Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан сокуон барыла

Ааптар: 
07.11.2022
Бөлөххө киир:
СӨ Төрүт Сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан сокуон барылын билиһиннэрэбит.

Сокуон барыла

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана киллэрэр

Барыл

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН КОНСТИТУЦИОННАЙ СОКУОНА

 САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУГАР УЛАРЫТЫЫЛАРЫ УОННА ЭБИИЛЭРИ КИЛЛЭРЭР ТУҺУНАН

1 ыстатыйа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар маннык уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэргэ:

1) 56 ыстатыйаҕа:

а) 10 пууну маннык уларытан суруйарга:

“10) Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһалыгар киирэр түһээни уонна хомууру олохтооһун, киллэрии (тохтотуу), түһээн ыстаапкаларын (хомуур ыстаапкаларын) олохтооһун, түһээни, хомууру төлөөһүн бэрээдэгин уонна болдьоҕун быһаарыы, түһээн чэпчэтиилэрин (хомуур чэпчэтиилэрин) киллэрии (көтүрүү) уонна (эбэтэр) ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин быһаарыы;”;

б) 12 пууну күүһүн сүтэрбитинэн билинэргэ;

в) 19 пуунтан “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратыы бэрээдэгин олохтооһун; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратыыга куоластааһыны анааһын;” диэн тыллары ылан кэбиһэргэ;

2) 59 ыстатыйа 2 чааһыгар “судаарыстыбаннай сулууспа судаарыстыбаннай дуоһунастара” диэн тыллары “судаарыстыбаннай сулууспа дуоһунастара” диэн тылларынан солбуйарга, “муниципальнай дуоһунастар” диэн тыллар кэннилэриттэн “муниципальнай сулууспа дуоһунастара,” диэн тыллары эбэн биэрэргэ;

3) 62 ыстатыйаҕа:

а) 1 чааһыгар “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар,” диэн тыллар кэннилэриттэн “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Борокуруоругар,” диэн тыллары эбэн биэрэргэ;

б) 2 чааһыгар “түһээни киллэрэр эбэтэр көтүрэр, ону төлүүртэн босхолуур, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үпкэ эбэһээтэлистибэлэрин уларытыы туһунан, үп суотугар сабыллар ороскуоттары быһаарар атын сокуоннар барылларын” диэн тыллары “түһээни (хомууру) олохтуур туһунан, күүһүгэр киллэрэр эбэтэр дьайар күүһүн тохтотор туһунан, түһээн ыстаапкатын (хомуур ыстаапкатын) олохтуур, түһээни (хомууру) төлөөһүн бэрээдэгин уонна болдьоҕун уларытар, түһээн чэпчэтиилэрин (хомуур чэпчэтиилэрин) уонна (эбэтэр) ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин олохтуур (көтүрэр) туһунан, үп суотугар хааччыллар ороскуоттары олохтуур Саха Өрөспүүбүлүкэтин атын сокуоннарын барылларын” диэн тылларынан солбуйарга;

в) 4 чааһыттан “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин туһунан” диэн тыллары ылан кэбиһэргэ;

г) 5 чааһыгар “биэс күн иһинэн” диэн тыллары “уон биэс күн иһинэн” диэн тылларынан солбуйарга, “күнүттэн” диэн тылы “күнүттэн кэлэр уон күн иһинэн” диэн тылларынан солбуйарга, иккис этиигэ “, федеральнай конституционнай сокуонунан олохтоммут бэрээдэгинэн Россия Федерациятын Президенин ыйытыгынан Россия Федерациятын Конституционнай Суута Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыйыллыбыт сокуона Төрүт сокуоҥҥа сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлиир түбэлтэтиттэн ураты” диэн тыллары эбэн биэрэргэ;

4) маннык ис хоһоонноох 66.1 ыстатыйаны эбэн биэрэргэ:

“66.1 ыстатыйа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба үбүн тастан хонтуруоллуур инниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин халбаҥнаабат төрүөккэ үлэлиир хонтуруоллуур-суоттуур уорганын – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаататын олохтуур. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай     палаататын боломуочуйата, састааба уонна үлэтин бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан олохтонор.”;

5) 72 ыстатыйаҕа:

а) 5 пууҥҥа “анал аагы таһаарар” диэн тыллары “илии баттыыр” диэн тылларынан солбуйарга;

б) 6 пууҥҥа “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин баһылыыр уонна тутулун быһаарар; Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр бигэргэтиигэ киллэрэр” диэн тыллары “өрөспүүбүлүкэ толорор былааһын салайар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин уонна тутулун быһаарар” диэн тылларынан солбуйарга;

6) 75 ыстатыйа 1 чааһын 3 пуунун күүһүн сүтэрбитинэн билинэргэ.

