Термоплан үрдүк көдьүүстээх

20.04.2022
Бөлөххө киир:

“Саханефтегаз” ННХ оччотооҕу вице-бэрэсидьиэнэ Петр Никитич Семенов норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар, ордук чуолаан балысханнык сайдар ньиэп-гаас бырамыысыланнаһыгар сүҥкэн көдьүүстээхтик туттуллуохтаах, туһалыахтаах салгын тырааныспарын аныгы кэскиллээх көрүҥүн – аэростатическай көтөр аппарааты айан, хомуйан оҥорон, тургутан көтүтүү саҕаланаары турдаҕына, бу бырайыагы олоххо киллэриини үбүнэн-харчынан өйөөбүт сорох тэрилтэлэр (учредителлэр) кирэдьииттээһиҥҥэ эбэһээтэлистибэлэрин толорбокко, дьыала тохтоон хаалар кутталламмытыттан дьаахханан, саҕаламмыты, оҥоһуллубуту тиһэҕэр тириэрдэргэ туруулаһан, дьулуһан 1996 сыллаахха суруйбут суруга.

Ытыктабыллаах Руслан Юрьевич!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Өрөспүүбүлүкэ Палататын Уурааҕын 3-с пуунугар сөп түбэһиннэрэн, “Термоплан” бырагырааманан матырыйааллары итиэннэ Мииринэйдээҕи аэрокулууп уонна “Якутавиатранс” хампаанньа авиатор-исписэлиистэрин түмүктээһиннэрин ыытабыт.
Быйылгы сыл атырдьах ыйын бүтэһигэр-балаҕан ыйын саҥатыгар “АЛА-4002” аппарааты хомуйан таҥар үлэлэр түмүктэнэллэр уонна тургутан көтүтүүлэр саҕаланаллар. Онон, хайыы үйэ 1997 сылга АН-12 сөмөлүөт базатыгар 20-40 т таһаҕаһы көтөҕөр уйуктаах, “Руслан” сөмөлүөт базатыгар 150-200 т таһаҕаһы көтөҕөр кыамталаах термопланнары оҥоруу производствотын тэнитии сабаҕаланар.
Ол гынан, хомойуох иһин, биһиги фирмаларбыт – “Термо” АУо учредителлэрэ, бастакы аппарааты тургутан көтүтүү үлэлэрин үбүнэн кирэдьииттээһиҥҥэ бэйэлэрин эбэһээтэлистибэлэрин толорботулар. Тургутан көтүтүү үлэлэрэ күн бүгүн “АВИАСТАР” уонна “РИТЭК” АУо Ульяновскайдааҕы авиабырамыысыланнай комплекс эрэ үбүн суотугар ыытыллаллар.
1996 сыл от ыйын 29-30 күннэригэр Москва куоракка буолар “Термо” АУо уопсай мунньаҕар бэйэлэрин эбэһээтэлистибэлэрин толорботох учредителлэри уһулар туһунан боппуруос туруорул­луоҕа.
РФ Госкомсеверин федеральнай бырагырааматыгар киллэриллибит тырааныспар саҥа көрүҥүн уһулуччу дьоһуннаах суолтатын итиэннэ “Термопланы” атаҕар туруорууга Саха сирин фирмалара кыттыыларын бэлитиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй суолталарын учуоттаан, Руслан Юрьевич, кыалларынан Үүнэр көлүөнэлэр пуондалара биитэр “Сахаалмааспрофинвест” корпорация “Термо” АУо учредителлэрин быһыытынан кыттыыларын боппуруоһун суһаллык быһаарыыга күүс-көмө буоларгар көрдөһөбүн.

Ытыктабылы кытта, “Саханефтегаз” ННХ
вице-бэрэсидьиэнэ П.Н.Семенов”.

