Арассыыйа үрдүнэн “Пушкинская карта” диэн бырайыак олоххо киирбитэ. Манна 14-22 саастаах эдэр дьон кыттар. Каартаны туһанан ыччат тыйаатырга, киинэҕэ, мусуойга, о.д.а. култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьар. Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэр баар киинэ тыйаатырыгар ыччат киинэҕэ босхо сылдьар кыахтанна.
Бу туһунан Тиксиитээҕи киинэ тыйаатырын дириэктэрэ Василий Бурцев санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги бөһүөлэкпитигэр култуура уонна успуорт комплекса 2012 сылтан үлэлиир. Мин бу тэрилтэ хара аһыллыаҕыттан үлэлиибин. Биһиги киинэбит тыйаатыра Арассыыйа үрдүнэн саамай уһук сытар хотугу киинэ тыйаатыра буолар. Уопсайа 200 миэстэлээх улахан саалалаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьаҥынан ситимнээн бары санитарнай ирдэбили тутуһан саалабыт 50%-ыгар дьону мунньан киинэ көрдөрөбүт.
— «Пушкинскай каарта» бырайыагынан эһиэхэ ыччат киинэҕэ босхо сылдьар кыахтаммыт, ити туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Бу ыччаты киинэҕэ, тыйаатырга, онтон да атын сэргэх тэрэһиннэргэ угуйар бырайыак диэн сыаналыыбын. Бу бырагыраама ситимин биһиги икки нэдиэлэ устата ООО «Киноплан» диэн бырагырааманан хааччыйар тэрилтэни кытта киллэрдибит. «Пушкинскай каарта» өҥөтүн туһанан «Мистер Нокаут» диэн киинэни көрдөрүөхтээхпит. Бу киинэҕэ билиэти “Пушкинскай каартанан” ыларга аан бастаан биһиги мобильнай сыһыарыыбыт эбэтэр саайтпыт нөҥүө киириллэр. Онно киирэн баран ханнык киинэҕэ сылдьыахтарын баҕаралларын, бириэмэтин, миэстэтин талаллар. Онно төлөбүр туһунан сирэйгэ “Пушкинскай каарта” диэни талаллар. Өскөтүн “Пушкинскай каартаны” номнуо ылбыт буоллаҕына, кини бу төлөбүрү талан киинэҕэ босхо сылдьар өҥөнү туһанар. Инникитин биһиги бу каарта өҥөтүнэн Арассыыйа эрэ киинэлэрин буолбакка, тас дойду киинэлэригэр эмиэ киллэрэри былаанныыбыт. Билигин биһиги бу бырагыраама нөҥүө кулун тутар 3 күнүгэр буолуохтаах «Бэтман» киинэни киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт.
— Улуускутугар каартаны ылыы, саҥа бырагырааманы киллэрии үлэтэ төһө көхтөөхтүк баран иһэрий?
— Биһиэхэ бу үлэ дьэ, саҥа ыытыллан эрэр. Мин санаабар, бу үлэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин кытта ыкса ыытыллыахтаах. Үгүс үөрэх тэрилтэлэрэ уонна биһиэхэ, Тиксиигэ баар «Арктика» диэн каадыры бэлэмниир, аттаран туруорар кииммит бырагыраама үлэлээн эрэрин ситэри билбэт. Тиксии бөһүөлэгэр биһиги биир бастакынан бу ситими холбоон оройуоммут үөрэҕин управлениетын кытта ыкса үлэлэһэн эрэбит. Хас биирдии 14-22 саастаах оҕо, ыччат «Пушкинскай каарталаах» буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ кини биһиги кииммит өҥөтүнэн туһанар кыахтанар.
— Ханнык киинэлэри көрдөрөҕүт?
— Бөһүөлэкпит олохтоохторугар көрдөрөр киинэбит арааһа элбэх. Арассыыйа, омук сирин уонна Сахабыт сирин киинэлэрин хото көрдөрөбүт. Бу күннэргэ талааннаах режиссер Михаил Лукачевскай «Бөртөлүөт» киинэтин көрдөрүөхтээхпит. Ону сэргэ омук уонна бэйэбит Арассыыйабыт оҥорон таһаарар киинэлэрин олохтон хаалбакка тэҥҥэ көрдөрө олоробут. Киинэбит тыйаатыра аныгылыы олус сэргэх. Ыччаты култуура, кэрэ эйгэтигэр угуйар «Пушкинскай каарта» бырайыак олус туһалааҕын бэлиэтиэм этэ. Ханнык да ыраах улууска олорон киһи сайдар суола харгыстаныа суохтаах.
Ульяна ЗАХАРОВА.