Тэллэйдээх бүлүүдэлэр

08.09.2018
Бөлөххө киир:

Элбэх ардах түһэн, тэллэй бөҕө үүннэ. Үгүстэр тоҥорон, маринадтаан хаһааннылар, сибиэһэй хортуосканы кытта буһаран сиэтилэр. Тэллэйтэн өссө судургу эрээри, ураты бүлүүдэлэри оҥорон, дьиэ  кэргэҥҥитин күндүлээҥ.

Тэллэйтэн кэтилиэт

Шампиньон — 300г, эриэппэ луук — 2 уст., биэрэс — 1 уст., сымыыт — 2 уст., мэлиллибит суухара — 3 ост. нь., мас арыыта – 2 ост.нь., туус, биэрэс.

Шампиньоннары туустаах ууга буһаран баран, уутун тоҕобут, кыра гына кырбыыбыт. Блендеринэн, мясорубканан эрийтэриэххэ сөп. Кырбаммыт луугу, биэрэһи арыыга ыһаарылыыбыт, кыратык тэллэй бульонун кутуохха сөп.

Тэллэйи уонна оҕуруот аһын холбоон, туустаан, сымыыты кутан баран, булкуйабыт. Суухараҕа булкуйа-булкуйа, кэтилиэттэри оҥоробут. Хобордооххо ыһаарылыахха, эбэтэр үрдүгэр сыырдаан баран, духуопкаҕа буһарыахха сөп. Гарнирыгар буспут хортуоска, рис, мокоруон, оҕуруот аһа барсар.

Тэллэйдээх лазанья

Лазаньяҕа анаммыт лиистэр – 9 уст., 700 г. куурусса этэ, 350 г. тэллэй, 450 г помидор, 300 г сыыр, 150 г луук, орегано, базилик, туус.

Бешамель соуска: 50 г ынах арыыта, 2 ост. нь. бурдук, 2 ыст. үүт, 2 сымыыт, туус.

Лазанья лиистэрин маҕаһыынтан булбатаххытына, лапса кытаанах тиэстэтин курдугу бэйэҕит оҥоруоххутун сөп. Луугу, кууруссаны арыыга ыһаарылыыбыт. Тэллэйи кыра гына кырбаан кутабыт, өссө 10 мүн. ыһаарылыыбыт.

Помидору итии уунан саба ыһан, хаҕын ылабыт. Теркаҕа аалан, пюре оҥоробут. Тууһу, приправалары (орегано, базилик) кутуохха сөп.

Соус оҥорорго арыыны уулларан баран, бурдук кутан, булкуйабыт. Саһарчы бустаҕына, 2 ыстакаан үүтү кутан, мөлтөх уокка хойдуор диэри буһарабыт. Тута сымыыты кутабыт, булкуйабыт, туустуубут.

Лиистэри уурталыыбыт (сорох кытаанах лиистэри эрдэ буһарыахха наада). Фаршы, үрдүгэр соуһу кутабыт. Ити курдук уочаратынан ууран иһэбит – лиис, фарш, соус. Үрдүгэр томатнай соуһу кутабыт. Духуопкаҕа буһара түһээт, үрдүгэр сыыр кутан баран, иккистээн уган ылабыт.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0