2 ыстатыйа

Бу конституционнай сокуон дьиҥ таһымнаах бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн уон күн ааспытын кэнниттэн дьайар күүстэнэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                              А. НИКОЛАЕВ

___________________________

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун барылыгар сыһыарыы

“САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУГАР УЛАРЫТЫЫЛАРЫ УОННА ЭБИИЛЭРИ КИЛЛЭРЭР ТУҺУНАН” САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН КОНСТИТУЦИОННАЙ СОКУОНУН БАРЫЛЫГАР

БЫҺААРЫЫ СУРУК

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун барыла (салгыы – конституционнай сокуон барыла) “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуонун ылыынан сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун кэккэ балаһыанньаларын тупсарар инниттэн ырытыллан оҥоһулунна.

  1. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 8 ыстатыйатын 2 чааһын 4 пуунунан көрүллүбүт уларытыыларынан, үрдүкү дуоһунастаах сирэйи ууратыы туһунан балаһыанньалар көтүрүллүбүттэринэн, “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 25 ыстатыйатын 4 пуунугар сөп түбэһиннэрэн Россия Федерациятын субъегын үрдүкү дуоһунастаах сирэйин боломуочуйатыгар Россия Федерациятын субъегын конституциятыгар (устаабыгар) сөп түбэһиннэрэн Россия Федерациятын субъегын толорор уорганнарын тиһигин уонна тутулун быһаарыы боломуочуйата бэриллибитинэн сибээстээн конституционнай сокуон барылынан этиллэр:

1.) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 56 ыстатыйатын 10 пуунунан көрүллүбүт түһээннэри уонна хомуурдары олохтуур, олоххо киллэрэр (дьайар күүһүн тохтотор), түһээн ыстаапкатын (хомуур ыстаапкатын) олохтуур, түһээни уонна хомууру төлөөһүн бэрээдэгин уонна болдьоҕун быһаарар, түһээн чэпчэтиилэрин (хомуур чэпчэтиилэрин) уонна (эбэтэр) ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин олохтуур (көтүрэр) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин боломуочуйатын чуолкайдааһын;

2.) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 56 ыстатыйатын 12 пуунунан көрүллүбүт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин олохтуур Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин боломуочуйатын көтүрүү;

3.)Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 56 ыстатыйатын 19 пуунунан көрүллүбүт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратыы бэрээдэгин олохтуур уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратыыга куоластааһыны аныыр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин боломуочуйатын көтүрүү.

