Бу күннэргэ Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Биир үйэ устата тустаах тиэхиньикум 16 тыһ. кэриҥэ исписэлииһи бэлэмнээн таһаарда.
edersaas.ru
Күн бүгүн Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума күнүскү уонна кэтэхтэн 12 үөрэх бырагырааматынан үөрэтэр. 2016 сылтан Алтан (Амма) уонна Төҥүлү (Мэҥэ Хаҥалас) лиссиэйдэрэ филиал быһыытынан үлэлииллэр.
Улахан тэрээһин кэмигэр тиэхиньикум бэтэринээринэй салаатын 1954 сыллаахха бүтэрбит Марфа Бурцеваны (Васильеваны) кытта сэһэргэстим.
— Тиэхиньикумҥа үөрэммит түөрт сылым тухары өйдөөн хаалбыт түгэним үгүс. Маҥнайгы кууруска киирэрбитигэр 44 этибит эрээри, 14 эрэ буолан бүтэрбиппит. Ол саҕана истипиэндьийэбит 14 солкуобай этэ. Симиэстиргэ биир биридимиэти туттарбатыбыт да истипиэндьийэбитин сыл аҥаарыгар сотоллор этэ. Ол иһин үгүс оҕо кыайан үөрэммэккэ сыыйыллыбыта. Оччотооҕу холкуостаахтар оҕолоро хантан харчыланыахтарай. Онон истипиэндьийэтэ суох буоллулар да уурайар этилэр.
Үөрэхпин бүтэрэн баран Дьааҥы оройуонугар барбытым. Онно тиийэн Верхоянскай куоракка биир сыл бэтэринээринэй лечебницэҕэ биэлсэрдээбитим уонна лабарааннаабытым. Онтон иккис сылыгар икки сыллаах тыа хаһаайыстыбатын оскуолатыгар преподавателлээбитим, бэтэринээрдэри үөрэппитим. Икки сыл үлэлээн баран Эҥэ нэһилиэгэр эмиэ икки сыл үлэлээбитим. Онтон дойдубар Ньурбаҕа тиийэн 1960-1994 сылларга бэтэринээринэй лечебницэҕэ биэлсэрдээбитим. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар киирэн үөрэхтэммитим. Идэбин олус сөбүлээн үлэлээтим. Бэтэринээрдэргэ усулуобуйа да баар этэ. Онон махталым улахан, — диэн Марфа Петровна санаатын үллэстэр.
Ыспыраапка
1918 с. түөрт сыллаах Тыа хаһаайыстыбатын кууруһа арыллыбыта. Дириэктэринэн Николай Николаевич Астраханцев анаммыта.
1919 с. Тыа хаһаайыстыбатын училищетыгар кубулуйбута.
1925 с. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума буолбута.
1927 с. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар Дьокуускай куораттан 5 биэрэстэ тэйиччи баар производственнай хаһаайыстыба бэриллибитэ.
1930 с. Ленин уулуссатын 2-гэр (билигин Кулаковскай уул) икки мэндиэмэннээх мас үөрэнэр куорпуска көспүтэ. Манна 1983 сыллаахха диэри турбута.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru