Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ төһө буолла?

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээтэ. Холобур,  ортотунан 2 тыһыынча солкуобай кэриҥэ үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Бу былааннамматах үрдэтиини бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбитэ.

Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ 2 зонаҕа арахсар. 1-кы зонаҕа Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат киирэллэр.

Манна нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ — 24 592 солкуобай, үлэһит дьоҥҥо – 26 806 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 21 150 солкуобай, оҕолорго – 25 552 солкуобай.

2-с зонаҕа Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара, Дьокуускай куорат киирэллэр.

Манна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэҕэ – 20 599 солкуобайга, үлэһит дьоҥҥо – 22 452 солкуобайга, биэнсийэлээхтэргэ – 17 714 солкуобайга, оҕолорго – 21 403 солкуобайга тэҥнэстэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын сыаналыырга, араас социальнай төлөбүрдэри, босуобуйалары, биэнсийэни, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) олохтуурга туһуланар. Онон бу төлөбүрдэр кээмэйдэрэ эмиэ үрдүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0