Тиийинэн олоруу кээмэйэ улаатта

Бөлөххө киир:

2022 сылтан Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ улаатта.  Онон ортотунан үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ 20 828 солкуобайга, биэнсийэлээхтэргэ – 16 433 солкуобайга, оҕолорго – 19854 солкуобайга тэҥнэстэ.

Ол эрээри, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэҕэ зоналарынан арахсан, араас-араас буолар. Бастакы зонаҕа Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат киирэллэр. Кинилэргэ тиийинэн олоруу кээмэйэ – 22 356 солкуобай, үлэлиир дьоҥҥо – 24 369 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 19 227 солкуобай, оҕолорго – 23 229 солкуобай.

Иккис зонаҕа Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара уонна Дьокуускай куорат уокуруктара киирэллэр. Тиийинэн олоруу ортотунан 18 726 солкуобайга, үлэлиир дьоҥҥо – 20 411 солкуобайга, биэнсийэлээхтэргэ – 16 104 солкуобайга, оҕолорго – 19 457 солкуобайга тэҥнэстэ.

Оттон былырыын тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык этэ: нэһилиэнньэҕэ ортотунан – 18 368 солкуобай, үлэлиир дьоҥҥо – 19 476 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 15 438 солкуобай, оҕолорго – 19 201 солкуобай. Ол эбэтэр, ортотунан 1 тыһыынча солкуобай кэриҥинэн үрдээтэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ олоҕун таһымын сыаналыырга, эрэгийиэннээҕи социальнай бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ, кыаммат дьоҥҥо көмөнү оҥорорго. Ааҕарга туһаныллар. Холобур, араас төлөбүрдэр, субсидиялар бу кээмэйтэн тирэнэн, ааҕыллаллар. Ол эбэтэр, бу төлөбүрдэр суумалара быйылгыттан кыратык үрдүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0