Тимир оҕус сыла тугу түстүүрүй?

Бөлөххө киир:

Үүнэр 2021 сыл үрүҥ тимир оҕус сыла буолуохтаах. Бу олус үлэһит, бүгүрү майгылаах кыыл. Кытай гороскуобугар оҕус 12 кыылтан иккиһинэн айаннаан кэлбит кыыл буолар. Киитэрэй күтэр оҕус үрдүгэр олорсубут буолан, гороскуопка аан майҥнайгы кини кэлбит диэн кытай норуотун үһүйээнигэр кэпсэнэр. Онон төһө даҕаны оҕус сыла үүннэр, бу сыл күтэр бэлиэтин таһыччы быраҕар наадата суох эбит. Оҕус уонна күтэр кэккэлэһэ сылдьаллар. Бу сыл дьиэ кэргэнигэр уонна үлэҕэ бэриниилээх дьоҥҥо оҕус дьолу түстүүр диэн илиҥҥи гороскуоп кэпсиир.

Сулустар кэпсииллэринэн, дохуоттаах, үп-харчы өттүнэн баайы түстүүр сыл. Оҕус сымнаҕас майгылаах, ол иһин бу сыл холкутук, ол эрээри туруоруммут сыалга бытааннык да буоллар, тохтообокко баран иһэр ордук. Оҕус бэйэтин эрэ күүһүгэр эрэнэр, кини киитэрэйдиири сөбүлээбэт. Ол эрээри оҕуһу кыыһырдар буоллахха, бу кыыл суолугар көрсүбүтүн барытын табыйар, киҥнээх майгытын көрдөрүөн сөп эбит. Оҕус сылын хайдах көрсөбүтүй? Оҕус уларыйыылары сөбүлээбэт. Онон үгэс быһыытынан дьиэ кэргэҥҥэ көрсөрү сүбэлииллэр. Эйэлээх, холку эйгэни сөбүлүүр. Оҕус сырдык, сымнаҕас өҥнөрү сөбүлүүр.

Күтэр (1960, 1972, 1984, 1996, 2008)

Өйдөөх, хаһаайыстыбаннай күтэргэ элбэх үөрүүлээх түгэн тосхойуоҕа. Ааспыт сылга элбэх билиини ылбыта, эбии үөрэммитэ туһалыаҕа. Соҕотох күтэрдэр бу сылга аналларын да көрсүөхтэрин сөп. Ол эрээри кэтэһэн баран олордоххо, туох да буолумуон эмиэ сөп. Бу сыл күтэрдэргэ үп-харчы өттүнэн уустук сыл буолуоҕа. Бу ордук урбааҥҥа сыһыаннаах күтэрдэргэ дьайыаҕа. Онон сэрэхтээх дьыалаҕа киирэн биэрбэт туһуттан уһуну-киэҥи толкуйдаан дуогабар түһэрсэргит ордук.

Оҕус ( 1973, 1985, 1997, 2009, 2021)

Бу сыл үлэһит уонна олус тулуурдаах оҕустарга ситиһиилээх сыл. Санаабыккыт сатанар, ылсыбыккыт ыпсар кэмэ. Сүрэҕэлдьээбэккэ саҥа былааннары хорсуннук киллэрэн иһиҥ. Үп-харчы, таптал өттүгэр барыта этэҥҥэ. Сыл иккис аҥаарыгар уруккуттан санаа ымыыта оҥостубут ыра санааҕыт туолуоҕа. Онон кэтэһэн олорбокко үлэһит, бүгүрү майгыгытын киллэрэн иннигит хоту хааман иһиҥ.

Баабыр (1962, 1974, 1986, 1998, 2010)

Бу сыл арыый уустуктук саҕаланыыһык. Онон сылы арыый холкутук, элбэх улахан бырайыактары толкуйдаабакка саҕалыыр наадалаах. Былааннар ыһыллыахтарын сөп. Олус өһөс уонна ыгым майгылаах баабырдар холкутуу сатааҥ, дьиҥ куоска майгыгытын уһугуннарыҥ. Тулуурдаах буолуу, кыыһырсыыттан туора туттуу ситиһиини аҕалыаҕа.

Куруолук (1963, 1975, 1987, 1999, 2011)

Бу сыл куруолуктарга дьиҥнээх тургутууну ааһар сыл буолуоҕа. Туох баар култуураҕын, билиигин-көрүүгүн уонна эйэҕэс үтүө майгыгын туһаннаххына, этэҥҥэ ааһыаҕа. Чугас киһигин кытта арахсыы доруобуйаҕар харгыстары үүөскэтиэн сөп. Бу сыл куруолуктары элбэх үлэ күүтэр эрээри түмүгэ көстүбэт. Онтон санааҥ да түһүөн сөп. Арай оҕолор ситиһиилэрэ, дьиэ кэргэҥҥэр истиҥ сыһыан күүскэр күүс эбиэҕэ.

Дракон (1964, 1976, 1988, 2000, 2012)

Күүстээх майгыҥ уустуктары туоруурга көмөлөһүөҕэ. Бу сыл арыый үрдүк таһымҥа тахсаргар тоҕоостоох буолсу. Бу ордук үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах. Ол эрээри бэлэми кэтэһэр наадата суох. Үлэһит уонна күүстээх санаалаах драконнар элбэҕи ситиһиэхтэрэ. Доруобуйаҕын уонна тус олоххун болҕомтото суох хаалларыма.

