Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун «Орто Дойду» этнокомплексыгар «Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥыта» диэн оҕону тимири ууһаарыыга дьарыктыыр лааҕырдар салайааччыларын «төгүрүк остуоллара» буолан ааста.
edersaas.ru
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Сунтаартан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан, Хаҥаластан, Намтан уол оҕону иитиигэ өбүгэ үгэстэрин тарҕатан үлэлии сылдьар дьон санааларын атастастылар. Тимир уустара ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Хас биирдиилэрэ — үлэлэрин ис хоһоонун арыйар матырыйааллардаах, хаартыскалардаах, истиэндэбэй оҥоһуулардаах. Ол иһин истээччигэ кинилэр кэпсээннэрэ ордук тиийимтиэ.
Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит этнопедагог Дорҕоон Дохсун:
— Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии бырагырааматын оҥостон үлэлээбитим сэттис сылыгар барда. Устудьуоннуур сылларбар үһүс куурустан Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕин «Төлкө» эр дьон түмсүүлэрэ уол оҕону иитиигэ туһуламмыт лааҕырдарыгар үлэлээбитим. Ааптар быһыытынан оҥорбут бырагыраамабынан Хаҥалас, Дьокуускай «Айыы кыһата», куорат лицейин, Саха гимназиятын, Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар уопуппун тарҕаппытым, — диэн «төгүрүк остуол» кэпсэтиитин саҕалаата.
И.Е. Винокуров аатынан Нам педколледжын иһинэн үлэлиир «Ай-кут» уһуйаан салайааччыта Сахаяна Соловьева уһуйаан ууһа Леонид Говоровы кытта лааҕырдарын оҕолорун илдьэ кэлэн бу «төгүрүк остуолга» кытыннылар.
— Сахалыы куттаах «Ай-кут» лааҕыр үс хайысхалаах үлэлээх: муода устуудьууйата, иис уонна тимир оҥоһугу оҥорон таһаарыы. Лааҕырбытыгар өрөспүүбүлүкэ 10 улууһуттан (Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү бөлөх улуустар, Томпо, Хаҥалас, Дьокуускай) 40 оҕо сылдьар, — диэн лааҕырын билиһиннэрдэ салайааччы.
«Урайтус» лааҕыры Надежда Идэлги Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөнүгэр 2014 с. быраҕыллан турбут дьиэ базатыгар тэрийбит.
— Уолаттар уһуйааҥҥа киирээри туран:»Тус бэйэм бодобун тардыныам, тылбын кыана туттуом, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыам, мин эппитим-эһиги иһиттэххит буоллун!», — диэн кэс тылларын этэллэр. Билиҥҥи үйэҕэ ыччат дьон киэн туттар, холобур оҥостор дьоруойдара суохтарын тэҥэ. Ол иһин биһиги ыраахтан көрдүү барбакка, бэйэбит аттыбытыгар айа-тута сылдьар биир дойдулаахтарбытын ыҥыран, ситиһиилэрин туһунан кэпсэтиннэрэбит. Холобура, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун салайааччытын, олохтоох урбаанньыты ыҥыра сылдьыбыппыт. Быйыл оҕолор ыһыахха тимир уһаарыытыгар кыттан баран, тимир руудата хостонор сиригэр үс күннээх эспэдьииссийэҕэ сылдьыбыттара. Уһуйааҥҥа хаһыс да сылларын субуруччу сылдьар оҕолор бааллар. Бастакы сылбытыгар быһах, иккискэ — хомус оҥорбуппут. Үһүс сыл кутуунан дьарыктаммыппыт. Быйыл төрдүс сылбытыгар 20 оҕо сылдьар, — диэн кэпсээтэ Надежда Идэлги.
Сунтаар улууһун «Уһуйаан» лааҕырын уус идэлээх учуутал Спартак Петров бэйэтэ көҕүлээн, уус оҕолор уһуйааннарын тэрийбитэ иккис сыла. «Эр киһи тимиргэ хатыахтаах», — диэн туран, лааҕыр уһуйааччыта санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Былырыын Түбэй Дьаархаҥҥа интэринээккэ миэстэ булан, 18 оҕолоох лааҕыры аспытым. Оҕо иитиитэ уопсай интэриэс буолан, улуус баһылыга, улуустааҕы үөрэх управлениетын салалтата бары бииргэ үлэлэһэн, быйыл Сунтаарга бэйэтигэр уһуйаан аһан үлэлэтэбин. Онно 10-тан тахса нэһилиэктэн 21 оҕо кэлэн уһуйулла сылдьар. Ирдэбил быһыытынан, икки күнүскү, икки түүҥҥү иитээччи үлэлиир. Киин сиртэн ыраах буолан, ас сыаната олус үрдүк. Ол иһин лааҕыр путевкатын сыанатыгар ас сыаната киирсэр. Сүрүннээн, элбэх оҕолоох уонна соҕотох ийэлэр оҕолорун ыла сатыыбыт.
