Тиэрэ таһыллар кэммит чугаһаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Халлаан сылыйбыта туох да ааттаах. Уһун кыһын кэнниттэн дьэ ырааҕынан тэлэһийэр, Бааһынай ырыынагар баран күөрчэхпит үүтүн ылар буолан эрэбит. Күннэтэ эмээхсиммин кытта тахсан, кэтэх тыаһыыр кэмэ кэлэ илигинэ, салгын сиибит.

edersaas.ru

Былырыын биир дойдулаахпыт эмээхсин дьиэтин аттынааҕы маҕаһыыҥҥа килиэп ыла тахсан баран охтон түһэн, атаҕын тоһуппута. Хам-түм төлөпүөннүүр бэйэтэ арай сүтэн хаалла. Кэтэһэн көр – мэлигир.  Бу киһибит туохха эрэ түбэстэ диэн сэрэхэдийэн эмээхсиним эрийбитэ баара: “Куоракка сиэннэрбин көрсө диэн ааттаан кэлбит эмээхсин бэйэбин көрдөрө сытабын. Атахпын тоһуппутум ый буолан эрэр”, — диэн кэпсээбиттээх. Муҥар, сарсыарда тоҥокко тахсан иэдэйээхтээбит эбээт. Ити ону этэбин, кэтэх тыаһыыр кэмэ диэн. Кулун тутар бүтүүтэ, муус устар саҥата күнүһүн ириэрэр, түүнүн тоҥорор, сарсыарда хаҥкылыыр сиртэн уратыта суох хартыына буолар. Эбиитин, дьон хаамар сирин тупсардах аатыран, билиитэлэри тэлгэтэллэр. Онтулара кыһыннары хаҥкылыах курдук килээҥки матырыйаал. Аныгы үйэҕэ дьон үгүстүк сылдьар сиригэр халтархайа суох матырыйааллаах билиитэлэри тэлгэтэр туһунан ирдэбил суох муҥа эбитэ дуу, эбэтэр харчыларын харыстыыр дьүһүннэрэ дуу. Кыыспыттан ыйытан көрдөхпүнэ, туох барыта куонкуруһунан оҥоһуллар, ким чэпчэки сыананы эппити кытта илии баттаһаллар диир. Чэпчэки сыанабыт содула биллэр ини.

Аны бииртэн дьиибэргиибин ээ, оптуобус тохтобулларыгар иилиллибит араспысаанньаны көрдөрөр тэриллэр букатын үлэлээбэттэр. Бы күһүн халлаан тымныйарын саҕана, тымныыга үлэлээбэт тэрил үһү дэспиттэрэ. Халлаан сылыйда, Ленин болуоссатын тохтобулугар ааспыт нэдиэлэҕэ диэри хаарынан бүрүллэн, харанан көрөн турара. Чэ, ол биирдэ эмэ оптуобуһунан айанныыр киһиэхэ, миэхэ туох буолуой. Аныгы оҕолору аһынабын ээ. Дьиэлэрин аттыгар тиийиэхтээх оптуобус ити кэлиэ, бу кэлиэ диэн кэтэһэн тоҥон токуһан тураахтыыллар. Киэһээ сырыы тохтуон эрэ иннинэ тахсыбыт киһи кэлиэх дуу, кэлимиэх дуу оптуобуһу көһүтэригэр күһэллэр. Ити тэриллэрин эмиэ, бука, баһаам харчыга атыыластахтара, ким эрэ көрөр-истэр аатыран хамнас да аахсара буолуо. Омуннаабакка эттэххэ, сэтинньиттэн биэс ый киэргэл буолан турар. Сылаас кэмҥэ туохха наадалаах тэрилий?! Таах харчыны эрэ матайдыыллар. Аны биир муокаһа баар ээ, сорох тохтобулларга күһүн хойукка диэри үлэлээбитэ. Дьэ, хайдах өйдүүбүт?! Чэ, мин бытыкпын быһа үктээбит киһи букатын итини өйдөөбөппүн. Баҕар, бу оҕонньор эмиэ мээнэ-мээнэ тыллаһан эрэр диэххит эрээри, туох барыта дьон олоҕун уйгутун тупсараары оҥоһуллар буолбатах дуо? Сыыһа өйдүүбүн дуу.

Биэтэс БИЛЭЭХЭП, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0