Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр ыҥырабыт!

12.02.2020
Бөлөххө киир:

Олунньу 13 күнүгэр Дьокуускайга Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах уопсастыбаннаһы кытта көрсүһүүгэ ыҥырабыт.

Тэрээһин кэмигэр 15 туомнаах саха тылын быһаарыылаах тылдьытын сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Бу бөдөҥ научнай үлэҕэ 80 тыһыынчаттан тахса саха тыла киирдэ.  9,5 тыһыынча страницалаах тылдьыты 46 сыл устата тыл үөрэхтээхтэрэ оҥордулар. Бүтэһик туома ааспыт сылга ыам ыйыгар тахсыбыта.

Маны таһынан, үөрүүлээх тэрээһин иитинэн «Илкэн» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар тылларын интэриниэт-портала сүрэхтэниэҕэ. Манна бу норуоттар олохторо-дьаһахтара өрөспүүбүлүкэ эрэ таһымыгар буолбакка, киэҥник тарҕанара былааннанар.

Ыалдьыттарга анаан СӨ Национальнай библиотекатын, СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтугар уһуйар худуоһунньуктарын быыстапкалара ыытыллыаҕа, саҥа тылдьыт атыыланыаҕа.

Ийэ тылбыт күнүгэр көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Тэрээһин 18.00 чаастан саҕаланыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0