Тэһиинньит уол (Ородьумаан кэпсээнэ)

Ааптар:  Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан
22.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Түҥ былыр улахан баай киһи өллөҕүнэ кинини кытта бииргэ атын ыҥыырдары уонна тэһиинньит киһини тыыннаахтыы көмөллөр эбит. Ол дойдуга тиийэн көмөлөһөр киһитэ суох «эрэйи» көрбөтүн курдук.

Кирис уол ол баай киһи хамначчыттарыттан биирдэстэрэ. Холун этэ хойдон, буутун этэ буһан модьураабыт кэмэ этэ. Ордуос баай өбүгэлэригэр аттанаары сытан: «Ити Кирис уолу миигин кытта атаараарыҥ», — диэн оҕонньор эппит. Кирис бүгүрү, үлэһит бэрдэ уонна ыһыахтарга атах оонньуутугар тэҥнээҕин була илик. «Аҕаа, эн Кириһи илдьэ бардаххына ыһыахтарга күөн туттар киһибит суох буолар», диэн Ордуос баай улахан уола аҕатыгар этэн көрбүтүн, аҕата туох да иһин ылымматаҕа. «Эппиппин энчирэтэр буолаайаҕыт. Эттим, бүттэ», — диэбитигэр уола аҕатын тылын быһа гыммакка сөбүлэспитэ. Атын хамначчыттар ол ыар сураҕы истибиттэрэ, оҕонньору кытта «барсыбаттарын» билэн дьэ уоскуйбуттара.
Кирис уол Ордуос баайы кытта күн сириттэн күрэнэн анараа дойдуга барсар уураахтаммытын билбэккэ сылдьыбыта.

Оҕонньор тыына быстаатын кытта ити ыар сураҕы хамначчыт кыыс Чэлгийэ истибитэ. Кыыс уолу таптыыр буолан айманан дэлби ытаабыта. Мэлдьи көрсөр сирдэригэр хатыҥнаах чараҥҥа Кирис кэлбитигэр кэпсээбитэ. Уол ону эрэ өйүгэр оҕустарбакка сылдьыбыт буолан, күннээх халлааныгар сүллэр этиҥ сааллыбыта. Күөгэйэр күнүгэр сылдьан баай киһини кытта тэҥҥэ өлөр диэн ынырык да буолсу. Чэлгийэ уолу ханна да ыытыам суоҕа диэбиттии ыга кууһан турар. Аны икки күнүнэн бу таптыыр кыыһыттан арахсан, хараҥа ииҥҥэ тыыннаахтыы көмүллэрин санаан уол этин сааһа тымныйталаан ылла.

Чэлгийэ, сэгэрим сыыһа, эн биһикки көрсөрбүт икки эрэ күн хаалла. Бу кэми бииргэ атаарарбыт буоллар.

— Кирис, күрээ…, күрээ, ханна эбит… мин өлөргөр баҕарбаппын.

— Өбүгэбит үгэһэ буоллаҕа дии. Миигин кырдьаҕас эрэнэн талбыт буоллаҕына барсар буоллаҕым.

— Суох, суох аата ынырыгын, куотаҥҥын тоҥ биистэринэн эҥин түс.

— Ол атын уустар миигин билиммэт буоллахтара. Тылларын да өйдүөм суоҕа.

— Үөс сир сахаларыгар бардаххына? Иккиэн күрүөх, мин барсабын, — кыыс соруммут аҕай, сирэйэ-хараҕа турбут. .

Өр быһаарсан им-дьим тэринэн күрүүргэ соруннулар. Кирис быһаҕын, дапсытын, батаһын тыаҕа таһааран кистээтэ. Ардьаах туу ылла. Дьон уолу аһыммыттыы көрөллөр. Билбэккэ сылдьар дииллэр быһыылаах.

Чэлгийэ эмиэ кыралаан бэлэмнэннэ. Онтон күн үөһээ ойуута иккиэн булсан, хара тыаҕа түстүлэр.
Сарсыныгар тэһиинньит уол сүппүт диэн сурах түһүлгэни, түөлбэни толордо. Ордуос баай уола аттаах эрэттэри илин-арҕаа өттүнэн көрдөтө ыытта. «Үтүөнэн бэриммэтэҕинэ сайылаан баран аҕалаарыҥ», саҥа аҕа баһылыктара суостаахтык соруйда. Уолу булбатахтарына бэйэлэрин оҕонньорго «көмөлөһөөччүнэн» ыыталыам диэн саанна.

Көөрдөөччүлэр сорохторо атын сиринэн барбыттар, биэс эр бэрдэ кыыстаах уол тохтоон сытар сирдэрин сибикилээн бэдэр кыыллыы үөмэн иһэллэр. Кирис далла мэндэйэн сэлэмэ кустугунан ыҥыыр иҥэһэтин курдары ытарын билэр буолан саллан иһэллэр. Ол иһин өмүтүннэрэн түһэн хам баттаан өтүүнэн кэлгийэр санаалаахтар. Уол мутук тостор тыаһын истэн ойон турда. Чэлгийэни бу орох омоонун устун бара тур диэн сибигинэйдэ. Сайыҥҥы үрүҥ түүҥҥэ мастар быыстарынан күлүктэр элэҥнэспиттэрин көрдө. Биэс киһи кинини сойуолуурун сэрэйдэ.

— Кимнээхтэргитиэй? — Кирис хаһыытаата.

— Биһиги. Кирис, үтүөнэн бэрин эбэтэр бэйэбит дьууктаан баран илдьиэхпит.

