2020 сылга Саха араадьыйатын 90 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Бу суолталаах бэлиэ сылга анаан «Саха» НКИХ «Тэтим» араадьыйатын айар кэлэктиибэ улуустарынан сылдьан, көһө сылдьар устуудьуйаттан үлэни тэрийэр.
edersaas.ru
Бүгүн «тэтимнэр» Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Майаҕа тиийэн быһа эпииргэ үлэлээтилэр.
Ол курдук, сарсыарда 7 чаастан ыытааччы Светлана Попова мэҥэлэргэ анаммыт биэриилэри «Саха сирин чулуу дьоно» рубрикаҕа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов туһунан биэрииттэн саҕалаата. Светлана араадьыыйаны истээччилэри уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлии олорор кэллиэгэлэрин биэриилэрин Дьокуускайтан олорон ситимнээтэ. «Бастакы ыалдьыт» рубрикаҕа ыытааччылар Туяра Андреева уонна Амор бастакынан, биллэн турар, улуус муниципалитетын баһылыга Николай Старостины уонна «Майа сэлиэнньэтэ» МТ баһылыга Дмитрий Тихоновы кытта кэпсэтэн, улуус туһунан биэриилэри саҕалаатылар.
Күнү быһа Майаттан тыа хаһаайыстыбатын салаатын, үөрэхтээһин уонна доруобуйа харыстабылын, духуобунас уонна култуура эппиэттээх үлэһиттэрэ, улуус уопсастыбынньыктара, спортсменнара, айар куттаах, сатабыллаах толкуйдаах урбаанньыттара, ыччаттар, оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар.
Биэриилэр икки ардыларыгар Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх аатырбыт ырыаһыттар ырыаларын биэрэн, Манчаары дойдутун туһунан олус сэргэх биэрии буолла. Мантан киэһэ «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсүөҕэ, саха эстрадатын сулустара кэнсиэрдиэхтэрэ.
Бу маннык дириҥ ис хоһоонноох Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан биэриилэри Саха сирин бары муннуктарыгар олорор дьон-сэргэ бэркэ сэргээн иһиттибит. «Тэтим» араадьыйа дириэктэрэ Николай Бэстиинэп бэлиэтээбитинэн, улуустартан: «Кэлэр сыл саҥатыгар биһиэхэ кэлиҥ«, — диэн номнуо сакаастар киирбиттэр. Ол курдук, «олус туһалаах уонна наадалаах биэрии эбит» диэн этиилээх Таатта улууһун култуура управлениетыттан биир бастакынан эрийбиттэр. Бу курдук, Сомоҕолоһуу сылыгар «Саха» НКИХ салалтата өрөспүүбүлүкэбит улуустарын биир тыыннаан, бэртээхэй бырайыагы олоххо киллэрдэ. Эһиилгиттэн хампаанньа үлэһиттэрэ Бүлүү бөлөх, соҕуруу уонна хоту оройуоннарга сылдьан, Сахабыт сирин туһунан өссө да үгүһү кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: «Саха» НКИХ бүгүҥҥү күннээҕи архыыбыттан.