Таатта улууһун Баайаҕатыттан Николай Егоров-Баайаҕыын «Мандар кыһата» уһуйаан үлэтин билиһиннэрдэ:
— 2007 сыллаахха оҕуһунан сылдьан тимир орон таһан лааҕыр аспыппыт. Биллэн турар, ирдэбил кытаанаҕа этэ: санэпид, баһаарынай надзор, техинспекция — киһи ааҕан сиппэт. Ол курдук, бастакы сылбытыгар 10 ордугуна 7 киһи кэлэн бэрэбиэркэлээн барбыта. Оттон уол оҕону иитиигэ өбүгэ саҕаттан кытаанахтык иитии үгэспит буоллаҕа. Куоластыын, туттардыын-хаптардыын дьахтардыы тыкаарыҥнаспыт эр дьон ааттаах киһи үксээн эрэрэ дьиксиннэрэр. Дьахтар бырааба үрдүктүк тутуллан, дьахтардыы быһыылаах эр дьон ааттаахтар иитиллэн тахсан эрэллэр. Онон уустары иитэн таһаарар уһуйааннар сүрүн сорукпут — барыга бары тулуурдаах уонна эппиэттээх эр дьону иитии буолла. Убайбыт Мандар Уус «ыйааһыннаах» буолан, 2012 сыллаахха «Мандар айылгы киинэ» аһыллыбыта. Дьэ, бу манна омук элиитэтин уһуйан таһаарарга дьулуһабыт. Этэргэ дылы, аҕыйах сылынан өрөспүүбүлүкэбитин салайар дьону иитэр сорук турар. Киһи үөрүөҕэ, төрөппүттэр да, оҕолор да өйдөөн, бу уһуйааҥҥа үөрэниэн баҕалаах киһи үгүс. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан үс сыл инниттэн кэлэн уочараттыыллар.
Уһуйааччыга аҥаардас баҕатын күүһүнэн уһуйулла кэлэн баран, сотору кэминэн бэйэтэ таптайан оҥорбут бастакы быһаҕын иилинэн турар уолчаан уоттаах хараҕыттан ордук, оо, үтүө түгэн баар үһүө, доҕоор?!
Аны саанан ыттарабыт. Уол оҕо сайдарыгар бэйэтигэр эрэли үөскэтэр саа баар эбит — аҕыйах түгэн иһигэр бу оҕо толкуйа, санаата бөҕөргүүр. Бастаан утаа, илиитигэр хаһан да сааны туппатах уолчаан, куттанан, төһөлөөх санаа күүһүн тулуйара буолуой? Онтон… чыыбыһын тардан кэбистэ да — аҕыйах сөкүүндэ иһигэр Коля уолтан Ньукулай эр киһи үөскүүр. Тимири эттээн, тиритэ-хорута олорор уолтан улуу дьыаланы оҥорор уола хаан иитиллэн тахсар. Бу маннык түгэннэргэ уол оҕо бэйэтин кыайа үөрэнэр. Ким оҕото хайдах буолара эрдэттэн биллэр диибит да, бэйэтин кыайбыт киһи тугу баҕарар кыайар, бэйэтин салайына үөрэнэр. Биһиэхэ Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн үөрэммит Миша Саввинов «Знанием — победишь!» диэн СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыытар тэрээһинин кыайыылааҕын бэлиэтин ыла туран: «Мин Мандар оскуолатын ааһан бу маннык ситиһиилэнним«, — диэбитин истэн, олус да киэн туттубуппут! Бу буолар биһиги үлэбит түмүгэ. Үгүс төрөппүт:»Оҕобут эһиги уһуйааҥҥытыгар сылдьан баран, олох атын киһи буолла», — диэн этэрэ биһигини кынаттыыр. Билигин уһуйааммыт үс хайысханан үлэлиир: «Төрүт дорҕоон» диэн Хатылаевтар уһуйааннара, «Ийэ уонна кыыс» (туоһунан иистэнии). «Аҕа уонна уол» (тимири уһаарыы). Уопсайынан, оҕо төрөппүтүн кытта бииргэ уһуйуллара ордук тахсыылаах эбит. Дьиэ кэргэн бииргэ сайдарыгар тиэрдэр, кинилэри биир ситимниир.