— Бэйэҕит төннүҥ, хаана суох арахсыҥ! — Кирис утары хаһыытаата. Оноҕос сурулаан кэлэн уол сарыы таҥаһын хайа суруйан ааһан, тииккэ батары саалынна. Уол ону тосту тутаат. «Үтүөнэн арахсыбат буоллаххытына тыын тыыҥҥа харбас. Хаан, хааҥҥа…», — сымыһаҕын быһа ытыраат, сыыр быарын диэки ойдо. Суон бэс кэннигэр түһэн кэтээтэ. Биир күлүк бэригилдьийэн эрдэҕинэ ох саа кирсин кулгааҕын эминньэҕэр диэри иэҕэ тардаат, төлө тутта. Эрбэҕин тыаһа лачыгырыы түһээтин, оноҕос сурулаан тиийээт көп эккэ түһэр тыаһа «кипп» гынна. Им-дьимҥэ киһи абытайдаах хаһыыта часкыйда. Кирис салгыы мастар быыстарынан сүүрэн элэгэлдьийдэ. Эккирэтэр дьону кыыстан тэйитэр санаалаах. Бэс тыаҕа киирбит буолан арыый кэйгэлэс соҕус. Икки сэргэ үүммүт аарыма бэскэ ытынна. Биэс киһиттэн биирдэстэрэ хаалан түөрт киһи сүүрэн ааста. Уол мутугу тосту үктээбитигэр бүтэһиктэрэ истэн, төттөрү кэллэ. Аарыма бэһи одуулаан хантаарыҥныы турдаҕына, Кирис үөһэттэн хоонньугар уктубут тааһын сыыйа ороон ылаат олоотуу турар боотуру сүүскэ түһэрдэ. Бүтэй тыас «лос» гына тыаһаатын кытта киһи тиэрэ таһылла түстэ. Өссө биир киһи сүүрэн кэлбитигэр Кирис бэдэр кыыллыы мастан үрдүгэр ыстанна. Ыстаммытын уоҕар иккиэн тутуспутунан сыыртан төкүнүйдүлэр. Аллара түһүүлэригэр Кирис киһини сүнньүн «харх» гыннара эрийбит. Ити барыта кинини кыргыс үөрэҕэр уһуйбуттара туһалаата. Уол икки тарбаҕын тутан олоро түстэ. Ол аата өлөрө кэлбит өстөөҕө өссө икки хаалбыт диэн бэлиэтэ.

Икки киһи ханна да барбыттара биллибэтэ. Халлаан суһуктуйуох курдук буолла. Сотору кэминэн күн кылбайа көстөн, мастар быыстарынан сардаҥалара сараадыйа тыктылар. Кирис Чэлгийэтин булан тыаһы иһиллээн олордулар. Икки киһи тоҕо эрэ дьиктитик сүттүлэр. Арааһа, сэрэҕи сүтэрбит кэннэ өмүтүннэрэн түһээри гыннахтара диэн уол сэрэйдэ. Өндөйөн туран олоотуу турдаҕына дапсы тыаһа лабырҕаата, үс оноҕос сурулаан кэлбитин Кирис аһаран биэрэн, биири илиитинэн хабан ылла. Уонна хахыйах кэннигэр ыстанна. Хойуу титириктэринэн эргийэ сүүрэн икки сойуолаһааччытын кэннилэринэн таҕыста. Билбэккэ үөмэн эрдэхтэринэ этэрбэһин оһуттан быһаҕын таһааран биирдэһин быраҕан кыыратта. Быһах сурулаан кэлбитин истэн хайыһан эрэр киһини чэчэҥэйин сиирэ табан хаан ыһылла түстэ. Төбөтүн харбанаат тобуктуу түстэ.

— Хамсаамаҥ! — Кирис дапсытын бэлэм тутан чугаһаан кэллэ. Иккис киһи куттанан хараҕын муҥунан көрдө. Ох саатын туппут илиитин аллара түһэрдэ.

— Сорохторгут хайа диэки барбыттарай? — Кирис ыйытар.

— Илин диэки түспүттэрэ.

— Биир аккытын илдьэ барыахпыт, дьэ эккирэтэ баҕалаан көрүҥ эрэ.

— Хайа диэки бараҕытый, Кирис.

— Ону бэйэбит билиэхпит, ити дьоҥҥутун өлөрдүү бааһырбатах буоллахтарына илдьэ төннүҥ!

— Сөп, төннүөхпүт.

Кирис Чэлгийэтин акка олордон, бэйэтэ сиэтэн тыа быыһынан бара турдулар.

Син өр айаннаатылар, дьон эккирэппэт чинчитин билэн, биир күөлгэ тохтоон ардьаах тууларынан балык тутан үссэннилэр. Хайа диэки баралларын бэйэлэрэ да билбэттэр. Салгыы айаннаан истэхтэринэ икки эһэ оҕолоро кинилэртэн үргэн маска хатааһыннылар. Кирис ытаары гыммытын Чэлгийэ буойда.

