэн турар, уруһуйдуурбун сөбүлүүр этим, ону өйүүрэ, араас кырааска, альбом ылан биэрэрэ. Ол гынан баран: “Уруһуй – эр киһи анала, ыарахан үлэ…”, — диирин өйдөөн хаалбыппын.
— Бэйэтин оҕо сааһыттан тугу кэпсиирэй?
— Кини төгүрүк тулаайах хаалан баран Тойбохой, Бүлүү детдомнарыгар иитиллибитин кэпсиирэ. Биирдэ, детдомҥа хайа эрэ аймаҕа киһи кэлэн көрсүбүт, өҥнөөх харандаастаах хоруопканы бэлэхтээбит. Таһыгар шлемнээх Спартак уруһуйдаммыт үһү. Дьэ, онтон ыла наар Спартагы уруһуйдуур буолбут. Уолаттарга уруһуйдаан биэрэр эбит. Детдомҥа сылдьан аан бастаан абрикос компоту сиэбитин, ол минньигэһин үйэтин тухары өйдөөн хаалбытын кэпсиирэ…
Олоҥхолуун билсиһиитэ аан бастаан эмиэ Бүлүү детдомугар буолбут. Хараҕа ыалдьан, биир кэмҥэ, үөрэммэккэ олорбут. Онно, бибилэтиэкэҕэ арай олоҥхо кинигэтэ баар эбит. Хараҕа сырдыктан бэргиир буолан, киэһээ чүмэчинэн эрэ ааҕар үһү. Чүмэчи уотугар дьэ, олоҥхо персонажтарын уруһуйдара киниэхэ, хайдах эрэ, дьиктитик да дьайдахтара буолуо, дии саныыбын. Кини бэйэтэ, хараҕын симэн баран, үгүһү толкуйдуур, былаанныыр, фантазиялаан, ойуулаан көрөр эбит этэ. Ону миэхэ сороҕун кэпсиирэ.
Оскуоланы бүтэрээт, үс сыл устата “Элгээйи” сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбит. Онтон, уруһуйдьут талааннаах буолан, Дьокуускайга Художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбит.
Хартыына ураты тыыннанар…
— Национальнай художественнай мусуойга хас үлэтэ баарый?
— НХМ фондатыгар 49 хартыыната баар, онтон 14-дэ – олоҥхоҕо үлэлэрэ. Онтон атына араас сиэрийэлэртэн. Дьиэ кэргэнигэр чааһынай коллекциябытыгар 180 үлэтэ баар. Ити бөдөҥнөрүн этэбин. Барыта боростуой таас кыбартыыраҕа хараллан турар. Онон усулуобуйата хайдаҕын бэйэҕит да сэрэйдэххит буолуо. Оттон аҕам: “Хартыына дьоҥҥо көрдөрүүгэ туруохтаах, оччоҕуна эрэ тыыннанар…”, — диирэ. 2007-2010 сыллардаахха, аҕам Тимофей Степанов картиннай галереятын аһан үлэлэппиппит, мин дириэктэр да, остуорас да, экскурсовод да этим… Дьон кини олоҥхоҕо үлэлэрин олус сөбүлүүрэ. Оттон “Ойуун ата” диэн хартыынатын өөр да өр көрөн баран тураллара… “Ураты энергетика кэлэр”, —дииллэрэ. Мин кырачаан кыыспын эмиийдээн, кириэһилэҕэ сытыаран баран, күҥҥэ уончалыы экскурсияны ыытарым, күөмэйим бүтэн хаалара. Уопсайынан, кыамматахпыт… Дьиэ тутуута эмиэ сатамматах этэ, олус тымныы, муостаҕа тохтубут уу тоҥон хаалара, итэҕэһэ-быһаҕаһа элбэҕэ…Чэ, ити туһунан, арааһа, кэпсэтимиэҕиҥ…
Олоҥхону билиммиттэрин уруйдуу көрсүбүтэ
— Биһиги үгүспүт Тимофей Андреевиһы реставратор-худуоһунньук быһыытынан үчүгэйдик билбэппит быһыылаах. Оттон Тимофей Степанов – сахаттан аан бастакы академическай үөрэхтээх реставратор буоллаҕа…
—Кини чөлүгэр түһэрбит хартыыната үтүмэн үгүс буоллаҕа. Ааттаах-суоллаах худуоһунньуктар үлэлэриттэн ылан көрдөххө, 300-тэн лаппа тахсыбыта буолуо. Кини живописка соҕотох реставратор этэ. Хартыыналары чөлүгэр түһэрэргэ аҕам эрэ көҥүллээҕэ, өйдүүбүн. Ийэм үчүгэйдик билэр. Эрмитажка практикатын барбыт. Талааннааҕын көрөн, үлэҕэ хааллара сатаабыттарын, патриоттаан Сахатын сиригэр кэлбит.
НХМ-ҥа 1977 сылтан үлэлээбитэ. М.Ф.Габышев аатынан Арҕаа Европатааҕы искусство галереятыгар турар хартыыналары баһыйар үксүн чөлүгэр түһэрбитэ. Суорун Омоллоон иконаларын эмиэ мин аҕам реставрациялаабыт этэ.
Национальнай художественнай мусуой ити урукку типография дьиэтин өрөмүөннээн киириитин, 2005 сыллаахха, ыараханнык ыалдьа сытан, аһыллыытын кэтэспитэ даҕаны… Дьэ киэҥ-куоҥ, үчүгэй да мастарыскыайга киириэм, диэн, ыра санаата туолбут курдук санаабыта. Ийэм аҕабар саҥа польскай көстүүм, түүппүлэ атыыласпыта… Саҥа дыбарыас-мусуой аһыллыытын көһөрөн кэбиһэннэр, аҕам, чуут тулуйаахтаабатаҕа… Алтынньы 20 күнүгэр бу дойдуттан барбыта.
Ол гынан баран, аҕам, саамай кылаабынайа, 2005 сыллаахха балаҕан ыйыгар ЮНЕСКО биһиги, сахалар, олоҥхобутун киһи аймах чулуу айымньытынан билиниитин уруйдуу көрсүбүтэ. Бары олус үөрбүппүт. Тоҕо диэтэххэ, ЮНЕСКО-ҕа Олоҥхону кини хартыыналарынан эмиэ билиһиннэрбиттэрэ. Онон, манна худуоһунньук Тимофей Степанов сэмэй кылаата эмиэ баар. Бу биһиги бары киэн туттуубут!
ОЛОҔУН ОЛУКТАРА
Степанов Тимофей Андреевич
1943 сыллаахха сэтинньи 22 күнүгэр Сунтаар оройуонун Күндэйэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалар дьылҕаланан, Тойбохойдооҕу, Бүлүүтээҕи оҕо дьиэлэригэр иитиллибитэ.
Оскуоланы бүтэрээт, 3 сыл устата сопхуоска фермаҕа ыанньыксыттаабыта.
1977 сыллаахха Ленинград куоракка Репин аатынан живопись, скульптура уонна архитектура институтун бүтэрбитэ.
М. Ф. Габышев аатынан Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство мусуойун бастакы, анал үрдүк үөрэхтээх реставратора.
Бастакы тус быыстапката 1983 сыллаахха Дьокуускайга буолбута.
1991 с. ССРС Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ.
1984-1992 сс. быыстапкалара Читаҕа, Санкт-Петербурга, Томскайга, Нерюнгригэ, Москваҕа турбуттура.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга (1993).
ССРС култууратын туйгуна. Сунтаар улууһун Ытык киһитэ.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: НХМ фондатыттан уонна худуоһунньук дьиэ кэргэнин фотоархыыбыттан.