ТИМИР КҮҺҮН САҔАЛАННА

Ааптар: 
27.09.2021
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 27 күнүттэн Саха сиригэр Тимир күһүн саҕаланар.

Хатыҥ, үөт сэбирдэҕэ суйданан баранан эрэр. Тиит мас иннэтэ хагдарыйан, тохто турар. Онон, ойуурбут барахсан күһүн саҕаланыытыгар кыһыл көмүс курдук тырымнаабыта, Көмүс күһүн дуо дэммитэ бүтэн, онтон дьэс алтан өҥүнэн кыыспыта, онон Алтан күһүн диэн ааттаммыта ааһан, харааран, тимир өҥө дьүһүннэннэ,ол аата Тимир күһүн саҕаланна.

Тиит ойуурга таҕыстахха тииттэр күһүҥҥү, өҥө бараммыт таҥас курдук, өлбөөркөй халлаан урсунугар, график худуоһунньук холустаҕа түһэрбит уруһуйун курдук буолан көстөллөр. Сэниэ тыал муткучата суох тиит лабааларын, өҕүрүйэн ыллахха дьүрүһүйэ хамсыыр хомус тылыныы, сирилэччи тыаһатан ааһар.

Тимир күһүн алтынньы 14 күнүгэр — Бокуруопка, Таҥарианство итэҕэлэ ааттыырынан, Дьыл саҕаланыар диэри туруоҕа.

ИҺИЙЭЭНЭП

Балаҕан ыйын 27-тигэр — ИҺИЙЭЭНЭП КҮНЭ, сахалар биир ытыктыыр бэлиэ күммүт буолар.

Билэрбит курдук, дьылбыт-күммүт бэлиэ ааттарын православнайдар кэлэн баран барыларын бэйэлэрин сибэтиэйдэрин ааттарынан ааттаталаабыттар.
Ол курдук, Ньукуола, Бөтүрүөп, Илдьиин, Ыспааһаптар, Сэмэнэп, Бокуруоп о.д.а. бары нуучча сибэтиэйдэрэ ааттаахтар.
Ол иһин үгүспүт Иһийээнэп да син биир ханнык эрэ сибэтиэй аата буолуо дии саныыр буолуохтаах.
Таҥаралар Кэрдииһнньиктэригэр бу күнү Иһинээйэп дииллэр, ол арааһа нуучча аҕабыыттара буукубалары бутуйан сахалыы Иһийээнэп диэни сыыһа Иһинээйэп диэн суруйбуттара буолуо диэн сабаҕаланар.
Ханныгын да иһин ИҺИЙЭЭНЭП да ИҺИНЭЭЙЭП да диэн ааттаах биир да сибэтиэйи араастаан көрдөөн көрдүм да булбатым. Ол аата бэлиэ күннэри ааттааһыҥҥа Иһийээнэп диэн суос соҕотох ордон хаалыт дьиҥнээх сахалыы аат сылдьар быһыылаах.
Оччоҕо Иһийээнэп диэн ИҺИЙЭР, чуумпурар диэн өйдөбүллээх уонна ити тыл сыл бу кэминээҕи айылҕа туругун олус табатык быһаарар эбит диэххэ сөп.
Ол курдук, өссө да утуйа илик бүтэһик эһэлэр бу күн арҕахтарыгар киирэллэр, оттон күрдьүгэстэр (моҕотойдор) хорооннорун булаллар. Инньэ гынан айылҕа иһийэр, кэлэр сааска диэри утуйар, сынньанар.

Бу күннэргэ тиит мутукчатын түһэрэр, хатыҥ, үөт сэбирдэҕин суйдуур тыаллаах, тоҥуон иннигэр сирин силимниир ардахтаах күннэри үүннэртээн, айылҕа барахсан иһийэр, утуйар кэмин бэлэмнэниэхтээх.

ДОБДУРҔА КЭМЭ

Аны, норуот кэрдииһинньигинэн, Иһийээнэпкэ сир үрдэ чакылыччы тоҥон, аттаах киһини уйар буолар. Онон тоҥмут суол устун атынан айаннатан дибдигирэттэххэ, ат туйаҕын тыаһа добдугураан, бэрт ыраахтан иһиллэр буолара үһү. Онон бу кэми өссө Улуу добдурҕан кэмэ диэччилэр.

Билигин Күн-дьыл күүскэ уларыйа турар кэмигэр олоробут.
Балаҕан ыйа бүтэрэ бу кэллэ да, үгүс улуустарга быйыл сир үрдэ өссө да ириэнэх сытар. Онон арааһа Бокуруопка, Таҥарианство итэҕэлэ ааттыырынан, Дьыл саҕаланыар диэри Күһүммүт сылаас туруох чинчилээх.

Гавриил Угаров, биология билимин дуоктара,

ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.
Дьокуускай.

Хаартыска: nat-geo.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0