Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 16667 солк. тэҥнэстэ

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр тиийинэн олоруу кээмэйэ ортотунан 16 667 солк. тэҥнэстэ. Ол ааспыт кыбаарталтан 1,2%-нан үрдээбит. Биллэрин курдук, тиийинэн олоруу кээмэйэ (прожиточный минимум) оройуоннарынан, нэһилиэнньэ араҥатынан арахсар.

Ол курдук, үлэһит киһиэхэ — 17 729 солк., биэнсийэлээххэ — 13 400 солк., оҕолорго — 17 072 солк. тэҥнэһэр.

Бастакы зонаҕа (Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай оройуоннара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай к.):  нэһилиэнньэҕэ ортотунан — 19 729 солк., үлэһит дьоҥҥо – 21 083 солк.,  биэнсийэлээххэ – 16 281 солк., оҕолорго – 20 040 солк.

Иккис зонаҕа (Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай к.):  нэһилиэнньэҕэ ортотунан — 16 304 солк., үлэһит дьоҥҥо – 17 344 солк., биэнсийэлээххэ – 13 051 солк., оҕолорго – 16 705 солк.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0