Намтан Михаил Баишев дойдутугар, Нам I Хомустааҕар лааҕыр арыйан үлэлэтэрин кэпсээтэ:
— Мин тимири уһаарыы лааҕырын аһыым идиэйэтэ биир холобуртан үөскээбитэ. Улахан уустар түһүлгэлэригэр арай Мандар Уус уһуйаанын оҕолоро уруһаахтарыгар кутан аҕалан, бэйэлэрэ оҥорбут тимир быһахтарын атыылыы сылдьаллара. Олох тутта-хапта сылдьаллара дуоспуруннааҕа, бэйэлэрин үлэлэрин батара сылдьар дьон диэх курдук. Ол онно эр киһи хаһаайынныы сыһыанын көрөн, мин эмиэ маннык ыччаттары иитиигэ ылсыыһыбын диэн санаа үөскээбитэ. Бу санаабын олоххо киллэрээри, Сунтаар Спартак Петровун, Таатта Ньукулай Баайаҕыынын киинэлэрин, кинигэлэрин көрдөрөн, нэһилиэк дьокутаата убайбар санаабын эппитим. Кини өйөбүлүнэн миэхэ оскуола салалтата 8 оҕону уһуйарбар 21 күнү аттаран, анал хос анаабыта. Күнүскү оҕо былаһааккатын курдук үлэлээтибит. Бастаан түөрүйэни үөрэтэр буолан, оҕолорум наар аһыылларын эрэ кэтэһэр курдуктар. Онтон бэйэм уһанар сирбэр кэлэн, тимир уһааран, уһанан барааппытын кытта, уолаттарым харахтара умайан барда. Лааҕырым үлэтэ, төһө да түмүктэннэр:»Хайа хаһан?» — диэн эккирэтэ сылдьар буолан хаалбыттара. Уол оҕо өбүгэ үгэһигэр, хаана тардан, оннук күүстээхтик ылларар эбит. Онон кэмин куоттарбакка, обургу уол оҕону тимир уһаарыытыгар хайаан да уһуйуохха наада.
Кэпсэтии сүнньүнэн уол оҕону иитиигэ үлэлэһэр энтузиаст-дьон көрсөр кыһалҕалара — ирдэбил үгүһэ эбит.
— Ирдэбил быһыытынан мин, лааҕыр салайааччыта, күҥҥэ 28 сурунаалы толоробун. Докумуон үлэтин (баһаатайтан лааҕыр начаалынньыгар тиийэ) 16 сыл устата «сиэбит» буолан, хайдах-туох ирдэбили тутуһан толорорбун биэс тарбах курдук билэбин. Ирдэбил олус кытаанах, — диэн бэлиэтиир оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ үлэлэспит уопуттаах салайааччы, Нам улууһунааҕы «Ай-кут» лааҕыр салайааччыта Сахаяна Соловьева.