— Чээн, барахсаттары ытыма, кыччаабыттарыан, үтүлүк эрэ саҕалар, — кыыс лабааҕа хатаастан аллара көрөн-истэн чэрэҥэлии олорор эһэ оҕолорун таптаан ымманыйар. Аттара сиргэмтэҕэ киирэн бааллан турар үүнүн быһа түһээри чиччигиниир, хаһыҥыраан тыбыырбахтыыр. Эмискэ үлүгэр ийэ эһэ часкыырбытынан сүүрэн иһэр эбит. Чэлгийэ мас кэннигэр түстэ, Кирис мас уктаах тимир төбөлөөх батаһын бэлэм тутан сиргэ тирээтэ. Эһэ ойон кэлэн киһиэхэ сапта түһэн эрдэҕинэ уол батыйатынан үөрэҕэстээт, туора ойдо. Адьырҕа кыыл ыйааһынынан түһэн быарын туһунан өтөрү саалынна. Ыардык кыланаат батыйа угун тоһу оҕуста. Батары киирбитэ чоройбутунан киһиэхэ түһэ сатыыр.
Кирис маска сөрүөстэ түһэн, быыс булан оҕунан ытта. Тыын сирин табан кыылы хаптатта. Уол үөрүйэх муҥутаан, сүлэн астаан кэбистэ. Эт үөлэн сиэтилэр. Айаннаабыттара үһүс күнэ буолла. Ханнык эрэ суол омоонунан баран истэхтэринэ суордар таҥалайдарын таҥсыналлара иһилиннэ. Онно-манна саҥалара хойдон барда. Эмискэ оноҕостор чуһууран кэлэн ойоҕоһугар, өттүгэр хатаннылар. Ат ыарыыланан өрүтэ тэбиэлээтэ. Кирис Чэлгийэни аттан сулбу тардан ылаат, маска хаххаланнылар. Сирэйдэригэр туос сабыылаах дьон быгыаластылар. Тииккэ ыппыт охторо кэлэн түһэринэн сылыктаатахха, ханнык эрэ тоҥ уустар бадахтаах, охторун төбөтө муос төбөлөөҕүн көрөн, уол быһаарда. Сахалар курдук тимири сатаан уһаарбат омуктар.

Кириһи аҕата кыра эрдэҕиттэн кыргыс үөрэҕэр уһуйбута. Итии чоҕунан быраҕаттаан аһарарга, оҕунан ытарга, оноҕоһу хабарга үөрэппитэ. Аҕата ханна эрэ улахан кыргыһыыга баран эргиллибэтэҕэ. Түөлбэтин боотурдара кыайан-хотон тоҥ биис оҕотун, дьахтарын табалары баҕастары үүрэн аҕалбыттара. Кирис Чэлгийэтин титирик быыһыгар саһыаран, үрэх холлороонун устун сыылан истэ. Өндөйөн көрбүтэ, биир тоҥ биис хоһууна иһиллии турар. Уол оҕун кирсин аҥаабыллаат ыппыта сэлэмэ кустук иһиирэн тиийэн киһини маска сыһыары хараҕалыы түстэ, охтубакка нукус эрэ гынна. Дапсытыгар түөрт оҕу сэргэ иитэн, икки хоһууну таһаалаан ыппыта бииригэр үс ох түөһүн тылыгар сэргэ түһэн эһиллэн баран түстэ. Уоран түспүт дьон тимир сэптээх хоһуунтан чаҕыйа быһыытыйдылар быһыылаах. Бэйэлэрин тылларынан ньамалаһан бара турдулар. Кирис чочумча олоро түһээт, Чэлгийэтин хорууга муоҕунан саба тарыйбытын туруорда. Кыыс хата киһи тылын толоругаһа, аймаммата туһалаата. Аттарын тыынын салҕаан, быарын сиикэйдии сиэн үссэннилэр.

Төһө кыайалларынан эт сүгэн салгыы айаннаатылар. Уһун сындалҕаннаах айан кэннэ ханна эрэ оҕус мөрүлүүрүн иһиттилэр. Ити, бука, урааҥхай сахалар олорор буолуохтаахтар диэн сабаҕалаатылар.
Биир киэҥ алааска киирдилэр. Абына-табына да буоллар балаҕаннар кэчигирэспиттэр.
Кыратык олорон чуҥнуу түһэн баран, барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ буолбут дьон киирэллэригэр тиийдилэр. Аара көрсүбүт дьон толонуппакка одуулаһаллар. Баһылыктара ханна олорорун ыйдаран онно бардылар. Барыларыттан багдайбыт улахан балаҕаҥҥа киирдилэр.
Толуу көрүҥнээх киһи эһэ тэллэххэ өттүгэстээн сытар.

— Нөрүөн нөрүйдэхпит буоллун, кырдьаҕаас, — киирэн иккиэн нөрүйэн тоҥхоҥноотулар.

Туох-ханнык урдустар кэлэн мин тусаһабын өҥөйдүгүт? — тойон дьиэлээх даххаһыйан чаҕар кыыс ууммут чороонноох кымыһын ыймахтаата. Салбанан, ньэлбэнэн дьэ кыыстаах уолу эргэлээх хараҕынан кыҥастаста.

— Урааҥхай ньоколорбут. Хаһан эрэ биһиги да дьон курдук ийэлээх, аҕалаах этибит. Олору кыргыс содула сараан ытыс соттон хаалбыппыт. Иккиэн сүрэхпитин холбоон, дьол көрдөһө сылдьан аара сор була сыстыбыт.

— Ноо, дьэ эрэ, туохха түбэһэ сырыттыгыт? Омолуй.

— Сирэйдэрэ туос сабыылаах хайа эрэ урдустар аппытын өлөрөн, туос сатыы кэллибит.

— Ол сартыаллар буолуо, олортон хата хайдах мүччү туттардыгыт?

— Икки хоһууннарын боҕутуннарбыппар «тыас хомуммуттара. Кырдьаҕаас, биһиги манна эһигини кытта буруо таһаардарбыт дуу, диэн тохтоотубут.

— Ол эһиги миэхэ тугу туһалыаххытый?