  1. Дьокутаат үлэтигэр сыһыаннаах хааччахтары олохтуур “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 19 ыстатыйатын 2 чааһыгар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай дьокутаата боломуочуйатын болдьоҕун устата судаарыстыбаннай гражданскай сулууспа дуоһунаһыгар уонна муниципальнай сулууспа дуоһунаһыгар үлэлээбэтин быһааран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 59 ыстатыйатын 2 чааһыгар чуолкайдааһыны киллэрэргэ этиллэр.
  2. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 10 ыстатыйатын 1 чааһыгар сөп түбэһиннэрэн Россия Федерациятын субъегын борокуруоругар Россия Федерациятын субъегын сокуону таһаарар уорганыгар сокуону көҕүлүүр быраап бэриллэр, онон сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуруоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр сокуону көҕүлүүр быраабы биэрэр туһунан балаһыанньалары эбэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 62 ыстатыйатын 1 чааһыгар уларытыы киллэрэргэ этиллэр.
  3. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 8 ыстатыйатын 2 чааһын 4 пуунугар, 10 ыстатыйатын 4 чааһыгар, 25 ыстатыйатын 4 пуунугар сөп түбэһиннэрэн түһээни (хомууру) олохтуур, күүһүгэр киллэрэр эбэтэр дьайыыларын тохтотор туһунан, түһээн ыстаапкатын (хомуур ыстаапкатын) уларытар, түһээни (хомууру) төлөөһүн бэрээдэгин уонна болдьоҕун быһаарар, түһээн чэпчэтиилэрин (хомуур чэпчэтиилэрин) олохтуур уонна (эбэтэр) ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин быһаарар сокуон барылларыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүн суотугар хааччыллар ороскуоттары көрөр Саха Өрөспүүбүлүкэтин атын сокуоннарын барылларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын түмүгүн ылар туһунан ирдэбилгэ сыһыаннаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 62 ыстатыйатын 2 чааһын балаһыанньаларын чуолкайдыырга этиллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин салайыыны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын боломуочуйатыгар сыһыарыынан сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 62 ыстатыйатын 4 чааһыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан бигэргэтии туһунан балаһыанньаны ылан кэбиһэргэ.
  4. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэккэ конституционнай сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2022 сыл бэс ыйын 14 күнүнээҕи 2509-С 929-VI №-дээх конституционнай сокуонун ылыынан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуоннарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын тиэкистэрин саха уонна нуучча тылынан сөп түбэһиилэрин тэҥнээһин олохтоммутунан сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 62 ыстатыйатын 5 чааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ылыммыт сокуонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар илии баттыырыгар ыытар уонна бар дьоҥҥо биллэрии болдьоҕун 5 күнтэн 15 күҥҥэ диэри уһатарга этиллэр.
  5. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 13 ыстатыйатын 7 чааһыгар сөп түбэһиннэрэн Россия Федерациятын сокуона дьиҥ таһымнаах бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн уон күн иһинэн күүһүгэр киирэр болдьоҕо олохтонор, өскөтүн ол сокуон күүһүгэр киирии атын бэрээдэгэ олохтоммотоҕун түбэлтэтигэр.

“Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 13 ыстатыйатын 5 чааһыгар сөп түбэһиннэрэн Россия Федерациятын субъегын үрдүкү дуоһунастаах сирэйэ Россия Федерациятын субъегын сокуонун бар дьоҥҥо биллэриэн иннинэ сокуон Конституцияҕа сөп түбэһэрин бэрэбиэркэлиир туһунан Россия Федерациятын Конституционнай Суутугар Россия Федерациятын Президенин ыйытыга киирэр түгэнигэр бу ыйытыгынан Россия Федерациятын Конституционнай Суутун быһаарыыта тахсыар диэри Россия Федерациятын субъегын сокуонун бар дьоҥҥо биллэрии болдьоҕо тохтотуллар уонна ол сокуон ыйыллыбыт быһаарыыта тахсыар диэри бар дьоҥҥо биллэриллибэт. Россия Федерациятын субъегын сокуона Россия Федерациятын Конституционнай Суутун быһаарыыта тахсыар диэри бар дьоҥҥо биллэриллэр түгэнигэр быраап өттүнэн күөмчүлээһини үөскэппэт. Онон сибээстээн, конституционнай сокуон барылын 1 ыстатыйатын 3 пуунун “г” хос пуунунан федеральнай конституционнай сокуонунан олохтоммут бэрээдэгинэн Россия Федерациятын Конституционнай Суута Россия Федерациятын Президенин ыйытыгынан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ылыммыт сокуонун Конституцияҕа сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлиир түгэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын бар дьоҥҥо биллэрии болдьоҕун тохтотууну устан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 62 ыстатыйатын 5 чааһыгар чуолкайдааһыны киллэрэргэ этиллэр.

