Тэлгэһэҕэ үөскээбит ууну оҕолор этэн обортордулар

23.04.2017
Бөлөххө киир:

Халлаан хас да күн хатаан туран баран, дьэ, ыһыгынна. Ону кытары хаар эмискэ ууллан, Дьокуускай куорат элбэх этээстээх дьиэлэрин тэлгэһэлэригэр улахан чалбахтар үөскээтилэр. Биир оннук «кус түһэр көлүйэтэ» Пушкин уулуссатын 23/1, 31/1, 31 уонна 23 №-дээх дьиэлэрин тэлгэһэлэригэр үөскээбитэ икки-үс күн буолла.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Оҕолор оскуолаларыгар бараары, улахан ууну тумнар сыалтан, тимир күрүөҕэ хатаастарга күһэлиннилэр. Ол хатаастан баран иһэллэрин түбэһэ көрбүт дьон хаартыскаҕа түһэрэн, социальнай ситимҥэ ыыппыттарын, уопсастыбаннас көрдө. Биир оҕо куорат баһылыгар Айсен Николаевка уу туолбутун туһунан иһитиннэрии ыыппыт.
Арааһа, уопсастыбаннас айманыытын Дьокуускай куорат салалтата истибит быһыылаах, бүгүн сарсыарда икки фекальнай массыына кэлэн ууну оборторон, көлүйэ саҕа ууну балачча кыччаттылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Дьиҥэр, нэһилиэнньэ кыттыыта да суох ити үөскээбит чалбаҕы оборторуохха сөбө буолуо…

Пушкин уулуссатыгар турар түөрт дьиэ тулалаан турар тэлгэһэтигэр сайыннары көлүйэ саҕа чалбах үөскүүр. Икки күннээх ардах түстэ даҕаны, сатыы киһи кыайан сылдьыбат чалбаҕа  туола түһэр.  Дьиҥэр, тэлгэһэҕэ халыйбыт ардах, хаар уута  барар анал лотога баара буоллар, итинник  үөскүө суоҕа этэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0