От-мас үлэтин кыайабын, кэргэним ынаҕы бэрийэ үөрүйэх.

— Бэйэм кулуттарбынан итээбэтэх урааҥхайбын, арай, кыргыс үөрэҕэр хайдаххыный? толуу киһи Томороон тургутардыы көрөр.

— Иккитэ илин эҥэр тахсыһа сылдьыбытым.

— Дьэ… хайдах сырыттыгыт?

— Элбэх хаана суох бэриннэрэн өттүк харалаах төннүбүппүт, — Кирис иҥнибэккэ хоруйдуур.

— Чэ сынньана түһэн баран мин боотурдарбын кытта холоһон көрөөр. Ону ааспатаххына, суолгутун салгыы тутаарыҥ, бу оҕолору онуоха-маныаха диэри айахта тутуҥ, олохтооҥ, — Томороон Тойон кэпсэтии бүттэ диэбиттии атаҕын эдэр кыыска үҥүлүппүтэ, үөрүйэх сиэринэн тилэҕин туппахтаабытынан барда.
Кэлбит кыыстаах уолу кулут дьахтар хара балаҕаҥҥа таһааран туос сандалыга эт, балык хоторон аһаталаата. Кыынньыбыт кымыһынан күөмэйдэрин сымнатта.

Сарсыныгар устугас хоһууну хайдах билгэлииллэрин көрөөрү түһүлгэ дьоно бары мустубут.
Томороон маннык көрү көҕүлүттэн тутарын дьэ сөбүлүүр.

Бастаан далла мэндэйэн куоталастылар. Алаас саҕатыгар чиргэл тииккэ оҕус төбөтүн ыйаабыттарын, олохтоох бэргэн оҕунан ытан сүүһүн эриллэҕэһигэр түһэрдэ. Кирис сылгы чыычааҕа көтөн эрдэҕинэ доллуотун тосту ытан түһэрээт: «Маны илдьэн иилиҥ тумсун туура ытыахпын», диэтэ. Илдьэн иилбиттэригэр эппит сиригэр түһэрдэ. Дьон ону көрөн бэри диэн бэркиһээтилэр. Бастакы түһүмэҕи Кирис кыайан, иккис түһүмэх саҕаланна. Оҕуһу туруору туппут курдук бөҕөстөрүн хапсаҕайга киллэрдилэр. Бэйэ-бэйэлэрин тутуһан уҥа-хаҥас бырахсыах айылаах хачыппахтастылар. Хайалара да бокуйбата. Биир түгэҥҥэ олохтоох бөҕөс атахха киирэн истэҕинэ Кирис умса тардаат эмиэ да тиэрэ кэбэн кэбистэ. Киһитэ кэтэҕинэн кырыһы хоруйда. Чэлгийэ үөрэн саҥа аллайаат, кынчыаттыыр харахтары көрөөт ньим барда.
Үһүс түһүмэх киһи киһи дуу, кии дуу буолара быһаарыллар ынырык оонньуута эбит. Үҥүүнэн өтөрүтэ түсүһүү эбит. Чэлгийэ үөрбүт дьүһүнэ симэлийэ сүттэ. Киһитэ өллөҕүнэ бу баай кинини хаһыс ойоҕунан ылара биллибэт. Кыра сынньалаҥ кэннэ Кирискэ үҥүү туттардылар уонна анараа боотуру тайах тириитигэр саба бүрүйэн киллэрдилэр. Эмискэ тириини хастыы тардыбыттарыгар саннын байаатыгар диэри баттахтаах, хараҕын муҥунан көрбүт боотур хаһыытаабытынан үҥүүнэн өтөрү түһүөхтүү сүүрэн киирдэ. Кирис оччолооҕу көрбүт буолан үҥүүтүн хаһыйа биэрээт, кэтэххэ сырбатта. Киһитэ умса хоруйан иһэн өрүһүннэ. Олохтоох боотур иккиһин ыстанан киирбитин үөрэҕэстээн ылаат туора эстэ. Тирии таҥаһын сиирэ астарбыт буолан эмиэ ойон турда. Бу сырыыга Кирис аһаран биэрээт үҥүүнэн такымҥа охсоот, нукус гынар кэмигэр өрө баһан моонньуга оҕуста. Томороон боотура уҥан налыс гынна.

Үһүс түһүмэҕи кыайбытыгар Томороон дьэ киһилии кэпсэттэ, сахалыы сайаҕастык саҥарда.

— Эн, арааһа, мин билэр эрдьигэним уола быһыылааххын, туман курдук үгүс тумат омуктары кытта кыргыһарбытыгар хаҥаластар күһэҥэ быстар кэмигэр кэлэн күүс-көмө буолбуттара. Онно биир уһулуччу кыанар боотурдаахтар этэ. Эйигин ол киһиэхэ майгыннаттым.

— Аҕам урут туматтары кытта эмиэ турууласпыта баара. Кэлин утуйа сыттаҕына өмүтүннэрэн ханнык эрэ урдустар кыайбыттара, — Кирис аҕатын санаан өрө тыынна.

Томороон Тойон Кириһи кыргыһыы буоллаҕына бэйэтин көмүскэтэр боотур оҥоһунна. Бэйэтинэн кэлэн биэрбититтэн үөрэн күлүгэр имнэннэ. Кыыстаах уолу иккиэннэрин биир ыалга дьукаах олохтоото.
Чэлгийэ таптыыр киһитинээн бииргэ олорор буолбуттарыттан үөрүүтэ үксээтэ. Кыыс иһигэр туох эрэ мөҕүл гыммытыгар Кирискэ сипсийдэ.

