Тэттик кэпсээннэр: «Эмэлдьээн», «Билээҕимсийбит»…

Ааптар:  Николай ОСИПОВ
05.01.2025
Бөлөххө киир:
Photo by form PxHere

Эмэлдьээн

Эмэлдьээн хараҕынан мөлтөх буолан, халыҥ баҕайы таастаах ачыкы кэтэр, ол да гыннаркиһиҥ, хата, саас аайы куска сааланар идэлээх. Биир саас дурдаҕа олорон, чугаһыгар олорор киһитэ көрбүтэ, оҕонньор саата «чолох» гынаат, эстэн түптэ саалла түспүт. Киһитэ, «ити тугу ытар баҕайытай» диэн муодаргыы саныы олорбохтоон баран, тэһийбэккэ оҕонньоругар тиийбит. Туоһулаһан билбитэ баара, Эмэлдьээнэ: «Ээ, сатана баара, ачыкым тааһыгар бырдах элэҥнээбитин кус диэммин күөрэтэ олоробун буолбат дуо?» — диэччи буолбут. Дьэ, сааһыт диэбэккин дуо!

Билээҕимсийбит

Сайын үгэнин саҕана, «ДТ-75» тыраахтырга эдэр уолаттар олорсон испиттэр. Кабина иһигэр тыраахтыр ханна оҥоһуллубутун туоһулуур «Завод им. ФЭД» диэн суруктаах кыракый бэлиэ ньаалбааннаах эбит. Ону таба көрөн, биир бөтөс ааҕан баран: «Бу ким аатынан собуокка оҥоһуллубут сэбий, доҕоор?»— диэн тырахтарыыстан токкоолоһон турбут.

Онуоха олорсон иһээччилэртэн биирдэстэрэ быһа түһэн: «Пахай, доо, маны билбэккин дуо? Бу сурук «Фридрих Энгельс Дзержинскэй аатынан собуот» диэн буолар…»  — диэн билээҕимсийэн турбут.

Чабычах

Бу Баһылайы уҥуоҕунан кыратын иһин «Чабычах» диэн хос ааттаабыттар. Оскуолаҕа саха тылын учуутала оҕолорго сахалыы төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээри, хастыы да тылы суруттарбыт уонна бу тыллары су[1]ругунан быһааран биэрэллэригэр дьиэтээҕи сорудах биэрбит.

Онно «чабычах» диэн тыл эмиэ баар эбит. Маша, бу Баһылай кыыһа, «чабычах» диэн тыл быһаарыытын «Чабычах» диэн кыра уҥуохтаах киһини ааттыыллар» диэн суруйан бытыгыраппыт.

«Махно»

Булт инспектора Махно быйыл саҥа андаатар бэргэһэлэммит.  Онтугар хахаардалаах. Үүтээҥҥэ аһаан-сиэн баран, утуйуу буолбут. Сарсыарда турбуттара, доҕоор, Махноларын хахаардалаах бэргэһэтэ сүтэн хаалбыт.

– Ким муодалаата? Аҕала тардыҥ! – диэн буолбут да, туһа суох. Киһи барыта көрдөөбүт,  таһырдьанан-иһирдьэнэн бүттэтэ суох тиҥсирийбиттэр да, бэргэһэ мэлигир.

Ити кэмҥэ Киэсэ уол ыы-быччары уулаах биэдэрэни тоҕо тахсар. Сотору буолаат киһилэрэ:

«Махно, бэргэһэҕин буллум, буллум», — дии-дии мутук төбөтүгэр ыйаан, чоккураппытынан киирэн кэлэр. Бэргэһэлэрэ, нууччалыы эттэххэ, «каким -то Макаром» солуурдаах ууга түһэн хаалбыт эбит,  ону ким да көрөөхтөөбөтөх. Хата ким «култууралаах» силлии-хаахтыы сылдьыбыт… Хаарыан саҥа бэргэһэ туһатыттан таҕыстаҕа ол… Нэһиилэ хахаардатын эрэ арааран ылбыттара дииллэр.

Николай ОСИПОВ, “Саха ыала” сыһыарыы архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0