Тимир көлө санкциялара — массыына сыаната
Соторутааҕыта, олунньу 24 күнүгэр, Арассыыйа Донбасска анал байыаннай эпэрээссийэни ыытарга быһаарыы ылыммытын туһунан биллэрээтин кытта тута сөрөөн кэриэтэ араас сааҥсыйалар киирэн барбыттара. Бу сааҥсыйалар тимир көлөлөр үрдүлэригэр “дэгиэ тыҥырахтарын сараппытынан” түстүлэр.
Ол курдук, олунньу бүтүүтүгэр дойду үрдүнэн массыына атыыта 4,8% түспүт. Бренд буолбут омук массыыналарын атыыга киллэрии лаппа аҕыйаан барбыта. Дилердэр, омук саҥа массыыналара икки-үс ый устата атыыга тахсыахтара суоҕа диэн быһаараллар. Ол оннугар “сүүрбүт-көппүт” эргэ тимир көлөлөр күннэрэ-ыйдара тахсыаҕа диэн эспиэрдэр билгэлээбиттэр.
Быйыл ааспыт ыйга Арассыыйа үрдүнэн 114,4 тыһыынча тимир көлө атыыламмыт, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 4,8%-нан кыра. 2022 сыл тохсунньу, олунньу ыйдарыгар массыына атыыта 206 тыһыынчаҕа диэри түспүт (4,3%). Бу ааҕыыга BMW уонна Mercedes-Benz тимир көлөлөр хабыллыбаттар.
Эспиэрдэр этэллэринэн, олунньу 24 күнүн кэнниттэн хартыына тосту уларыйбыт. Билигин омук хампаанньаларыттан үгүстэрэ, Кытайтан эрэ уратылар, Арассыыйаҕа массыыналарын атыыга киллэрэллэрин, ону тэҥэ, тимир көлөнү таҥан оҥорууларын тохтоттулар. Билиҥҥи туругунан, олохтоох собуоттары (ГАЗ, УАЗ) сэргэ, Nissan уонна Mitsubishi эрэ үлэлии тураллар.
Кулун тутар 4 күнүттэн нэһилиэнньэҕэ киэҥник биллэр-көстөр «Дром» портаалтан атыыга тахсыбыт массыыналары устуу 60%-ҥа тэҥнэспит. Ордук саҥа тимир көлөлөрү төттөрү “упаковкалааһын” күүскэ барбыт. Ол эрээри, сорох дилердэр массыынаны уонна саппаас чааһы атыыга таһааралларын тохтото иликтэр. Ордук эргэ массыыналары атыыга эргитэн-урбатан эрэллэр.
Ханнык хампаанньалар?
Билиҥҥи туругунан Кытай собуоттарыттан тимир көлө киириитэ тохтообокко турар, ол тоҕото өйдөнөр. Оттон Дьопуруопа концерннара үгүстэрэ “кырааннарын” саптылар. Итинэн сибээстээн, олохтоох концерннар атыылыыр тимир көлөлөрө ордук хамаҕатык барар буолбут. Сүрүннээн эргэ массыыналар итии бэрэски курдук атыыга барыылара улааппыт.
«Ведомости» хаһыат суруйарынан, Арассыыйатааҕы японскай Ниссан массыыналары оҥорор «Ниссан Мэнуфэкчуринг Рус» собуот кулун турар 10 күнүттэн тохтуо диэн быһаарбыттара эрээри, кулун тутар 5 күнүгэр тустаах хампаанньа салалтата салгыы үлэлииллэрин туһунан иһитиннэрбит. Ол эрээри, Nissan Арассыыйаҕа атыыланар бары мааркаларыгар сыанатын биллэрдик үрдэтиэ диэн тойоннообуттар. Бу иннинэ тустаах хампаанньа Pathfinder диэн суос-соҕотох импортнай дэниллэр моделын атыыга тахсарын тохтоппута. Ааспыт сылга японскай хампаанньалар 100000 массыынаны оҥорор кыахтаахтарын үрдүнэн Санкт-Петербург куоракка 45 тыһыынчаны таҥан атыылаабыттар. Бу тугу этэрий? Ол аата, былырыыҥҥыттан омук массыыналарын атыылаһыы түспүт.
Баар балаһыанньаттан сылтаан, Арассыыйаҕа омук тимир көлөлөрүн оҥорор собуоттар лаппа аҕыйаатылар, үгүстэрэ сабылыннылар.
Кулун тутар 5 күнүнээҕи туругунан, Stellantis уонна Mitsubishi, Калининградскайга «Автотор» (Kia уонна Hyundai массыыналар таҥыллаллар), Nissan, Haval (Кытай), ГАЗ, УАЗ, «Мазда Соллерс» уонна Isuzu хампаанньалар эрэ үлэлии тураллар. Бу хампаанньалар ааспыт сылга барыта
415 000 кэриҥэ тимир көлөнү оҥорон атыыга таһаарбыттар. Бу Арассыыйаҕа оҥоһуллар тимир көлөлөртөн 30%-нын ылаллар.
Итини тэҥэ, Volkswagen Group Rus (Калужскай уобаласка уонна Нижней Новгородка), Renault (Москваҕа), Mercedes (Москва анныгар), BMW (Калининградка), Hyundai, Toyota (иккиэннэрэ Санкт-Петербурга), «Соллерс Форд» (Елабугаҕа) собуоттара үлэлэрин тохтоттулар. Итини тэҥэ, Audi, Porsche, General Motors (Chevrolet и Cadillac), Jaguar Land Rover, Lexus, Volvo, Honda уо.д.а. Арассыыйаҕа тимир көлөлөрүн киллэрэллэрин эмиэ хааччахтаатылар.