— Биһиги сотору үһүө буолуохпут.

— Ол кимий, үһүспүт эмиэ?

— Оҕолонуохпут дии, акаарычаан.

— Кырдьык дуо, Чэлгийэ?

— Кырдьык буолумуна.

— Уол буоллаҕына мин аҕам хоһуун аатын биэриэхпит.

— Кыыс буоллаҕына мин ийэм аатын биэриэхпит, — Чэлгийэ туматтар күрэтэн илдьибит ийэтин санаан уйадыйда.

Уоллаах кыыс тапталлара хаста да өлө сыһан баран тиллибитэ. Сотору кэминэн саха урааҥхайдар устугас, көс омуктары бэриннэрэн биир сомоҕо буолан атааҥнаһан бүппүттэрэ. Чэлгийэлээх Кирис төрөөн-ууһаан, чэчирээн дьоллоохтук олорбуттара.

2 чааһа

Ордуос баай өбүгэтигэр аттанаары уһугулаан сытан анаабыт, кинини кытта анараа доҋдуга барсыахтаах боотур уола Кирис күрээбитэ. Эбиитин биир ыаллар кыыстарын күрэтэн илдьэ барбыта.
Кэннилэриттэн эккирэтэн барбыт боотурдар бэйэлэрин былдьата сыһан төннүбүттэрэ. Билигин кинилэртэн биирдэстэрэ кырдьаҕаһы кытта анараа дойдуга «барсыахтаах». Хайалара барсыахтааҕын ким да билбэт. Кирис курдук эмиэ күрээн хаалыа диэбиттэрэ эбитэ дуу. Ким да, тугу даҕаны быктарбат.

Ордуос Баай өбүгэлэригэр аттаммытын иккис күнүгэр Богдо уол оҕуһунан күһүүр отун тиэйэн аҕалан испитэ. Иннигэр түөрт боотур тахсан, суолун бүөлүү турда. Ордуос Баай улахан уола Богдону оҕуһуттан түһэригэр соруйда. Уол түһэн кунанын чурумчутугар бааллыбыт, өрүү быатын убахтыы турда.Икки боотур ойоҕоһунан ааһыах курдук буолан иһэн, эмискэ уол илиитин кэдэрги эрийдилэр. Иҥиир ситии быанан илиитин ыга баайдылар. Богдо өмүттэн хаалан утарыласпата даҕаны. Ордуос кырдьаҕаһы кытта тэһиинньитинэн ыытарга кинини талбыттарын уол сэрэйдэ. Олорбут кылгас олоҕо, хараҕар элэҥнээн көһүннэ. Аҕата тоҥ биистэри кытта кыргыһыыга быстахха былдьаммыта ыраатта. Уол ийэтин кытта балтын санаан уйадыйда. Күөмэйигэр туох эрэ бүөлүү турбутун, дьүккүс гынан ыйыһынна. Хараҕа туманынан бүрүлүннэ. Икки окумалыттан ылан илдьэ баран иһэр бөтөстөр аһына да санааталлар, куотуо диэбиттии кытаанахтык туталлар. Богдо эмиэ Кирис курдук куоттаҕына, баҕар, кинилэртэн хайаларын эбит оҕонньорго тэһиинньитинэн ыытыахтара турдаҕа. Кирис куотарыгар кинилэри бэргэнник оҕунан ытыалаабыта. Аһынан тыын сиргэ таппатаҕар махтана саныыллар. Ордуос кими тэһиинньитинэн илдьэ барарын эппэккэ тыына быстыбыта. Ол иһин улахан уола Түмпэ быһаарбыта. Богдону уураахтаабыта. «Муҥ саатар, оттоох оҕуспун ийэбэр тиэрдиҥ», Богдо көрдөһүүтүн толорбуттара.

Кырдьаҕаһы тиһэх суолугар атаарар күннэригэр түөлбэни биир гына атынан көтүтэ сылдьан, өрө хаһыытаан дьону ыҥырдылар. Оҕону, дьахтары бары үүрэн таһаардылар. Буруйга-сэмэҕэ тардыллымаары, булчуттар тыаҕа да барбатылар. Богдо уол ийэтин, балтытын тиийэ аҕалбыттар. Дэлби ытаан, харахтара дьолточчу испит. Ийэтэ уолун тыыннаахтыы көмөллөрүн көрүөн баҕарбатаҕа. Кимиэхэ да этэн, үҥсэн туһа суох. Баһылык эппит тыла биир буолар. Богдо уолга боотурун таҥаһын, куйаҕын кэтэрдибиттэр, атын ыҥыырын чаппарааҕын эҥин дьикти киэргэлин, оһуорун-мандарын бары оҥорбуттар. Уолу аттыын бэйэлиин ииҥҥэ тыыннаахтыы түһэрэн көмүөхтээхтэр.

