Тэйиччиттэн үлэ бэрээдэгэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ (үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын, социальнай хааччыйыы тэрилтэлэрин үлэһиттэриттэн ураты) тэйиччиттэн үлэ эрэсиимигэр  үлэлиэхтээхтэр.

edersaas.ru

Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Тэрилтэ салайааччыта тэйиччиттэн үлэҕэ көһөөччүлэргэ үлэ догуобарыгар эбии сөбүлэҥ түһэрсиэхтээх. Хамнас төлөбүрэ уларыйбат, оннунан хаалар. Ким туох боппуруостаах бу төлөппүөннэргэ эрийэн билсиэн сөп:

үлэ сыһыаныгар  – 508-075              (СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ)

— үлэттэн устуу  — 507-850              (СӨ Дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ)

— үлэ быраабын кэһии —  8 (9142) 74-22-66 (СӨ Үлэ иниспиэксийэтэ)

— урбаанньыты өйөөһүн боппуруостара – 8-800-100-58-80 (СӨ Предпринимательство министиэристибэтэ)

— коронавирус инфекциятыгар уонна медицинскэй тэрилтэлэр үлэлэригэр сыһыаннаах боппуруостар — 8-800-100-14-03 (СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ)

— больничнай лииһи төлөөһүн –   8- 800-302-75-498 (4112) 315-919 (ГУ-РО ФСС в РС(Я)

— кириип уонна коронавирус инфекциятыгар сэрэтэр үлэни ыытыыга – 8-800-550-21-24 (СӨ Роспотребнадзор Управлениета).

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0