Тэйиччи олорон үөрэнии бастакы күнэ хайдах ааста?

Ааптар: 
06.04.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирус дьаҥын эпидиэмийэтинэн сибээстээн, бүгүҥҥүттэн оскуола оҕолоро төрдүс чиэппэр үөрэҕин «тэйиччи олорон үөрэнии» (дистанционно) үөрэх сонун көрүҥүнэн саҕалаатылар.

edersaas.ru

Өймөкөөн улууһунааҕы үөрэх управлениета тустаах министиэристибэни, улуус оскуолаларын кытта  үөрэтии араас көрүҥүн эрдэттэн ырыппыттара. Бу туһунан үөрэх управлениетын салайааччыта Дина Фасхутдинова маннык кэпсиир:

—  Улууспутугар мобильнай сибээс уонна интэриниэт үлэтэ, компьютернай тиэхиньикэнэн хааччыллыы биир тэҥ буолбатах. Онон сибээстээн, тэйиччи үөрэх хайысхаларыттан  «Учи.ру» көрүҥү талбыппыт.  Бу хайысханан улуус оскуолалара хас да сылы быһа үлэлээн, бу көрүҥү үчүгэйдик баһылаабыттар. 

Онон 16 ч диэри оҕолору кытта холкутук дьарыктаныахтарын сөп. Маны тэҥэ улуус учууталлара «Образовариум», «РЭШ»,  «Яндекс.Учебник», «Аһаҕас үөрэх» («Открытое образование»), «Статград»,  «ГИА-ны туттарабын» («СдамГИА»), «МЭШ», «МЭО» уо.д.а үөрэтии көрүҥнэрин толору баһылаабыттара. 

WhatsApp, Youtube, Zoom, Skype, Instagram, Facebook, Вконтакте курдук социальнай ситимнэргэ барытыгар үлэлиир кыахтаахтар. Ол курдук, оҕолор батсаабынан сорудах ылан, физкультура уруогар тиийэ үөрэннилэр.

Улуус киинигэр Уус-Ньараҕа «Тэйиччи олорон үөрэнии» бастакы күнэ этэҥҥэ ааста.

Бүгүн тыа сирин оскуолаларыттан учууталлар уонна төрөппүттэр санааларын хомуйа олоробут.

Ол инниттэн муус устар 6 күнүттэн 30 күнүгэр диэри  8(41154)2-07-20, 2-24-39 төлөпүөннэргэ «Быһа сибээс лиинийэтин» холбоотубут. Онно ким туох санаалаах, этиилээх эрийэн билсэллэр.

Биллэн турар, интэринэттээх, сибээстээх уонна оҕоҕо барытыгар тиийэр тиэхиньэлээх сиргэ «тэйиччи үөрэх» сонун сүүрээн быһыытынан кэрэхсэнэрэ чахчы. Онон аны тыа сирин оскуолаларыттан сонуну күүтэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0