Былыргы дьон өйдөбүлүнэн, аттаах боотур анараа дойдуга тойонун көмүскүөхтээх. Ол иһин боотурга үҥүүтүн, батаһын, ох саатыгар тиийэ сэбилээн ыытыахтаахтар. Кирис күрүөҕүттэн сэрэхэдийэн саатын сэбин богдоҕо бүтэһигэр туттарыахтаахтар. Богдо бу билигин эдэр сааһыгар хараҥа иин түгэҕэр киириэхтээҕин итэҕэйбэтэхтии көрөн турар. Төрөөбүт алааһын кэриччи көрдө. Үрдүк мэҥэ күөх халааҥҥа элиэ көтө сылдьан кулуннуу кистиир. Баай хара тыата көҕөрөн көстөр. Харсаары гыммыт оҕустардыы дьүһүннээх, ойуурун систэрин көрөн аһарда. Атыннааҕы хатыҥнар уолу тиһэх суолугар атаарардыы лабааларынан сапсыналлар. Богдо бу дьикти көстүүнү уонна ийэтин, балтытын хаһан даҕаны көрүө суоҕа. Дьон аһыммыттыы көрөр харахтарыттан халты буола сатыыр. Ийэлээх балта ыкса кэлбиттэрин кууспаҕалаата. Ийэтэ «ханна да ыытыам суоҕа» диэбиттии уолун илиитин ыга тутар. Онуоха тимир куйахтаах таҥастаах боотур кылырдаан чугаһаата. Эмээхсини киэр үтүрүйдэ. Богдо, саатар, тиһэх суолугар ийэтин сүгүн көрүһүннэрбэттэриттэн абаран, боотуру түөскэ анньаат, батаһын сулбу таһыйан ылла, өрө уунаат илиитин кэлгиэтин быһа сотто. Атыттар оҕонньору ииҥҥэ түһэрэр кэмнэрэ буолан өмүттэн хааллылар. Богдо анараа дойдуга илдьэ барыахтаах бэлэм ыҥыырдаах акка хатаастан, ыҥыырга хапса түстэ. Ойутан эрдэҕинэ биир боотур оҕунан ытта. Ат өттүккэ табыллан өрүтэ тэбиэлэннэ, кутуругун хороппутунан быылы өрүкүтэн бурҕайа турда. Бөртө Бэргэн диэн көтөн эрэр чыычааҕы табарынан аатырбыт ытааччылара атынан көтүтэ турбут киһини оҕун кирсин аҥаабыллаан баран ыһыктан кэбистэ, кирис тыаһа «чырр!» гына түһээтин, сэлэмэ кустук иһиирэн тиийэн уол сүнньүгэр хатана түстэ. Курдары көтөн моонньунан ох төбөтө былтайда. Аттан эһиллэн иҥэһэтиттэн атаҕынан соһуллан иһэн хаалла. Билигин аҕай үрдүк мэҥэ күөх халлааны тыыннаах харахтар көрөр этилэр. Сотору буолаат Богдо уол иччитэ суоҕунан көрөн сытта. Халлааҥҥа элиэ кистиирин таһынан, сиргэ ийэ кыламмыт хаһыыта иһийбит чуумпуну аймаата. Босхо барбыт ыҥыырдаах ат туйаҕын тыаһа битигирии турда.

3 чааһа

Былыргы дьыллар быраман мындааларыгар Саха сиригэр айылҕа кэрэ көстүүтүн дьикти абылаҥа киһини кэрэхсэтэр. Ыт мунна баппат ыркый ойууругар, куобах көҥүл саһар, абылыы угуйар. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр эгэлгэтэ баар. Тыатааҕы ураҕаһынан ыам бырдаҕын курдук хойуу кустары куһурҕатан түһэртиир.

Кирис куһу ураҕаһынан бултууру эһэттэн көрөн үөрэммитэ. Хойуу куска үөмэн киирэн баран уһун ураҕаһынан куһуйар. Онтон көтөн тахсыыларыгар дапсынан ытыалаан лабырҕаталыыр. Үксүн үрдүк мастарынан тулалыы үүммүт кыра көлүччэҕэ кустуур, хаастыыр ордук. Умсаахтар уу кырсынан тэбинэн лаһыйан тахсыыларыгар түһэртиир. Хаастар дайан иһэн харыйаҕа мэһэйдэтэн, кыырайа көтөн элиэтээн баран уохтарын ылаллар. Булчут ити кэмҥэ туттуммахтыыр.
Кирис итинник бултаан бүтэн барарын саҕана хатыллыбыт кылынан кустарга тиргэ иитэн хаалларар.

Кирис таптыыр кыыһынаан холбоһон, кыстык угун саҕа балаҕан оҥостон олорбуттара иккис сыла буолла. Иккитин туолан эрэр уол оҕолоро саҥа тылланан эрэр. Кирис балаҕанын салҕаан, кэҥэттиэн саныыр.

Ордуос Баайтан күрээн кэлиэхтэриттэн, төрөөбүт түөлбэтин дьонун көрө илик. Тэһиинньит уолунан Ордуос кырдьаҕас кими анараа дойдуга илдьэ барбытын билбэт. Дойдуларын, дьонун кэргэнинээн санаан ахталлар. Туора улууска да баар буоллаллар, иккиэн бииргэ буолбуттарыттан кэмсиммэттэр. Кирис сөбүлээбэтэ диэн, сэп-сэбиргэл тэринэн сэриилэһэ бараллара. Сир-дойду былдьаһыгар атааҥнаһыы барытыгар баар.

Кирис манна туора түөлбэҕэ сылдьар буолан, кими да кытта мөккүспэт. Дьону өлөрүөн-өһөрүөн да баҕарбатар, тойон тыла – биир. Томороон Тойон эппитэ энчирээбэт. Бииринэн эмиэ тоҥ уустар бултуур сирдэриттэн көҥөнөн сүөһүлэрин, сылгыларын кэйгэллээбит буолаллар. Үчүгэйэ диэн, Томороон Киристээххэ биир тыһы бургунаһы биэрбитэ. Онон билигин икки ынахтаахтар. Балаҕаныгар сыһыары хотон туппута. Үнүр ынаҕын көхсүгэр оноҕос чоройо сылдьар этэ. Тоҥустар ыппыттара биллэрэ, ох төбөтүгэр муос ырбалааҕа. Ынаҕын нэһиилэ эмтээн, ыппыт дьоҥҥо таала кырыыламмыта.