«Үлэлиэн баҕалаах дьону олус ыгаллар. Барытыттан сэрэнэн уоту тыыппат, килиэп быспат оҕону иитэн таһаарар усулуобуйа үөскээри гынна. Күннээҕи эрэсиими тутуһуннаран, хааччахтааһын тахсар. Оҕо уһаарыыга ыллардаҕына, улахан уус курдук, иэйиитэ киирэн түүн биир-икки чааска тиийэ уһаныан сөп. Хайдах уһуйа сылдьар айар куттаах киһигин үлэтин үгэнигэр сырыттаҕына: «Тохтоо, эрэсиими кэһимэ», — диэн дьаһайыахха сөбүй? «Сарсыарда баччаҕа туран, үлэлии тахсыҥ», — диэн дьаһайбаппыт. Уолаттар Һааскаларын көрө-истэ сылдьан, бэйэлэрэ уһанан киирэн бараллар. Оттон былыргы оҕонньоттор окко киириигэ: «Бачча чаас буолла, ходуһаҕа киириҥ», — диэн дьаһайбаттар этэ, хотуурдарын туттулар да, ыллык суол устун түһүнэн кэбиһэллэрэ. Дьон саҥата суох хомунаат, кинилэри батыһаллара. «Стандарт безопасности» диэн ирдэбили тутуһуннаран, тимир ууһун уһуйаанын арыйыан да баҕалаах киһини санаатын самнаран кэбиһэллэр. Хамнаспыт олус кыра — 7 тыһ. солк. Сибэкки олордор лааҕырдар үлэһиттэрин хамнаһа биһиэнинээҕэр икки төгүл элбэх. Уу кута-кута сылдьар дьонтон эппиэтинэстээх үлэлээх дьоммут эбээт. Эр киһи оскуолаҕа олох аҕыйах. ФГОС быраагыраамата олоххо киирдэ. Итиннэ эр дьон учуутал хото үлэлэһиэн наада. Олус табыгастаах тосхол. Бу бырагырааманан уһуйуллан тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах оскуолатыттан Дьулус Говоров бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытыгар тиийэ үүнэн, быйыл Тыа хаһаайыстыбатын 1 мөл. солк. гранын ылбыта. Дьахтар учуутал үөрэппит оҕото хара үлэҕэ сыстыгаһа суох улаатан кэллэ. Уол оҕону быыһыахха наада. Ырааҕы көрөр, төлкөлүүр кэммит кэллэ. Эр киһи — норуот кэскилэ. Ону өйдүөххэ уонна уол оҕону эр киһилии иитиэххэ«, — бу курдук санааны этиннилэр «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара.
Уустар тэрээһинннэрин чэрчитинэн»Ай-кут» (Нам улууһа) уонна «Урайтус» (Хаҥалас) уһуйааннарын оҕолоро Дорҕоон Дохсун уол оҕону иитиигэ аналлаах ааптар быһыытынан оҥорбут эрчиллиилэрин көрдөрдүлэр.
Дьэ дьикти көстүү. Уол оҕо эт-хаан өттүнэн уһаарыллар бастакы оскуолата диэн бу эбит!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр «Төлкө» эр дьон түмсүүтүн тэрийбит Иван Румянцев санаатын бу курдук тиэрдэн, тимир уустар уһуйааннарын тэрээһиннэрин түмүктээтэ:
— Төрүт үгэстэн утумнаммыт тыа сирин олоҕун эттэринэн-хааннарынан билбит, кыра оҕо эрдэхтэриттэн от-мас үлэтигэр эриллибит, араас омук түөлбэлээн олорор сиригэр нэһилиэктэртэн кэлэн олохсуйбут эр дьон мустан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҕор-дьаһаҕар өйөбүл буолар санаалаах 2011 сыллаахха «Төлкө» диэн түмсүүнү тэриммиппит. Хамнастаах үлэһит, анал идэлээх иитээччи суох. Бары үтүө санаанан салайтаран үлэлии сылдьар дьоммут. Уол оҕону иитии уопутун атастаһыытын быһыытынан, «Төрүт үгэстэри утумнуур «Төлкө» үөрэҕэ» диэн кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаардыбыт.
Мин бу олус суолталаах тэрээһиҥҥэ уол оҕону тимири уһаарыынан иитэр уһуйааннар көрсүһүүлэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаммытын олус биһирии ылынным. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу бастакы мустуубут. Ол эрээри сырыы аайы муста-муста, кэпсэтиибит кумааҕыга эрэ хаалбакка, хамсатыылаах уонна дьайыылаах буоларын туһугар биһигини түмэр уонна сомоҕолуур уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийиэххэ наада. Уол оҕону өбүгэ үгэстэригэр уһуйар уһуйааннар ассоциацияларын дуу, уопсастыбаннай тэрилтэлэрин дуу тэрийдэххэ, бу кэпсэппит уустук боппуруостарбытын да быһаарыыга, биһиги үлэлиир холобурбутун батыһан уол оҕону эр киһилии иитэр атын да түмсүүлэр сомоҕолоһорбутугар да төһүү күүһүнэн буолуо этэ. Киһи билбэтинэн, аҕалар да түмсүүлэрэ, эр дьон да педагогтар, тренердэр да, үгүс араас хайысхалаах үлэни ыыта сылдьар буолуохтаахтар. Ол ону барытын түмэн биир хайысхалаах, далааһыннаах үлэни ыытыахха наада.
Уопуттаах уопсастыбанньык бу этиитин тэрээһин кыттыылаахтара өйөөтүлэр уонна бу күһүн тустаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыылаах киэҥ ыҥырыылаах «төгүрүк остуолу» ыытарга быһаарыы ылыннылар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.