Тимири уһаныынан үксүгэр уолаттар интэриэһиргиир курдук саныыбыт. Ол да иһин буолуо, уустары эккирэтэ сылдьан көрөр-истэр кыыһы мин тус бэйэм олус интэриэһиргии көрбүтүм.
edersaas.ru
Уус Алдан улууһун Майаҕас орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Айталаана Пухова Хаҥалас улууһун «Орто Дойду» комплексыгар “Уол оҕону өбүгэ үгэстэригэр угуйар уһуйаан: бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥыта” диэн тимир уустарын уһуйааннарын үлэһиттэрин көрсүһүүтүгэр ийэтиниин кыттыбыттара.
Айталааналаах ол күн “төгүрүк остуол” кэнниттэн Намтан кэлэ сылдьар “Ай-кут” уонна Хаҥаластан “Урайтус” лааҕыр уолаттара өбүгэ үгэстэригэр олоҕуран, тимир уһаарыытыгар күрэхтэһиилэрин көрө хаалбыттара. Айталаананы уонна ийэтэ Октябрина Пуховалыын кыыс киһи тимири уһаарыыны интэриэһиргиир дьикти дьарыгын туһунан кэпсэттим.
— Айталаана, эн ол күн тимири уһаарыыга эмиэ кыттыбыт эбиккин дии?
— Уустар түүн 12 чаастан саҕалаан, уһаарар оһоҕу сылытан, оттон барбыттара, уһаарыыга бэлэмнэнии саҕаламмыта. Уһаарыы иннинэ мин аһаан баран, таба тириитинэн сууланан, кыратык утуйан ылбытым. Сарсыарда 4 чаастан уһаарыы саҕаламмыта.
Быйылгы тэрээһин урукку сылдьыбыт уһаарыыларбыттан уратылаах буолла. Ол курдук, үс араас сиртэн: Горнай улууһун Сииттэ үрэҕиттэн, Куллаты диэн Дыгын төрөөбүт сириттэн уонна Лүүтэҥкэ үрэҕиттэн булуллубут, бэлэмнэммит руданы холбоотубут. Уһаарыыга бастаан төрдүөн: Василий Гермагенов, Самсон Сидоров, мин уонна Сергей Могит үлэлээтибит.
Мин саамай күлбүт түгэним: шлак сүүрдээри гынныбыт, оһох дьөлөҕөһүн арыйбыттара — арай шлакпыт сүүрбэт. Толкуй буолла. Ийэм: “Сороҕо алдьамматаҕа буолуо дуо?”- диэн ыйыппытыгар, Самсон:
— “Террористаабыт” буоллахтарына, алдьаммыт да буолуон сөп. Күөртү үрдэрээччи оһоххо хардаҕастары туруору угуталаан баран күөртээбитэ, — диэн күлэ былаастаан эттэ.
Уоннуу мүнүүтэ буола-буола 1 киилэ 200 грамм руданы уонна күрдьэҕинэн көмөрү кутан, уопсайа 15-тэ кутан, ол аата сүүрбэччэ киилэ руданы уһааран, үлэбитин 6 чаас 50 мүнүүтэҕэ бүтэрбиппит. Болгуону киэһэлик, ЮНЕСКО тэрээһинин былаанынан кэлбит ыалдьыттарга көрдөрөн таһааралларын кэтэспэккэ, дьиэбитигэр кэлбиппит. Ыалдьыттар иннилэригэр болгуо тахсара эмиэ туспа долгутуулаах түгэн буолар. Төһө ыйааһыннаах болгуо оһох иһигэр баарын ким да этэр кыаҕа суох.
Сыыһа-халты тутуннаххына, оһох отой да кураанах, болгуо суох буолуон сөп. Киэһэлик, алта чаас ааһыыта, болгуо тахсыытыгар өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев кыттыыны ылбытын, 4 киилэттэн тахса (4200-4300) болгуо тахсыбытын истэн, наһаа үөрбүтүм.
— Эн маннык тэрээһиннэргэ сылдьан, үгүскэ үөрэнэр буоллаҕыҥ?
— Мин бу сырыыбыттан элбэххэ үөрэнним. Киһи уустук тиэмэни чинчийэр, үөрэтэр буоллаҕына, тулуурдаах уонна күүстээх санаалаах буолуон наада. Билбэт ыраах сиргэр түүннэри үлэлииргэ, хонор сирэ суох сылдьарга тулуур наада эбит.
Киһи үөрэҕэр сөптөөх, олоҕор наадалаах, туһалаах маастар-кылаастар ыытыллар кэмнэригэр сылайбытын, аччыктаабытын барытын умнан, саҥаны билэргэ-көрөргө дьулуһуохтаах дии саныыбын.
