Уҥа саппыкылар
Күһүҥҥү куобахха сылдьан, үүтээн таһыгар улахан кутаа оттунан, саппыкылары куурдунуу буолла. Бүөтүр сарсыарда эрдэ туран үүтээнтэн тахсыбыта, биллэн турар, уот-күөс умуллубут этэ. Арай туран, доҕоор, саппыкытын баран көрбүтэ баара, хаҥас саппыкыта олох да быһар-быһаҕаһыгар диэри умайан хаалан баран, сытар эбит. Кини өр толкуйдуу барбакка эрэ, кэккэлэһэ турар Сүөдэр саппыкытын биирдэрин ханыылыытутан, үүтээҥҥэ киирдэ уонна Сүөдэр уһуктубутун таба көрөн: «Доҕоор, дьэ көр буолбут…Эн саппыкыҥ аҥаара умайан хаалбыт» диэн «тыллааһыннаах» буолла.
Сүөдэр хайыай, умайбыт эрэһиинэ саппыкытын оннугар, харыстаан кэппэтэх кроссовкатын кэттэ. Булчуттар аһаан-сиэн ампаалыктаһан баран, күрэтиэхтээх ойуурдарын диэки субустулар. Халлаан кыралаан хаардаабыт, инньэ гынан үктэммит суол бу дьэрэлийэ сытар. Бүөтүр кэнниттэн баран испит Бааскакөрдөҕүнэ, Бүөтүрүн суола дьээбэлээх эбит. Киһитэ хайдах эрэүктэнэр, итиэннэ хаҥас диэки халыйа хаамар уонна икки атаҕа иккиэн уҥа атах суола суоллаахтар…Ону таһыгар таһааран күлбүтүгэр, үмүөрүһэ түһүү буолла, «түөкүннээбитэ» биллэн Сүөдэр Бүөтүрдүүн «бөтүүктэһэ» сыстылар. Дьэ, көр диэтэҕиҥ!
Аттаабыттар…
Киинэ мэхээнньик Паша биэс ыйдаах сибиинньэтин түргэнник улааттын диэн, аттатаары дьүөгэтигэр биэлсэр Машаҕа тиийэн: «Дьэ, киһи да, сүөһү да эмчитэ син биир ини… Сибиинньэбин аттаан кулу», — диэн муос-таас курдук көрдөстө.
Онуоха биирдэрэ да утары биир тылы эппэккэ сөбүлэстэ. Көр, мантыкаларыҥ саас ортолоругар чугаһаабыт дьахталлар эбээт…
Дьэ, сибиинньэлээх Пашаҕа тиийэннэр, сибиинньэ оҕотун сарылаппытынан тутан ылан, кыракый мас буочукаҕа төбөтүн оройунан батары анньаллар, сибиинньэлэрэ өй мэйдээх тулуйбат орутун-сарытын түһэрэр.
Онтон ыксаан, «буочука түгэҕэр кыратык аста кутуохха» диэн сүбэлэһэллэр. Ол кэнниттэн сибиинньэлэрин оҕотун төбөтүн оройунан буочукаҕа батары анньаллар. Дьэ, туттуу-хаптыы бөҕөтө буолар, сымыыттар тириилэрин хайыта быһан, сымыыттарын арааран быһыта баттаталаан ылан баран, дьуоттаабыттар-хайаабыттар…Ол тухары, сибиинньэлэрэ, бастаан мөхсүөхкурдук гынан баран, «мыык» да диэбэтэх, «эрэйдээх, хата, саҥараахтаабата ээ» диэн буолбут.
Сибиинньэлэрин икки атаҕыттан тутан, буочукаттан ороон таһаарбыттара баара, хайаа-аа, сибиинньэлэрэ былыр үйэҕэ аска тумнастан өлөн хаалаахтаабыт эбит.
Николай ОСИПОВ, “Саха ыала” сыһыарыы архыыбыттан