Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ болҕомто ууруллар. “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох табаардары оҥорон таһаарыыны уонна өҥөлөрү сайыннарыыны көҕүлээһин дьаһалларын туһунан” өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын 2017 с. атырдьах ыйын 11 к. 2070 №-дээх Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн, олохтоох табаардары уонна өҥөлөрү оҥоруу эйгэтигэр 2,5 тыһыынчаттан кырата суох үлэ миэстэтин тэрийии, олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын тас ырыынактарга уонна экспорга таһаарыыны хааччыйыы, нэһилиэнньэни олохтоох ас-үөл табаардарынан хааччыйыы уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны улаатыннарар бырайыактар олоххо киллэриилэрин тэрээһиннэрэ ыытыллаллар.
edersaas.ru
Ону таһынан, “Саха сиригэр оҥоһулунна” регионнааҕы бренди үөскэтии чэрчитинэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарыгар уонна өҥөлөрүгэр наадыйыыны көҕүлүүр туһугар өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бородууксуйа хаачыстыбатын хааччыйыыга уонна хонтуруоллааһыҥҥа тиһик тэриллэр, эргиэн ситимнэрин нөҥүө олохтоох бородууксуйаны батарыыга көҕүлээһин механизмнара оҥоһуллаллар.
Чуолаан, олохтоох оҥорон таһаарыыны, ол иһигэр норуот уус-уран оҥоһуктарын өйүүр туһугар Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин кытта тимир ууһун идэтин сайыннарыы киинин тэрийэллэрэ былааннанар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин үөрэтэр-оҥорон таһаарар мастарыскыайыгар сырыытын кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Попову уонна кэллиэс дириэктэрэ Елена Яковлеваны кытта тимир ууһун идэтин сайыннарыы киинин тэрийии боппуруоһун дьүүллэстэ.
Парламент спикерэ үөрэтэр-оҥорон таһаарар мастарыскыай дьиэтин көрдө. Бу дьиэ быйыл тохсунньу 1 күнүттэн технология уонна дизайн кэллиэһигэр бэриллибитэ.
Мастарыскыайга спикер кэллиэс оҥорон таһаарыыга үөрэтэр маастардарын – Саха сирин норуотун маастара, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Роман Готовцевы, мас ууһун идэтигэр маастар Владимир Шинкаренконы уонна маһы уус-уран таҥастааһыҥҥа маастар Василий Спиридоновы кытта кэпсэттэ.
Маастардар мас ууһун идэтин уонна маһы уус-уран таҥастааһын теориятын уонна быраактыкатын үөрэтэллэр. Кинилэр кэпсээбиттэринэн, ортотунан биир бөлөххө 15-тии киһи үөрэнэр. Ити өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кэлэр ыччат итиэннэ технология уонна дизайн колледжын устудьуоннара. Мас ууһун-тутааччы куурустарыгар 4 ый үөрэнэллэр, маһы уус-уран таҥастааһыҥҥа – 6 ый.
Саҥа киин үлэтэ тимир рудатын уонна өҥнөөх металлары таҥастааһын былыргы технологияларын сөргүтүүгэ, норуот маастарын уонна үөрэнээччилэр икки ардыларыгар утумнааһыны хааччыйыыга, аныгы матырыйааллары туһанан норуот уус-уран оҥоһуктарын саҥа көрүҥнэрин уонна оҥорон таһаарыы хайысхаларын олоххо киллэриигэ итиэннэ быстыбат үөрэхтээһин тиһигин сайыннарыыга туһуланыаҕа.
Киин сүрүн уратыта – өрөспүүбүлүкэ тимиргэ маастардарын түмүү, уопут атастаһыыта, маастарыстыбаларын сайыннарыы, тимири таҥастааһын үгэскэ киирбит технологияларын туһанан саха быһаҕын, хомуһу, аты киэргэтиигэ туттуллар оҥоһуктары, ох сааны киэҥник оҥорон таһаарыы буолуоҕа. Ону сэргэ, биир сүрүн хайысханан улахан кээмэйдээх өйдөбүнньүктэри уонна тимиртэн скульптуралары кутан оҥоруу буолуоҕа, ол билигин өрөспүүбүлүкэҕэ суох.
Үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Андрей Попов саҥа Киин үлэлииригэр мастарыскыай дьиэтэ кыараҕас буолуоҕун ыйда. Онон 262,5 кв. м иэннээх Уус кыһатын дьиэтин тутуу былааннанар. Ороскуот симиэтэтэ 5,5 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ, ол иһигэр уотунан хааччыйыы кыамтатын улаатыннарыы, уус гидравлическай балтатын атыылаһыы, улахан оборудованиены тиэйии киирэллэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, бастатан туран, саҥа киин кэнсиэпсийэтин оҥорорго, кини үлэтин хайысхаларын ымпыктаан-чымпыктаан толкуйдуурга сорудахтаата.
Бэлиэтиир буоллахха, билигин өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтэ кэлэр үс сылга таҥылынна, онон киини тэрийиигэ үп боппуруоһа бүддьүөт докумуонун көннөрүү эрэсиимигэр эрэ быһаарыллыан сөп. Парламент спикерэ дьиэни тутуу боппуруоһа 2017 сылга, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ көрүллэр түһүмэҕэр көтөҕүллүөхтээх этэ диэтэ.
Билигин үөрэтэр-оҥорон таһаарар база дьиэтин регистрациялыыр докумуоннар оҥоһулла сылдьаллар. «Үөрэтэр-оҥорон таһаарар база регистрацияны ааһаатын кытта тута киини тэрийиэххэ наада. Ол эрэ кэнниттэн материальнай-техническэй базаны хааччыйыы туһунан боппуруос көтөҕүллүөхтээх, саҥа дьиэ бырайыага, ороскуоттар туһааннаах симиэтэлэрэ оҥоһуллуохтаахтар уонна өрөспүүбүлүкэ инвестицияҕа бырагырааматыгар киириэхтээх. Эһиги саҥа дьиэни тутууну итинник эрэ суолунан ситиһиэххитин сөп”, — диэн бэлиэтээтэ Александр Жирков.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан.