Тиэлигигэ саҥа таас кулууп үлэҕэ киирдэ

Ааптар: 
29.12.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгэр саҥа Норуот айымньытын дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.

edersaas.ru

Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Алексей Григорьев кэпсиир:

Тиэлигигэ урукку кулууппут 1990 сыл үүнэр түүнүгэр умайан хаалбыта. Онтон ыла 30 сылы быһа олохтоохтор саҥа кулууп тутулларын кэтэстилэр. 2015 сыллаахха норуот күүһүнэн таас дьиэ тутуута саҕаламмыта. Онтон үбүлээһин тиийбэккэ, тутуу тохтоон хаалбыта. 2018  сыллаахха «Үтүө дьыала» хамсааһын чэрчитинэн тутуу иккис тыынын ылбыта.

Быйыл сайын от ыйыгар Тиэлигигэ командировкаҕа сылдьыыбытыгар таас дьиэ маннык турара.

Биэс ый иһигэр кулууп киһи билбэт буола дьэндэйэн тахсыбыт.

Биллэн турар, саҥа кулууптанан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.

Норуот айымньытын дьиэтигэр Тиэлигиттэн төрүттээх РФ народнай артыыһа, СӨ народнай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан  Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Степанида Борисова аатын иҥэрдилэр.

Степанида Ильинична төрөөбүт дойдутугар  Тиэлигигэ тиийэн, биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин анаан үллэһиннэ.

Онон бу күннэргэ  Тиэлиги нэһилиэгин олохтоохторо үүнэр Саҥа дьылллааҕы үөрүүлээх тэрээһиннэрин саҥа кулууптарыгар бырааһынньыктаан көрсүөхтэрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0