Сыыппара тэлэбиидэнньэтигэр нэһилиэнньэлээх пууннары холбооһуҥҥа биирдэ бэриллэр аадырыстаммыт көмөнү биэриигэ сайабылыанньалары тутуу муус устар 1 күнүнэн түмүктэнэр.
Харчынан көмө кээмэйэ: 1 зонаҕа — 10 500 солкуобай, 2 зонаҕа — 9 500 солкуобай, 3 зонаҕа — 9 000 солкуобай.
Маннык көмөнү кимнээх ылар бырааптаахтарый?
- Инбэлииттэр;
- Инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэр;
- Кыаммат дьиэ кэргэттэр;
- Соҕотох олорор, муниципальнай реестргэ киирбит, кыаммат дьон;
- Социальнай көмөҕө наадыйар оҕолоох ыаллар.
Сыыппара тэлэбиидэнньэтигэр холбонорго анал тэрили аҕалтарарга, холботторорго социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, муус устар 1 күнүгэр диэри сайабылыанньа суруйуохха, докумуоннары аҕалыахха наада.
Управление бэрэбиэркэлээн баран, көмөнү ыларын бигэргэтэр ыспыраапка биэрэр. Сайаапкалаах киһи бу ыспыраапканы илдьэн, тэлэбиидэнньэни холбуур тэрилтэни, бэдэрээтчити кытары дуогабар түһэрсэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сыыппара тэлэбиидэнньэтэ көстүбэт 255 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Ханнык сэлиэнньэлэр хапсалларын Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин саайтыттан көрүөххэ сөп.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: newokruga.ru