  1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаатата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар киллэрбит этиитигэр олоҕуран, “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 38 ыстатыйатын балаһыанньаларыгар, “Россия Федерациятын субъектарын уонна муниципальнай тэриллиилэрин хонтуруоллуур-суоттуур уорганнарын тэрийии уонна үлэлэтии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2011 сыл олунньу 7 күнүнээҕи 6-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 2 ыстатыйатын 1 чааһыгар, 3 ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, конституционнай сокуон барылын 1 ыстатыйатын 4 пуунунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар саҥа 66.1 ыстатыйаны эбэргэ этиллэр. Ол пуунунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба үбүн тас хонтуруолун оҥорор инниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин халбаҥнаабат төрүөккэ үлэлиир хонтуруоллуур-суоттуур уорганын – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаататын олохтуур. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаататын боломуочуйата, састааба уонна үлэтин бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан олохтонор.
  2. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 20 ыстатыйатын 1 чааһынан, 25 ыстатыйатын 4 пуунунан Россия Федерациятын субъегын үрдүкү дуоһунастаах сирэйэ Россия Федерациятын субъегар толорор былааһы салайара уонна Россия Федерациятын субъегын толорор уорганнарын тиһигин уонна тутулун быһаарара олохтонор, онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана өрөспүүбүлүкэ толорор былааһын салайарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин уонна тутулун быһаарарын олохтоон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 72 ыстатыйатын 6 пуунугар чуолкайдааһыны киллэрэргэ этиллэр.
  3. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 13 ыстатыйатын 2 чааһыгар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 72 ыстатыйатын 5 пуунугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын бэчээккэ таһаарыы туһунан анал аагы таһаарар ирдэбили устуу өттүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар илии баттыыр уонна бар дьоҥҥо биллэрэр боломуочуйата чуолкайданар.
  4. “Россия Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 28 ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун барылын 1 ыстатыйатын 6 пуунунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар регистрацияламмыт быыбардааччылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратарга ыҥырыыларынан сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотуу түбэлтэтин устуу чааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 75 ыстатыйатын 1 чааһын 3 пуунун күүһүн сүтэрбитинэн билинэргэ этиллэр.

___________________________

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун барылыгар сыһыарыы

“САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУГАР УЛАРЫТЫЫЛАРЫ УОННА ЭБИИЛЭРИ КИЛЛЭРЭР ТУҺУНАН” САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН КОНСТИТУЦИОННАЙ СОКУОНУН ЫЛЫНЫЫНАН СИБЭЭСТЭЭН КҮҮҺҮН СҮТЭРБИТИНЭН БИЛИНИЛЛЭР, ЭБИИЛЭРИ, УЛАРЫТЫЫЛАРЫ КИЛЛЭРИЛЛЭР УОННА ЫЛЫНАР ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ СОКУОН ААКТАРЫН  КЭРИСКЭТЭ

 “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун ылыы манныгы ирдиир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин маннык нуормалыыр быраабын аактарыгар уларытыылары, эбиилэри:

  1. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын туһунан” 2006 сыл алтынньы 11 күнүнээҕи 373-С 759-III №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонугар;
  2. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын туһунан” 1995 сыл олунньу 15 күнүнээҕи С 51-I №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонугар;
  3. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин туһунан” 2002 сыл от ыйын 10 күнүнээҕи 35-С 401-II №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонугар;
  4. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын быраап аактарын туһунан” 2003 сыл ахсынньы 25 күнүнээҕи 98-С 199-III №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар;
  5. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин уонна тутулун бигэргэтэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕын таһаарыыны;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин маннык нуормалыыр быраабын аактарын күүстэрин сүтэрбиттэринэн билиниини:

  1. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын тиһигин туһунан” 2007 сыл бэс ыйын 19 күнүнээҕи 458-С 929-III №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун;
  2. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ууратарга ыҥырыы бэрээдэгин туһунан” 2012 сыл ахсынньы 15 күнүнээҕи 1152-С 1177-IV №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун.

_________________________

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун барылыгар сыһыарыы

“САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУГАР УЛАРЫТЫЫЛАРЫ УОННА ЭБИИЛЭРИ КИЛЛЭРЭР ТУҺУНАН” САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН КОНСТИТУЦИОННАЙ СОКУОНУН БАРЫЛЫГАР  ҮП УОННА ЭКЭНИЭМИКЭ ӨТТҮНЭН ТӨРҮТЭ

 

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуонун ылыы түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн эбии үп ороскуоттаммат.

___________________________

Докумуоннары манна сиһилии билсиҥ:

Конституционнай сокуона барыла

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай хамыыһыйатын сэтинньи 7 күнүнээҕи түмүктээһинэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай хамыыһыйатын 003-КК нүөмэрдээх, сэтинньи 7 күнүнээҕи быһарыыта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0