Моҕой (1965, 1977, 1989, 2001, 2012)

Дьоҥҥо үтүө сыһыаҥҥытынан эрэ үтүөнү тулаҕытыттан эрэйиэххитин сөп. Туруоруммут сыалгытын урукку курдук киитэрэйдээн тобуларгыт, ситиһэргит аны сатаммат. Оҕус оннук майгыны сөбүлээбэт. Онон кэтэһэргит эбэтэр көнө сүрүннээхтик үлэлииргит-хамсыыргыт ирдэнэр. Тус олоххутугар табыллыы күүтэр. Уһуннук соҕотох сылдьыбыт моҕойдор тапталларыгар табыллыахтарын сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ эбиллии күүтэр.

Ат (1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014)

Тус олоххо тоҕооһо суох сыл. Ол эрээри урбааҥҥа, үпкэ-харчыга ситиһиилээх буолсу. Аттар олус үлэһит кыыллар. Оҕуһу кытта куруук сэргэстэһэ, биир олбуор кыыллара буолан, аттарга оҕус сымнаҕастык дьайыаҕа. Урукку өттүгэр оҥорбут үтүө дьыалаларгыт махталлаах буолуохтара. Урукку былааннаргыт олоххо киириэхтэрэ. Саҥа билиини ыларга табыгастаах сыл. Аат-суол арбаннаҕына, бириэмийэ, наҕараада кэллэҕинэ соһуйумаҥ, бу эһиги ситиһиигит.

Коза (1967, 1979, 1991, 2003)

Элбэх дьыалаҕа ыарахаттары көрсүөххүн сөп. Үп-харчы өттүгэр кыһалҕалар үөскүөхтэрэ. Дьону кытта сыһыаннаһыыга туттунар ордук. Дьиэ кэргэҥҥэ тыл-тылга киирсибэккэ иирсэн да туруохха сөп. Соҕотох козалар билсиһииттэн туттуналлар. Туох да сырдык суол көстүбэт курдук арай. Сыл иккис аҥаарыттан барыта тупсуоҕа. Биир санаалаахтарын, доҕотторун өйөбүллэринэн барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Ити оҕус эйигин тургутан көрбүт быһыыта буолар.

Эбисийээнэ (1968, 1980, 1992, 2004, 2016)

Үлэҕинэн үрдүүргэр табыгастаах сыл. Эйигин үлэһит быһыытынан дьэ, өйдөөн көрүүһүктэр. Ол эрээри эн циркэҕэ оонньуу сылдьыбаккын. Дьону таах эргитэр, киитэрэйдиир курдук сананар буоллаххына, сыыһаҕын. Салалтаҥ, дьон-сэргэ эн ис майгыгын начаас арыйыахтарын сөп. Олоҕун аргыһыгар, доҕоргор болҕомто уурарга уолдьаспыт. Туораттан эһиги чуумпу олоххутун уйгуурдубаттарын курдук бэйэҕин көрүнэ, тупсарына сырыт. Сыл иккис аҥаарыгар доҕоргун эбэтэр кэргэҥҥин кытта арахсар куттал баар. Эрдэттэн маны туоратарга кыһан. Соҕотох эбисийээнэлэр бу сыл ыал буоларга ыксаамаҥ.

Бөтүүк (1969, 1981, 1993, 2005, 2017)

Үлэҕэ сыһыанынан бөтүүк оҕуска майгынныыр. Онон үлэ-хамнас өттүгэр бөтүүгү ситиһиилээх сыл кэтэһэр. Үп-харчы өттүгэр ситиһии буолсу. Онон бөтүүк өрө көтөҕүллэн, дуоһуйар сыла. Хоп-сип тарҕаныытыттан бэйэҕитин харыстаныҥ. Чугас доҕоргутун кытта сыһыаҥҥытын харыстааҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ, доҕордуу сыһыаҥҥа болҕомто уурдахха, барыта этэҥҥэ буолсу. Саҥа билиини ыларга, массыына ыыта үөрэнэргэ, ыраах муораҕа сынньана барарга олус табыгастаах сыл үүммүт.

Ыт (1958, 1970, 1982, 1994, 2006)

Ыт үлэһит уонна санаатын кыра аайыттан түһэрбэт. Онон үлэ-хамнас өттүгэр ыттары ситиһии күүтэр. Ыт уонна оҕус уруккуттан доҕордуулар. Бу сыл эбии үөрэнэргэ, саҥа идэни баһылыырга олус табыгастаах буолсу. Эбии дохуот булунар кыахтаныаххыт. Тапталга да табыллыы күүтэр. Соҕотох ыттар аналларын кытта билсиһэр дьылҕалара тардыаҕа. Кэргэннээх ыттарга дьиэ-уот кыһалҕатыттан мөккүөрдэр үөскүөхтэрин сөп. Барытын эрдэттэн былааннаан, сүбэлэһэн олоруҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

Сибиинньэ (1959, 1971, 1983, 1995, 2007)

Үүнэргэ, сайдарга үтүө сыл үүммүт. Тус биисинэһи сайыннарыыга саҥа саҕахтар арыллаллар. Саҥа туһалаах билсиһиилэр күүтэллэр. Тус олоххор барыта этэҥҥэ. Оҕолор ситиһиилэринэн үөрдэллэр. Онон саҥа бырайыактары, былааннары олоххо харса суох киллэрэргэ дьулус. Үп-харчы элбэх, доҕор-атах көмөҕө куруук кэлэр. Дьиэ кэргэҥҥэ эйэлээх эйгэ. Мантан ордук киһиэхэ туох наада буолуой?

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0