«Тимир ууһа» күрэс кыайыылааҕар — саа!

20.06.2017
Бөлөххө киир:

Былыр-былыргыттан сахаларга уустар өрүүтүн ытыктабылга сылдьаллар. Кинилэр тимири уһааран эҥинэ бэйэлээх оҥоһуктары, үлэ тэриллэрин чочуйан таһаараллара дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан биһирэбилгэ сылдьар. 

 edersaas.ru


Уус идэтэ Сахабыт сиригэр үүнэ-сайда турарын туһугар, быйыл Мииринэй оройуонугар буолар Ыччат ыһыаҕар «Тимир ууһа» диэн эдэрдэргэ куонкурус ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр бу күөн көрсүһүү быйылгы ыһыах биир сүрүн күрэхтэһиитинэн буолуоҕа диэн бэлиэтииллэр.

Күрэхтэһии хас да түһүмэхтэрдээх. Ол курдук, кыттааччылар быһахтарын эрдэттэн оҥорон илдьэ кэлэллэр. Дьүүллүүр сүбэ биир күүстээх мадьыныны ыҥырар. Кини куонкурустаһааччылар аҕалбыт быһахтарынан бар дьон иннигэр маһы кыһан, боолдьоҕу уонна кумааҕыны быһан көрдөрөр. Онно кылаана алдьамматах быһахха бастыҥ быһах аата бэриллэр.

Быйылгы күрэхтэһиигэ бастаабыт ууска МР-полуавтомат саа, иккис миэстэлээххэ быһах сытыылыыр станок, үһүскэ тиксибит ууска уһанар тэриллэр туттарыллыахтара. Бүгүҥҥү туругунан, күрэскэ 20-тэн тахса киһи кыттар баҕалааҕын биллэрбит.

Сылыктааһынынан, бастыҥ уус аатын сүгэр иһин, эдэрдэргэ кытаанах киирсии буолара күүтүллэр.

Сандал НИКАНОРОВ «Саха Сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0