Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ төһө буолла?

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ), тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээбитэ. Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, ортотунан, 2 тыһыынча солкуобай кэриҥэ үрдээбитэ. Бу былааннамматах үрдээһин буолар, ол эбэтэр, бу 2022 сылга иккитэ үрдээтэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын сыаналыырга, араас социальнай төлөбүрдэри, босуобуйалары, биэнсийэни, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) олохтуурга туһуланар. Онон бу төлөбүрдэр кээмэйдэрэ эмиэ үрдүүр.

Дьэ, бэс ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ төһө буолбутуй?

Саха сиригэр (ортотунан) 1-кы зонаҕа (хотугу улуустарга) 2-с зонаҕа

(солкуобай)

Үлэлиир дьоҥҥо 22 911 26 806 22 452
Биэнсийэлээхтэргэ 18 076 21 150 17 714
Оҕолорго 21 839 25 552 21 403
Нэһилиэнньэҕэ (ортотунан) 21 019 24 592 20 599

Икки зонаҕа ханнык улуустар киирэллэрий?

1-кы зонаҕа —— Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат.

2-с зонаҕа — Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара, Дьокуускай куорат киирэллэр.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн тутулуктаах босуобуйалар

Тиийинэн олоруу алын кээмэйин ханнык эрэ көрүҥнэрэ босуобуйалар, төлөбүрдэр кээмэйдэригэр тус-туспа дьайаллар.

Нэһилиэнньэҕэ анаммыт, зоналарынан олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн:

— оҕо ыйдааҕы босуобуйата;

— элбэх оҕолоох ыалларга оскуола таҥаһын ыларга сылга биирдэ бэриллэр төлөбүр;

— 3-7 саастаах оҕо ыйдааҕы босуобуйата;

— 8-16 саастаах оҕо ыйдааҕы босуобуйатын кээмэйдэрэ ааҕыллаллар.

Нэһилиэнньэҕэ ортотунан анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн:

— хат дьахтар учуокка эрдэ турдаҕына бэриллэр ыйдааҕы босуобуйа ааҕыллар.

Үлэһит дьоҥҥо анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйин 2 төгүллээх кээмэйиттэн:

— 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) ый аайы бэриллэр төлөбүр (1-кы оҕоҕо путинскай босуобуйа);

— 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) Ийэ хапытаалыттан ый аайы бэриллэр төлөбүр (2-с оҕоҕо путинскай босуобуйа) ааҕыллар.

Саха сиригэр олохтоммут нэһилиэнньэ орто дохуотуттан (среднедушевой денежный доход населения):

— 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үһүс уонна төрдүс, бэһис, алтыс… оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) ый аайы бэриллэр төлөбүр (3-с оҕоҕо айсеновскай босуобуйа) кээмэйэ ааҕыллар.

Тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, бу босуобуйалартан үгүстэрин оҕолоох ыал барыта ылбат. Холобур, 3-7 саастаах, 9-16 саастаах оҕолорго босуобуйаны кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр эрэ ылаллар. Ыал дохуотун ааҕалларыгар баайын-дуолун (дьиэтин, массыынатын, даачатын) эмиэ учуоттууллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: yakutia24.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0