Renault «АвтоВАЗ» хампаанньаны кытта Ижевскэйгэ уонна Тольяттига баар былаһааккаларыгар бу күннэргэ электроннай саппаас чаастара кэлбэккэ үлэлээбэтилэр. Бу икки хампаанньа кыттыһан, 2022 сыл тохсунньу, олунньу ыйдарыгар барыта 361000 массыынаны оҥорон атыыга таһаара охсубуттар.
«Автостат» толорооччу дириэктэрэ Сергей Удалов «Ведомости» хаһыакка быһаарбытынан, Арассыыйа иһигэр омук массыыналарын оҥоруу лииньийэтэ барыта тохтуо диэн быһаарбыт. Онно үс сүрүн төрүөтү ыйар: сааҥсыйалар, тиэрдии (логистика) уонна сорох саппаас чаастар суохтарынан. Бу “туормастаныы” төһө өр барара Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарыттан тутулуктаах диэн, Сергей Удалов эппит. Барыта этэҥҥэ быһаарылыннаҕына, инники өттүгэр бииргэ үлэлииргэ саҥа сыһыаннар, саҥа былааннар олохтонуохтара диэн быһаарбыт. Бу элбэҕи этэр тыллар. Биир курдук, олохтоох массыыналары оҥоруу элбиэҕэ. “Лада” мааркаларыттан саҕалаан УАЗ-тары өссө саҥардан, тупсаран оҥордохторуна, ама хайдах ылыахтара суоҕай?
Саха сиригэр
Саха сиригэр массыынаны оҥорор, таҥар ханнык да собуот суох. Биһиэхэ омук массыыналарын үксүн Владивостоктан уонна Новосибирскайтан тимир көлөнү атыылаан эргинээччилэр аҕалаллар уонна биирдиилээн дьон бэйэлэригэр атыылаһан, сүүрдэн кэлэллэр.
Владивостокка Японияттан тимир көлөлөрү киллэрии билиҥҥи туругунан тохтуу илик, тохтотор туһунан уҥуоргу арыылар диэкиттэн тыл быктарылла илик диэн этэллэр. Ол эрээри, тимир көлөнү киллэрии таможнятын сыаната, ортотунан, биһиги харчыбытынан эбии 150-200 тыһыынча солк. үрдээбит. Итинэн сибээстээн, Владивосток ырыынагын үрдүнэн бары мааркаларга сыана 30-40% улааппыт. Бу, биллэр турар, Саха сиригэр тута билиннэ, Дьокуускай ырыынагар сыана, ортотунан, 25-30% үрдээтэ. Японияттан саҥа киирбит массыыналар (Саха сиригэр сүүрбэтэх) сыаналара ордук уһулу ойон таҕыста.
Салгыы сыана хайдах буоларын туһунан олохтоох эспиэрдэр бу диэн чуолкай эппэтилэр. Баар балаһыанньа уһуур түгэнигэр, Дьокуускайга массыына атыыта лаппа аҕыйыа диэн тойоннууллар. Аны туран, нэһилиэнньэ сэрэхэдийэн, билигин миинэ сылдьар көлөлөрүн атыылыа суоҕа диэн этэллэрэ оруннаах курдук. Онон, били, “сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар” диирбитигэр эрэ тиийэбит.
Барыта этэҥҥэ буолуо
Николай Михайлов, массыыналары атыылыырынан дьарыктанааччы (үксүн Владивостогунан, Москванан сылдьан үлэлиир):
– Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыттан сылтаан киирбит сааҥсыйалартан массыына сыаната кыра-кыралаан үрдүү турар. Холобур, Москваҕа “Тойота” кииннэригэр, ортотунан, 30-40% үрдээтэ. Элбэх собуот үлэтин тохтотто. Дьобуруопаттан тимир көлөнү кытта саппаас чаас киириитэ эмиэ хааччахтанна. Билиҥҥи туругунан, салгыы хайдах буоларын бу диэн этэр кыаллыбат. Ол эрээри, Япония киллэрэрин тохтото илик эрээри, пошлина эбии 150-200 тыһ. солк. үрдээтэ. Дуоллартан сылтаан сыана халбаҥныы турар, бүгүн атын, сарсын атын. Эспиэртэр бу диэн чуолкай этэр кыахтара билигин уустук. Ол эрээри, ити барыта сааҥсыйалартан уонна Арҕаа дойдулар куоманнаһыыларыттан тахса турар балаһыанньа буолар. Онон сотору кэминэн орун-оннугар буолуо диэн эрэнэбин.
Сотору кэминэн олохтоох массыыналары оҥорон таһаарыынан күүскэ дьарыктаныы саҕаланыа дии саныыбын. Бу толору кыаллар кыахтаах, биһиэхэ онно сөптөөх кыах, күүс уонна өй барыта баар. Ньиэп, гаас, кыһыл көмүс саппааһа элбэх. Арассыыйа улахан держава, онон барыта этэҥҥэ буолуо диэн толору эрэнэбин.
Сыана үрдээтэ
Петр Протопопов, массыына атыылыырынан дьарыктанааччы:
– Дьокуускай ырыынагар сыана эмискэ үрдээтэ. Ордук Японияттан саҥа киирбит тимир көлөлөр сыаналара ыраатта. Холобур, 2009-2010 сыллааҕы “Виш”, “Ипсум” курдук тимир көлөлөр сыаналара билигин 1 мөл. 300 тыһ. солк. тиийдэ, ол аата, ортотунан, 30 %-ҥа тэҥнэһэр. Инники өттүгэр сыана хайдах буоларын туһунан билгэлиир уустук соҕус. Күүтэн көрөр буоллахпыт.
Александр Тарасов, «Саха сирэ».