Кирис уонча кус быһый, ат бөҕө дьону илдьэ, сирэйигэр туос сабыылаах урдустары эккирэтэн иһэллэр. Томороон Тойон биир үөр сылгытын илдьэ барбыт суолларын булбуттара. Туос сирэйдэр харахтарыгар көрбүт кыылларын, сүөһүлэрин, сылгыларын кэйгэллээн, ый-күн ыһыаҕа оҥорор урдустар.

Киристээх уоруйахтар суолларын сүтэрэн, икки аҥы хайдыһан бардылар. Хайа хапчааныгар кэлэн тохтоон аттарын хабыалата түстүлэр. Бэйэлэрэ да өйүөтэ суох кэлбит буолан аччыктаабыттар. Ыксалга эккирэппит буолан ылбатахтара. Уоруйахтар хас буолан сылдьаллара биллибэт.

— Өл хаба түспүт киһи бэрт буолуо эбит, — Түмэрчэ бөҕө иһин имэринэр.

— Сыра быһынна. Туос сирэйдэр төһө элбэхтэрэ буолуой? Тугу эрэ бултуйан үүссэнэ түһүөххэ баара.

— Оннук бөҕө буоллаҕа. Сэниэлээх киһи кыргыһар куолута. Баҕар, илиинэн киирсии буолуон сөп.

Бэйи, бу диэки күөл баар буолуохтаах, киирэн өҥөйө сылдьыам, кус көрөн тахсыам, — Өркөлөй ох саатын ылан барда.

Кирис туран сорох дьону күүтэ таарыйа биир улары кытары куобаҕы ытан кэллэ. Кирис атаҕар быһый буолан ардыгар куобаҕы кытта тилэх баттаһа тэбинээччи.

Икки боотур Кирис куобахтаах улары тутан кэлбитин этиттэриитэ суох кулуһун оттон биирин үргээн бурҕаҥнаттылар, иккиһин сүлэн ньылбы тартылар. Маска үөлэн баран уокка сырайан сырдьыгынаттылар. Ол кэмҥэ күөл диэки киһи саҥата кыланна. Кирис ойон туран ол диэки тэбиннэ. Сүүрэн тиийбитэ Өркөлөйү аарыма тайах сиргэ төкүнүтэ сылдьан кэйиэлээн, сыгынах муоһунан өрүтэ басталыы сылдьар эбит. Ардыгар Өркөлөй тайах муоһун икки ардыгар хатаастан тутуһан ылар. Тайах ойоҕоһугар икки оноҕос хам хараҕаламмыт. Аарыма лөкөй онтон мөлтөтүөх быһыыта биллибэт. Тайах баһан ылан маска сыбаан эрдэҕинэ Кирис сүүрэн кэлэн батыйанан ойоҕоско түстэ. Тайах эмискэ өтөрү түһүүттэн «бөхх!» диэт кэлин атаҕар олоро түстэ. Киһи диэки хайыһан хааннааҕынан көрдө. Кирис батаһын сулбу таһыйаат аны сүнньүгэ «харк» гыннарда. Өркөлөй дьэ «һуу» диэтэ. Кини күөлгэ киирэн бачымах курдук кустар олороллорун көрөн үөмэн испитэ. Эмискэ көрө түспүтэ, тайах муоһа адаарыйан уулуу турар эбит. Өркөлөй ыарҕа быыһынан үөмэн киирэн ойоҕоско ыппыта. Лөкөҋ соһуйан сиэлэн атаралаан эрдэҕинэ иккиһин ыппыта. Тайах түүтэ бурҕайан, иккис ох хатана түспүтэ. Өркөлөй эккирэтэн ыарҕа быыһынан сүүрэн эрдэҕинэ, тайаҕа киниэхэ утары иһэр эбит. Ыы муннуларынан кэтиллээт, Өркөлөй икки салбах муоһуттан харбаабытынан салгыҥҥа адаарыйан тахсыбыта. Тайах төбөтүгэр хатааста сылдьан охтумаары атаҕынан сыҥааҕыттан боллоругуттан кыбыйбытынан ыарҕаны барчалаан барсан иһэр. Маска эрэ сыбаабатар дии саныыр. Этэрбэһин оһуттан быһаҕын оруу сатыыр. Тайах муоһунан сиэлийэн баһын булкуйбутугар, Өркөлөй эргийэн тахсан хоолдьугунан тэлгэнэн, туймаара сырытта. Тайах иккиһин муоһунан өрө баһан таһааран эрдэҕинэ хантан баар буолбута биллибэккэ, Кирис ойон кэлэн батыйанан батары түһээт, буккуйан, ойоҕоһун уҥуоҕун хачыгыраппыта.

Эмис эт эгэлгэтэ буола түспүтэ. Атын сиринэн барбыт боотурдар кэлбиттэрэ. Бары төгүрүччү аргынньахтаан олорон сыалаах эти мотуйаллар. Сорохтор бүлтэс уҥуохтаах мүһэлэри кирэн сииллэр. Атыттар уостарын быһыах айылаах, эти айахтарыгар уобан быһаҕынан быһа сотон сииллэр.

Аттарын хабыалатан сөп буолбучча салгыы атара сэлиинэн айанната турдулар.