Орто Дойдуга ыытыллыбыт тимир уустарын “төгүрүк остуолугар”, мин санаабар, Баайаҕыын саамай наадалааҕы эттэ: “Уол оҕону сатаан ииппэтэхпитинэ, улахан алҕаһы оҥоробут. Уол оҕо кыыс курдук атаах буолуо суохтаах. Уолаттары үөрэтиэххэ наада. Аан бастакы эр киһи буолар үөрэхтэрэ – саанан ытыы буолар. Бастакы чыыбыһын тардыытыгар уол Коля буолан бүтэр. Бэйэтин кыайар. Ньукулай буолар, ол аата эр санаатын ылынар. Бэйэтин кыайбыт киһи барытын кыайар”.
Салгыы Айталаана ийэтин Октябрина ПУХОВАНЫ кытта кэпсэтэбит.
— Октябрина Дмитриевна, Айталаана хаһааҥҥыттан тимири уһаарыыны интэриэһиргээбитэй?
— Төрдүс сылын улуустарынан сылдьан тимир уһаарыытын интэриэһиргээн көрөр-истэр. Ол курдук, 2014 с. — Уус Алдаҥҥа, 2015 с. – Чурапчыга Олоҥхо ыһыаҕар, ол сыл Нам Партизаныгар, быйыл Хаҥалас Орто Дойдутугар сырытта. Былырын Нам Партизаныгар Таастаахтан сылдьар тимир уһаарааччы Василий Герасимовтыын билсибитэ. Онтон ыла киниттэн элбэххэ үөрэннэ. Кыыһым тимир уһаарыытын туһунан хаһыаттарга суруйар, дакылааттары ааҕар. Интэриэһиргиир тиэмэтэ – “Сахалар тимири уһаарар технологиялара” диэн. “Хатан” сурунаалга, “Мүрү саһарҕата”, “Кэскил” хаһыаттарга суруйуулара өрүү бэчээттэнэллэр.
— Кыыс киһи диэтэххэ, интэриэһинэй дьарыктаах киһи эбит…
— Кыыс оҕо тимир уһаарыытын тоҕо үөрэтэҕин диэн соһуйааччылар да, сөбүлээбэт да дьон бааллар. Бу тиэмэни үөрэтэр кэмигэр Уус Алдан улууһун Хоро сиригэр 1923 сыллаахха көстүбүт икки дуулаҕа бэргэһэ туһунан матырыйаалы булбута. Ол ханна тиийбитэ буолуой диэн, анаан хасыһан үөрэтэ сатыыр. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн, Санкт-Петербург мусуойдарыгар тиийбит буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар да, онтон салгыы ким көрбүтүн туһунан матырыйаал суох.
— Айталаананы ким дьарыктанарга уһуйбутай?
— Аан бастаан тимир уһаарытын туһунан билиһиннэрбит киһинэн Майаҕас орто оскуолатын технологияҕа учуутала Владимир Егоров буолар. Владимир Прокопьевич бэйэтэ норуот маастара. Учуутала этэринэн, сахалар тимири уһаарар историялара, технологиялара байҕал курдук киэҥ уонна дириҥ. Ким эрэ тимири уһаарыы технологиятын баһылыырга, ким эрэ тимиртэн өбүгэ үгэһинэн саха быһаҕын уонна хомуһун оҥорорго дьулуһар, ким эрэ ону атыыга-эргиэҥҥэ таһаарарга үлэлэһэр, ким эрэ тимири уһаарыы технологиятын научнай өттүнэн үөрэтэр. Учуутала аны тимир уһаарар дьон, тимир уустарын доруобуйаларын ким да үөрэтэ илик диэн, бу тиэмэҕэ ылыс диэн сүбэлиир. Холобура, тимири уһаарыы кэмигэр дьааттаах гаас тахсар дуо? Былыргы уустар төбөлөрүн тоҕо мааналларый?
— Аймахтаргытыгар удьуор уустар бааллар дуо?
— Биһиги аймахтарбытыгар тимир ууһа суох эрээри, кыыспыт ис иһиттэн тимир уһаарыытын интэриэһиргиир. Бииргэ төрөөбүттэриттэн эдьиийэ – учуутал, убайа—баһаарынай идэлээхтэр. Бокса сиэксийэтигэр дьарыктанар. Фольклор куруһуогун сэргиир. “Безопасное колесо” диэн “Сосновай Бор” лааҕырга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сборга суол быраабылатын билии күрэҕэр кыргыттарга быйыл 1-кы миэстэни ылбыта.
Дьэ ити курдук, Айталаана Пухова тимири уһаарыыны интэриэһиргээн, улуустарынан айаннаан, истэ-үөрэтэ сылдьар. Онон кыыс сотору кэминэн тимир уустарыгар аналлаах кинигэ суруйан таһаардаҕына да көҥүлэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Октябрина Пухова хаартыскаҕа түһэриитэ.