Нуучча улуу учуонайа Михаил Ломоносов “Арассыыйа судаа­рыстыбатын модун кыаҕа Сибииртэн саҕыллыаҕа” диэн өтө көрүүлэниитэ кэлбит кэмигэр, дойду инники сайдыытын тирэҕинэн Хоту сири – Арктиканы баһылааһын соруга судаарыстыба халбаҥнаабат бэлиитикэтин быһыытынан сорунуулаахтык олоххо киллэриллэр. Бэйэтин судаарыстыбаннай суверенитетын биллэриммит Саха Өрөспүүбүлүкэбит салалтата, бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев тус өйөбүлүнэн, бу бырагырааманан хабыллар хоту дьон олохпут, дьылҕабыт бы­­һаарыллар быһаччы си­­бээстээх субъект буоларбыт быһыытынан, олоҕу, дьыаланы хамсатар саҥа, кэскиллээх саҕалааһыннары, идиэйэлэри биир бастакынан өйөөччүнэн буолбута.
Ол курдук, 1994 сыллаахха Арассыыйа Наукаларын академиятын академига Ю.А.Рыжков научнай салайааччылаах “ТЕРМОПЛАН” бырагырааманы олоххо киллэриигэ “Термо” АУо-ну кытта “Термоплан” аэростатическай көтөр аппарааттары (АКА) айан оҥорууну көҕүлээччи-аахсыйалаахтарынан:
– “РИТЕК Арассыыйатааҕы инновационнай оттук-энэргэтии­чэскэй хампаанньа” АУо;
– Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (өрөспүүбүлүкэ аатыттан сакаасчытынан Мииринэй куорат сайдыытын пуондата уонна “Аахсыйалаахтар научнай-инновационнай корпорациялара” АУо буолбуттара);
– “Авиастар” Ульяновскай­дааҕы авиационнай бырамыысыланнай комплекс” АУо;
– Арассыыйа кэккэ авиа­-космическай тэрилтэлэринэн тэриллибит “Моторавиафонд” Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай пуонда;
– Москватааҕы авиационнай институт буолбуттара.
Мантан да көстөрүнэн, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко соторутааҕыта “Бэдфорд групп” экспедиторскай хампаанньа генеральнай ди­­риэктэрэ Владимир Ворошилов, дирижабль тутуутунан дьарыктанар “Долгопруднинскайдааҕы Автоматика КБ-та” АХ салайааччыта Юрий Кузнецов кыттыылаах Арктика оройуоннарыгар 100-500 киилэ ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйэр-таһар кыах­таах дьоҕус дирижаблы тутуу, тургутан көрүү боппуруостарын дьүүл­лэспитэ “Эмиэрикэни ары­йыы” буолбатах. 90-с сыллар саҥаларыгар саҕаламмыт дьыалаҕа эргиллии, салҕааһыҥҥа холонуу диэххэ сөп.

Иван Ксенофонтов.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

“АКА-40” Термоплан

Харахтарыыстыката: устата – 46,35 м, туората – 45,40 м, үрдүгэ – 19,54 м, көтөр түргэнэ – 140-160 км/ч, көтөр үрдүгэ – 500-1500 м, көтөр ырааҕа – 5000 км, тиэнэр таһаҕаһын ыйааһына – 5 т.
Термоплан – салгыннааҕар чэпчэки, тиэйэр-таһар, таҥар үлэлэри ыытар көтөр аппараат. Аналлаах аэродромҥа наадыйбат, ханнык баҕарар таһаҕаһы “аантан ааҥҥа диэри” тимир суолунан тиэ­йии-таһыы курдук кэмчилээһиннээхтик тириэрдэр кыахтаах. НЛО ойуутун курдук диискэлии оҥоһуулаах, култаҕарыгар толоруллар гелий гаас инники көтүтэр мотуордара үрэр итии салгыннарынан сылытыллар буолан, термоплан дирижабллааҕар быдан эрэллээх уонна үлэлэтэргэ, салайарга табыгастаах. Култаҕарын бүрүөһүнэ умайбат, электротогу аһарымтыа, 1 погоннай миэтэрэҕэ 8000 кг баттааһыннаах ноҕуруусканы тулуйар бөҕө матырыйаалтан оҥоһуллубут.
Үрдэ-анна дьүөрэлии култаҕар быһыыта салгыны аһарымтыа буолан, салаллымтыа, дирижабль курдук көнтөрүк буолбатах. Үлэлиир эрэсиимигэр гелий гаас сууккаҕа 5 лиитири кыайбат ­ороскуоттанар, онон сүрдээх кэмчиһит диэххэ наада. Култаҕарын бүрүөһүнүн таһа 60 кыраадыс сылаас буолан, мууһуруу куттала тирээбэт. Көтүүнү салайыы бары систиэмэлэрэ саахалланан ак­­каастыыр түбэлтэлэригэр, туһалаах таһаҕаһы көҕүрэтэн бырахпакка эрэ, аппараат сөкүүндэҕэ 3-4 миэтэрэ түргэннээхтик намтыыр.
Инникитин 5000 км диэри 600 т онтон да ыарахан ыйааһыннаах таһаҕаһы тириэрдэр, миэстэтигэр оборудованиены, тутууну таҥар үлэни толорор усулуобуйаны хааччыйар кыахтаах термоплан бырайыага оҥоһуллар. Ити үлэлэр ыарахан МИ-26 бөртөлүөтү туһанардааҕар 20-24 төгүл, АН-124, Б-747200 сөмөлүөттэрдээҕэр 5-6 төгүл, 40 туонналаах “Вольво” авто-буойастааҕар 2-3 төгүл үрдүк көдьүүстээхтик толоруллар буолуохтара.
Инньэ гынан, биһиги айылҕа-килиимэт, сир-уот, сырыы-­айан ыарахан, уустук усулуобуйалаах Тус хоту, Уһук Илин эрэги­йиэммитигэр норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар, тиэ­йии-таһыы үлэлэригэр, туһалаах сир баайын чинчийиигэ, ньиэп-­гаас аһарыллар ситимнэрин хонтуруоллааһыҥҥа, улахан кээмэйдээх муодуллары тиэйиигэ-таҥыыга, таһаҕаһы тиэйиигэ, пассажирдары таһыыга, араас ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыыга эрэллээх Термоплан аэростатическай көтөр ааллары туһаныы сөҕүмэр экэнэмиичэскэй көдьүүһү биэрэрэ чуолкай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0