4 чааһа

Тоҥ Биистэр түһээйилэнэн олорор түөлбэлэрин Киристээх булбуттара. Өр соҕус чуҥнаан көрбүттэрэ.

Үс тоҥ биис хоһууна утары кэлэн иһэрэ. Кинилэр баалларын билбэккэ, ханна эрэ баран иһэллэрэ. Киристээх кинилэри арыый тэйитэ түһэн баран эккирэппиттэрэ. Онтон Түмэрчэ иннилэрин күөйэ, мастар быыстарынан сүүрбүтэ. Уонна ыллык устун баран иһэр тоҥ биистэргэ утары тахсыбыта. Тоҥ биистэр туос мааскаларын устубуттар. Бадаҕа, дьоҥҥо саба түһэр кыылга үөмэр кэмнэригэр кэтэллэрэ эбитэ дуу. Түмэрчэни көрөөт, муос төбөлөөх батастарын туппутунан кэллилэр. Бэйэлэрин тылларынан тугу эрэ саҥараллар. Түмэрчэ илиитинэн көрдөрөн, сылгыларын ыйыта сатыыр. Биир тоҥ биис үҥүүнэн өтөрү түһэн эрдэҕинэ, Түмэрчэ халбарыс гынаат, сыҥаахха сырбатта, киһитэ тиэрэ таһылла түстэ. Биир урдуһу Кирис кэнниттэн кэлэн тутан ылла. Ону көрөн үһүс киһи атахха биллэрдэ. Киристээх бэргэн ытааччылара оноҕоһунан сырыһыннарда. Бүтэй тыас киһи көхсүтүгэр хатана түстэ. Тоҥ биис көхсө кэдэс гынаат, эргийэн баран тиэрэ кэлэн түстэ. Оноҕос кэннэ чигдигэ охсуллан, курдары тахсан, түөһүн тылынан ырбатын төбөтө быкта. Икки тоҥ бииһи тутан, умса баттаатылар. Илиилэринэн кэпсэтэн, син сылгыларын ханна кистээбиттэрин биллилэр. Тоҥ биистэринэн сирдэтэн буллулар. Сылгылара сороҕо эрэ баар эбит. Кирис атын өттүнэн чуҥната ыыппыт дьоно тоҥ биистэр табаларын эккирэтэ сылдьан батыйанан кэрдэллэр. Оҕунан ытыалыыллар. Бука, абаран, иэстэһэр дьүһүннэрэ буолуо. Кирис тиийэн буойталаата.
Киристээх хааны таһаарбакка, бастаан бу үс киһиттэн сылгылара ханна баалларын билэн баран төттөрү дойдулуур санаалаахтар этэ. Киһи кыайан кэпсэппэт, өйдөспөт, хаҕыс майгылаах урдустар эбит. Бэйэлэрин тылларынан туох эрэ диэн кылана-кылана сирэйдэрэ туос сабыылаах омуктар сорохторо сатыы сүүрэн, атыттара табанан көтүтэн иһэллэрэ.

«Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! “Хаан хааҥҥа!” Киристээх кыргыһардыы сорунан, арҕам-тарҕам ыһыллан маска сөрүөһүннүлэр. Муос төбөлөөх оноҕостор иһиирэн кэлэн тииккэ, бэскэ батарыта түһэллэр. Киристээх кыргыс үөрэҕин барбыт, оччолооҕу көрбүт буолан чаҕыйбакка ытыалаһаллар. Тоҥ биистэр хадаардара-харсаактара сүрдээх эбит. Аһаҕастык сүүрэн киирэн иһэн табыллан умса-төннө түһэллэр. Ньүдьү-балай утары сүүрэн кэлэллэр, этэрбэстэрин тыаһа сырдырҕаан олорор. Дьон табыллар, ыһыы хаһыы. Кирис боотурдара кыанар өттүлэрэ маска хатаастыбыттар, табалаах дьон бу өрө мэҥитэн кэлбиттэригэр мастан эпчиргэлэнэн үрдүлэригэр ыстаналлар. Ким түҥнэри көтөн түһэрэр. Ким утары үөрэҕэстэнэн өлөр саҥата тахсар. Өркөлөй биир сүүрэн кэлбит тоҥ бииһи үҥүүтүн тоһуйан үөрэҕэстээн түһэрдэ. Үҥүүтүн төттөрү сулбу таһыйаат, уҥа-хаҥас кулаталыыр. Кирис дапсынан лабырҕаталыыр. Үстүү-түөртүү киһини биирдэ табар. Муос төбөлөөх үҥүүлээх дьону, сытыы тимир кылыһынан тутум ордон хаалыар диэри быһыта сынньан баран, бэйэлэрин кэрдэллэр. Тоҥ биистэр чаҕыйан атахха биллэрдилэр. Киристээх үс киһилэрин сүтэрдилэр. Кинилэри акка иттэннэри тиэнэн, сылгыларын тобоҕун үүрэн, дойуларын туттулар.

Ол кэнниттэн тоҥ биистэр сылгыларын, сүөһүлэрин майаачылаабат буолбуттара. Атын даҕаны аҕыйах ахсааннаах омуктар бааллара. Тимир сэбилэниилээх сахалартан саллар этилэр. Сорохторун сахалар ир суолларын ирдээн, бэйэлэригэр тардыбыттара. Киһилии сиэринэн балаҕан туттан олорорго үөрэппиттэрэ.

Аҕыйах сылынан Кирис төрөөбүт түөлбэтигэр бара сылдьыбыта. Туох да хаан тохтуута суох кинини билиммиттэрэ.

 

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0