Тиэлиги үөрэнээччилэрэ рододендрону харыстыыллар

Ааптар: 
30.05.2021
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги сирэ-уота улууска даҕаны, өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны биир ураты кэрэ айылҕалааҕынан биллэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр чугас эргин суох Ыпсар, Тымырҕа диэн суолга кутуллар таас хостонор карьердара бааллар, онно сэдэх үүнээйилэр, отоннор үүнэллэр. Ону кытары сайын саҕаланыыта мырааммыт саамай үрдүк чыпчаалыгар, айан суолун кытыытыгар Даурия рододендрона диэн ааттаах талах мас кытархай өҥнөөх сибэккилэринэн симэнэр.


Рододендрон ыам ыйын бүтүүтэ-бэс ыйын саҕаланыыта дьылыттан көрөн силигилии олус кылгас кэмҥэ үүнэр.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 28 күнүгэр,  А.А.Пахомов аатынан орто үөрэхтээһин оскуолатын иһинэн «Тобул» үөрэҕи таһынан интеллектуальнай кулуупка дьарыктанар эдэр чинчийээччилэр салайааччыларын Наталия Васильевна Пахомованы кытары “Рододендрону харыстаан” диэн ыҥырыы былакаат-бааннеры таһааран ииллилэр.

Наталия Васильевна «Тобул» кулуубу тэрийэн үлэлэппитэ ыраатта.Оҕолор олус сөбүлээн дьарыктаналлар. Эдэр чинчийээччилэр төрөөбүт дойдуларын айылҕатын, үүнээйитин, отун-маһын, нэһилиэк биллиилээх дьонун туһунан олус дьаныһан хасыһан үөрэтэллэр, чинчийэн дакылааттары суруйаллар. Рододендрон үүнээйи туһунан дакылааты сыл аайы суруйан араас таһымнаах конференцияларга ааҕан сырдаталлар, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар. Билигин да чинчийии үлэтин тохтоппокко сылын аайы кэтээн көрөллөр.


“Рододендрон сэдэх үүнээйи”, “Рододендрону харыстааҥ” хаартысканан акцияны тэрийэн ыыппыттара. Наталия Васильевна көҕүлээһинин олохтоох дьаһалта уонна олохтоох урбаанньыт Захарова Марина Николаевна өйөөн үбүлээннэр «Рододендрону харыстааҥ!» бааннер-былакаат  бэйэтин миэстэтин булла. Инникитин рододендрон үүнэр территориятын нэһилиэк иһинэн ураты харыстанар сир оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахтар. Мантан ыла сэдэхтик үүнэр кэрэ сибэккилээх талахпытын дьон-сэргэ алдьаппакка-кээһэппэккэ харыстыахтара, үйэлэртэн үйэҕэ үүнэн силигилии дьону үөрдэ туруоҕа!!!

Тиэлиги нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Сардана Сергеева

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0