«Техническэй идэлээхтэр наадалар», — диир «Алданзолото» АУо дириэктэрэ Алексей Носков

14.04.2017
Бөлөххө киир:

«Полюс» бөлөҕөр киирэр «Алданзолото» АУо Саха сирин ураты, кытаанах усулуобуйатыгар таһаарыылаахтык үлэлиир тэрилтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ хампаанньа көмүстээх руданы байытарын сэргэ, урут туһаныллыбыт рудаттан хаалбыт көмүһү ылар соругу туруорунан үлэлиир. Ити рудаҕа төһө даҕаны көмүс аҕыйаҕын үрдүнэн, хампаанньа санаатын түһэрбэккэ, кэлэр үс сылга 7 тыһ. туонна көмүһү ылар сыаллаах.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ити сыалы-соругу хайдах олоххо киллэрэллэрин туһунан «Алданзолото» АУо салайар дириэктэрэ Алексей Носков маннык кэпсээтэ.
Көмүһү ылгыыр фабрика 1965 сылтан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар, сылга, ортотунан, 600-650 тыһ. туонна руданы байытар, – диэн Алексей Петрович кэпсиир. – Урукку өттүгэр фабрика туонна рудаттан 5 грамм кэриҥэ көмүһү араарар этэ эрээри, ити кэлин лаппа кыччаата. Билигин туонна рудаттан 1,3 грамм курдугу ыла олоробут. Ол гынан баран, саппаас элбэх, 25-27 сыл үлэлиир кыах баар.
Алексей Петрович,туһаныллыбыт рудаттан көмүһү ылгыыр эбиккит. Ол аата технология сайыннаҕа?
Оннук, саҥа технологияны туһанабыт. 60-с сыллар эргин 1,5 грамм көмүстээх руданы байыппакка атын сиргэ мунньан иһэллэрэ, ону биһиги билигин туһаҕа таһаарабыт. Саҥа технология быһыытынан, руданы үрүт үрдүгэр дьаарыстаан, онно цианиттаах булкадаһыгы эбэн, салгыы көмүһүн араарабыт. Ол курдук, 46 мөл. туонна руданы чөмөхтөөн, дьаарыстаан, былаан быһыытынан, 35 туонна көмүһү ылыахтаахпыт. Сэбиэскэй кэм саҕана рудаттан көмүһү ылыы 68 % буоллаҕына, билигин ол 90 %-ҥа тэҥнэһэр, сороҕор өссө элбэҕи ситиһэбит. Маннык үлэлии олорор хампаанньа Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн тарбахха баттанар.
Ити айылаах үлэни оҥороргутугар сүрүн тэрилтэ сөптөөх үбүнэн көмөлөһөр буоллаҕа.
Миигин «Алданзолото» генеральнай дириэктэринэн 2015 сыл муус устарыгар анаабыттара. Сыл аҥаара курдук үлэлээн, тугун-ханныгын үчүгэйдик билсэн, үөрэтэн баран, «Полюс» тэрилтэ салалтатыттан көмүһү ылгыыр фабриканы техническэй өттүнэн саҥардарга уонна руданы дьаарыстыыр былаһаакканы бэлэмнииргэ миллиардынан үбү көрдөөбүтүм. Бастаан утаа алданнарым миигин акаары дии санаабыттара уонна «Ити көрдүүр харчыгын туһаҕа таһаарыахпыт дуо?», – диэн тургутан ыйыппыттара.
Биһиги анал былаан оҥорон, этэргэ дылы, түүннэри-күнүстэри үлэлээбиппит. Бастакытынан, фабриканы техническэй өттүнэн саҥардыбыппыт түмүгэр, сылга 4,5 мөл туонна руданы байытар кыахтаммыппыт. Икки сыллааҕыта ити көрдөрүү кыра этэ – 3,8 мөл. туонна. Бүгүҥҥү былаан – 5-6 мөл. туонна руданы байытыы. Иккиһинэн, эһиил саҥа технология быһыытынан, руданы үрүт үрдүгэр дьаарыстаан, онно цианиттаах булкадаһыгы эбэн, көмүһү ылыы ньыматын туһаныахпыт. Бу ньыманан сылга туонна көмүһү ылары былаанныыбыт. Үсүһүнэн, улахан кыамталаах тиэхиньикэлэри ыллыбыт. 3 млрд солк биэрбиттэринэн былырыын 20 анал тиэхиньикэни атыыласпыппыт. Техническэй өттүнэн саҥардыы бары хайысхаҕа ыытыллар: фабриканы, экскаваторнай паарканы, карьерга үлэлиир тимир көлөнү (өрөмүөннээһин) саҥардыы. 2015 сылга 2,5 млрд солк туһаҕа таһаарбыт буоллахпытына, кэлэр сыллааҕы үлэ былаанын үбэ 3,7 млрд солк тэҥнэһэр.
– Олохтоох дьону үлэҕэ төһө ылаҕыт?
«Алданзолото» АУо үлэһиттэрин 96 %-на олохтоох нэһилиэнньэ, 4 %-на эрэ кэлиилэр, ол иһигэр мин баарбын. Олохтоох дьону үлэҕэ ыл диэн өрүү көрдөһөллөр. Биһиги эбийиэкпит кутталлааҕын этэн туран, үрдүк таһымнаах инженернэй исписэлиистэр наадалар диэн малтаччы эппиэттиибин. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ улахан кыһалҕа буолан эрэр. Хампаанньаҕа үлэҕэ ылыыга «аһаҕас аан» диэни тэрийбиппитигэр, 70-тан тахса киһи кыттыбытыттан, 50-на финансист, экономист, буҕаалтыр идэлээх дьон этилэр. Баара-суоҕа үс-түөрт киһи идэтэ биһиги үлэбитигэр сөп түбэһэрэ.
Бүгүн «Алданзолото» АУо-ҕа 1800 киһи үлэлиириттэн, 350-на эрэ үрдүк таһымнаах исписэлиис. Оробуочайдар уонна үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр адьас тиийбэттэр.
Онон сөптөөх исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыбаннай анал бырагыраама күүскэ үлэлиэн наада диэн көрөбүн. Оройуон үрдүнэн суос-соҕотох Алданнааҕы техникум баар. Кинилэр биһигини бииргэ үлэлииргэ өрүү ыҥыраллар. Онуоха «Эһиги кимнээҕи үөрэтэн таһаараҕыт? «Беларусь» тыраахтары ыытар кыахтаах киһини мөлүйүөнүнэн доллар сыаналаах тиэхиньикэ уруулугар хайдах олордуохпунуй?», – диэн этэбин, ыйытабын. Билигин американскай 90 туонна ыйааһыннаах 10 грузовигы ылыахтаахпыт, миллиард аҥаарыгар атыыластыбыт. Дьэ, манна кими олордобут? Тырахтарыыһы?
Судаарыстыба биһиэхэ сөбө суох каадыры бэлэмниир. Оттон биһиэхэ дробильщиктар, конвейеровщиктар, экскаватор, погрузчик машинистара  наадалар. Аны туран, техническэй идэни баһылаабыт буолуохтаахтар. Ол эбэтэр, училищены, техникуму үөрэнэн бүтэрбиттэр биһиэхэ барсыбаттар. Онон манна судаарыстыба сөптөөх болҕомтону уурара уолдьаста.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0