Сандал сааһынан уонна күөх сайыны көрсө маннык ааттаах олус үчүгэй сүбэлэрдээх, хаһаайкаларга туһалаах кинигэ таҕыста.
Кинигэ «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ (кылаабынай эрэдээктэр Анна Посельская) «Олоҕу хамсатар дьон» сиэрийэтинэн бэчээттэнэн тахсыбыт. Буҕаалтырынан үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, ыал тапталлаах эбээтэ, оҕуруотчут ааттааҕа, иистэнньэҥ мааныта, Ытык Күөл уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар Любовь Луковцева үүнээйи арааһын олордуунан утумнаахтык дьарыктаммыта 30-тан тахса сыл буолбут.
— Сөбүлээн сүрэҕим баҕатынан, тугу билэрбинэн дьарыктанабын. Онон бастаан эрэдээксийэттэн «үүнээйини олордууга сүбэлэрдэ биэр, суруй» диэбиттэрин кыбыстан кыккыраччы аккаастаммытым. Ону хаһыат эрэдээктэрэ Анна Константиновна, билэр дьонум, оҕолорум тылларыгар киллэрэннэр, толкуйдаан бараммын, сөбүлэспитим. 70 сааспар бэйэбэр бэлэх курдук оҥостор эбиппин диэн. Кинигэни бэлэмнииргэ кыыһым Александра, сиэним Айта көмпүүтэргэ бэчээттээннэр, таҥаннар, хаартыскалары таланнар көмөлөстүлэр.
Биһиги 1987 сыллаахха бас билэр тиэргэннэммиппит. Дьэ, онтон ыла, кэргэмминээн Аркадий Иосифовичтыын көмөлөөн мас, талах арааһын олордон саҕалаабыппыт. Оччолорго сурунаалларга көрө-көрө үүнээйилэри почтанан суруттаран ылар этим. Ону сэргэ, толоонтон түөрэн аҕалар этибит. Оннук сыллата элбээн билигин тиэргэммитигэр хатыҥнар, бэстэр, ыарҕа талахтара, сарбынньах, долохуна, хаптаҕас, моонньоҕон, биэ эмиийэ, жимолость, яблоня, облепиха, хаппырыас, араас сибэккилээх талахтар, элбэх сыллаах уонна сайыҥҥы сибэккилэр, о.д.а. ааттаталыахпын сөп. Яблонябыт ас биэрэрин 8-9 сыл күүппүппүт кэнниттэн, дьэ, астаммыта үһүс сыла. Өссө олордон көрөргө быйыл вишня атыыластым. Оттон тэпилииссэ, оҕуруот аһын арааһын олордуу, билигин хаһаайка барыта умсугуйан олордор дьарыга. Сайын үүнэйи ситэн-хотон силигилээн турдаҕына, арыт, биир күҥҥэ отуччалыы киһиэхэ тиийэ кэлэн экскурсиялаан, хаартыскаҕа түһэн барааччылар.
Онон бу үүнээйилэри олордон, бүөбэйдэһэн, сыралаһан муспут үөрүйэхпиттэн дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн сурукка тиспитим кинигэ буолан таҕыста. Барыта 48 сирэй, хаартыскалардаах.
Кинигэҕэ үүнээйи буорун бэлэмнээһинтэн саҕалаан, олордорго, көрөргө-истэргэ, кыстатарга тиийэ барыта киллэрилиннэ. 50 устууканан тахсыбыта аыыланан бүттэ. Билигин дьон өссө баар дуо диэн ыйыталаһа олорор. Онон, кыалыннаҕына, кинигэ өссө бэчээттэнэн тахсыаҕа.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Любовь Луковцева түһэриитэ