Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

2021 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ. Ол туһунан олунньу 25 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын 38 №-дээх уурааҕа тахсыбыта.

Ол уураах чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2020 сыл 4-c кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ олохтонно:

— нэһилиэнньэҕэ ортотунан – 18 368 солкуобай;

— үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 19 476 солкуобай;

— биэнсийэлээхтэргэ – 15 438 солкуобай;

— оҕолорго – 19 201 солкуобай.

Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ икки зонаҕа арахсар, ол чэрчитинэн, улуустарга тиийинэн олоруу араастаһар. Холобур, Дьокуускай куоракка, киин уонна соҕурууҥҥу, илиҥҥи, арҕааҥҥы улуустарга маннык кээмэй олохтонно:

— нэһилиэнньэҕэ ортотунан – 18 008 солкуобай;

— үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 19 041 солкуобай;

— биэнсийэлээхтэргэ – 15 077 солкуобай;

— оҕолорго – 18 834 солкуобай.

Оттон хотугу улуустарга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:

— нэһилиэнньэҕэ ортотунан – 21 438 солкуобай;

— үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 22 861 солкуобай;

— биэнсийэлээхтэргэ – 18 383 солкуобай;

— оҕолорго – 22 002 солкуобай.

Ааспыт кээмэйи кытары тэҥнээтэххэ, ортотунан 500-700 солкуобайынан үрдээтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска:ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0